Сииттэбит нэһилиэгэр ахтан аөарбытым курдук сыл аайы Кыайыы уонна аҕам саастаахтар күннэригэр тэрилтэлэр уонна олохтоох урбаанньыттар бэлэх ууналлара, болҕомто уураллара үгэскэ кубулуйбута номнуо ыраатта.
Ол курдук, нэһилиэкпитигэр «Байдам» маҕаһыын тэриллиэҕиттэн эмиэ атын уурбаанньыттар курдук ыытыллар бары тэрээһиннэргэ спонсордаан, бырааһынньыктарга хайаан да болҕомто уурар үгэстээҕин ахтан ааһар тоҕоостоох. Бу күҥҥэ дылы маҕаһыыны көҕүлээн, салайан үлэлэтэ олорор киһиннэн Ольга Левина буолар.
Кини быйыл эмиэ алта тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии оҕолоругар биир тыһыынча сууммалаах сертификаттары бэлэх уунан олус үөртэ — көтүттэ. Нэһилиэкпит кырдьаҕастара урбаанньыттарга, нэһилиэкпит тэрилтэлэригэр улахан болҕомтолорун иһин махталларын, тапталларын тиэрдэллэр. Олохтоох ситим группатыгар махтал тыллар бокуойа суох субурустулар. Кырдьаҕас дьоҥҥо кыра да үтүҥ тыл, болҕомто улахан үөрүү буоларын хаһан да, ханна да умнуллуо суохтааҕын бары билэбит, өйдүүбүт. Манан туһанан үтүө санаалаах дьоммутугар махтал тыл бастыҥын тиэрдэбит. Инникитин Сииттэбит нэһилиэгэ силигилии сайдарыгар өссө күүстээх болҕомто ууран күүс — көмө буолуоххут диэн эрэнэбит.
Марианна Сивцева.