Сииттэ оскуолатын кабинеттарыгар учууталлар ааттара иҥэрилиннилэр

Дойдубутугар 2023 сыл Учуутал уонна Наставник, республикабытыгар Үлэ сыллара биллэриллибитэ. Бөһүөлэкпит быйыл төрүттэммитэ 95 сыла. Бу кэрэбэлиэ даталарга оскуолабытыгар араас үлэлэр былаан быһыытынан ыытылла тураллар.

 Учуутал күнүгэр оскуолабытыгар араас кэмҥэ учууталлаабыт, үөрэммит ыччат дьону сайдыыга – үүнүүгэ сирдээбит учууталларбыт ааттарынан кабинеттары аһыы үөрүүлээхтик аһылынна. Учууталлар, үөрэнээччилэр, ыҥырыылаах ыалдьыттарбытоскуолабыт урукку кэмҥэ үөрэммит билигин нэһилиэкпитигэр ытыктанар дьоммутсахалыы сиэртуом ыытыллыытыгар арчыланнылар.

 Ол курдук, 1 кылаас кабинетыгар ( сал. Винокурова Е.И.) Үлэ Кыһыл Знамя орден кавалера, педагогическай үлэ ветерана, Нам, Чурапчы улуустарын, Сииттэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтоо5о, 20 сыл Кэбээйи улууһугар таһаарыылаахтык үлэлээбит Мария Ивановна Колмогорова, 4 кылаас кабинетыгар ( сал. Дьяконова А.Н.) 1956 сылтан 30-тан тахса сыл Сииттэ нэһилиэгин оҕолорун үөрэххэ – билиигэ уһуйбут, Кэбээйи улууһун бочуоттаах олохтоо5о Сивцева Аграфена Александровна, саха тылын уонналитературатын кабинетыгар (сэб. Яковлева М.А.) оскуолабытыгар өр сылларга завуһунан, директорынан, сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн быыбарданан үлэлээбит, нуучча уонна саха тылларын төрөөбут Сииттэтин ыччатыгар үөрэппит,  сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит,оскуолабытыгар музейы төрүттээбит, Учууталлар учууталлара, СР үөрэҕириитин туйгуна, Кэбээйи улууһун, Сииттэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Попова Роза Васильевна, биология кабинетыгар ( сэб. Попова Т.И.) оскуолабытыгар химия уонна биология учууталынан өр сылларга үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбит, Саха АССР үтүөлээх учуутала, педагогическай үлэ ветерана, Кэбээйи улууһун, Сииттэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Петрова Мария Егоровна, физика кабинетыгар ( сэб. Дьяконов Н.Н.) оскуолабыт выпускнига, новатор учуутал, Саха АССР үтүөлээх учуутала, Н.К.Крупская аатынан премия лауреатаиллиилээх педагог К.Д.Ушинскай мэтээлинэн наҕараадаламмыт, «Дети Саха Азия» международнай фонда стипендиата, Сорос учуутала, Бүтүн Россиятааҕы  «Сыл бастыҥ учуутала — 1992» куонкурус финалиһа, Кэбээйи улууһун бочуоттаах олохтооҕо Слепцова ( Лебедева) Мария Серафимовна  ааттара инэрилиннилэр. Хас биирдии кабинет сэбиэдиссэйдэрэ быыстапка тэрийэн, презентация нөҥүө бу учууталлар олохторун, үлэлэрин билигин үөрэнэ сылдьар үөрэнээччилэргэ кэпсээтилэр. Үөрэппит оҕолоро истиҥник ахтансанаан аастылар. Бу ытыктабыллаах учууталлар төрөппут оҕолоро, аймахтара кабинекка иитэрүөрэтэр улэ көдьүүстээхтик ыытылыннын диэн харчынан көмө оҥордулар.

Дьэ, ити курдук олус үчүгэй, оскуолабыт историятыгар киирэр тэрээhин ыытыллыбыттан үɵрдүбүт, инникитин үɵрэххэ, үлэҕэ дьулуhуубут ɵссɵ  үрдүɵ дии саныыбыт.

Василина Петрова – Сиитэ орто оскуолатын 8 – с кылааhын үɵрэнээччитэ