Сииттэ нэһилиэгин киэн туттар ыала

Быйыл саас Кэбээйи улууһугар, нэһилиэктэринэн приемнай дьиэ кэргэттэр күрэхтэрэ ыытыллар диэн балаһыанньа кэлбитэ. Ол күрэҕи сэргээн, үөрэтэн, Марианна, Иван Захаровтары кытталларыгар көрдөспүппүт. Иваннаах, Марианна быһа гыммакка сөбүлэһэн, сыыйа — баайа бэлэмнэнэн барбыттара. Кинилэр барыта 7 оҕону, ол иһигэр 3 уол, 4 кэрэчээн кыргыттары, төрөппүт оҕолорун курдук, олус маанытык көрө — истэ сылдьаллар.

Күрэххэ кытталларыгар анкеталарын толорон, бары ирдэбиллэрин ситэрсэн, көмөлөһөн, түбүктээх үлэ саҕаламмыта. Фотозона оҕорон хаартыскаларга түһэртээн, бүтэһигэр Захаровтар дьиэ кэргэттэрин күннээҕи олохторун — дьаһахтарын барытын толору кэпсиир олус бэртээхэй видео таҥыллан тахсыбыта. Ол гынан суол суоҕуттан күрэхпит кыайан буолбатаҕа. Санааларын түһэрбэккэлэр кэтэхтэн кыттыыны ылбыттара. Кэбээйибит улууһугар бастыҥнар ахсааннарыгар киирэннэр, Саха Республикатын улахан күрэҕэр кыттар тууру холкутук ааспыттара.

Захаровтар дьиэ кэргэттэрэ 40-ча төбө сүөһүлээхтэр, 20-тэн тахса перепелкалаахтар, 10-тан тахса кууруссалаахтар, 10-ка индюк икки араас боруодатын туталлар, икки сибиинньэлээхтэр. Былырыыҥҥаттан үөрэтэн, быйыл пасека тэриммиттэрэ. Инньэ гынан быйыл 70 кг натуральнай мүөт ылан, үөрүүлэрин үөрэ — көтө бар дьонноругар үллэстибиттэрэ.

Иван, Марианна олус сүрэхтээх — бэлэстээх дьоннор, кинилэр оҕолорун үлэннэн иитэр услуобуйаны барытын олус сөптөөхтүк тэрийэн олороллор. Ыал ийэтэ оҕуруот арааһын олордон, кырачаан кыргыттарын илдьэ сылдьан үөрэтэр — такайар. Ыал аҕата Иван уолаттарын, эр киһи үлэтигэр бэртээхэйдик сыһыаран, оттоон — мастаан өрүү илдьэ сылдьар. Онон кинилэр оҕолоро ийэлээх аҕалаах холобурдарынан үтүө-мааны дьон буола улаатыахтара диэн эрэлбит улахан.

Захаровтар эйэлээх дьиэ кэргэттэрэ, Саха Республикатын үрдүнэн 20 сыл стажтаах приемнай дьиэ кэргэттэри кытта күрэххэ тэҥҥэ хардыылаһан, бастыҥнар ахсааннарыгар киирбиттэрэ. Республика үрдүнэн финалистар үрдүк аатын ыланнар үтүө холобур буолаллар, биир дойдулаахтара киэн туттабыт. Захаровтар дьиэ кэргэттэригэр дьолу — соргуну, доруобуйаны, сырдыгы, кэрэни эрэ баҕарабыт.

Марианна Сивцева.