Саҥа үөрэх дьыла саҕаланар, таас оскуолабыт арыллар үөрүүлээх күнүн көрсө

Балаҕан ыйын 2 күнүгэр Сайылык сэлиэнньэтигэр бэлиэ түгэн үүнүө — Танара орто оскуолатын саҥа тутуллубут таас оскуолатын үөрүүлээх арыллыыта буолар.

Танара орто оскуолатын өрөгөй ырыата.

Тупса тур, оскуолам!
Сардана Самсонова тыла,
Роман Степанов матыыба.

Оскуолам – бигэнэр биһикпит,
Билиигэ-көрүүгэ сирдьиппит.
Оскуолам – биһиги эрэлбит,
Үйэттэн үйэҕэ кэскилбит.

Хос ырыата:

Чэлгийэ тур! Чэчирии тур,
Оҕо сааспыт оскуолата!
Туругура, тупса турдун,
Оҕо сааспыт оскуолата!

Оскуолам – кэлэргэ кэскилбит,
Саҥаттан саҥаҕа хардыыбыт,
Үрдүктэн үрдүккэ дьулуурбут,
Кэрэмэн кэрэҕэ айаммыт.

Сайылык сирэм күөх сиригэр
Үөрэнэр үтүөкэн кыһабыт
Үөрэххэ, үлэҕэ уһуйар,
Сырдыктан сырдыкка угуйар.

Норуот айымньытын айааччы, ыччат наставнига Николай Федотович Егоров-Ньукулай Бөдүөт

Оскуолабар

Өкүчү үрдүк сыырыгар
Сырдык сардаҥатын ыһа,
Күлүмүрдүү-чаҕылыҥныы
Турар эбит оскуолам.

Оҕо туҥуй сүрэҕим
Олус долгуйан,
Ол кэрэ көстүүнү
Көрө турбуппун умнубаппын.

Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ
Көмүс кыымы ыһаҕын,
Оҕолоргун олох суолугар
Куорсун анньан көтүтэҕин.

Киэн туттабын —
Эн ииппит оҕолоруҥ Дьоҥҥо дьолу аҕаланнар,
Дьоллоох олоҕу туталлар.

Олус да күндү эбит
Оскуолам уонна учууталларым,
Оонньуу-үөрэнэ сылдьыбыт
Оҕо сааһым.

Көмүс кыымы ыһа тур
Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ,
Киһи-аймах киэн туттар
Ыччаттарын иитэ тур.

Оскуолабар

Сырдыктан сырдыкка,
Үрдүктэн үрдүккэ
Уһун уон сылларга
Үөрэммит оскуолам.
Күндүттэн күндүбүн,
Билиигэ биһикпин –
Өрүүтүн өйдүөҕүм,
Үөрүүнэн ахтыаҕым.
Кып-кыра бэйэбин
Кынаттаан көтүппүт,
Үөрүүбүн үксэппит,
Үөрэппит дьоннорбор
Эдэркээн сүрэҕим
Иһирэх иэйиитин,
Ис дууһам махталын
Анааммын ыллыыбын.
Сүрэҕим төлөнө
Сырдатар суолунан
Сырдыгы тарҕатыам,
Олоҕу тутуһуом.

Суруналыыс, суруйааччы Иван Иннокентьевич Егоров-Танаринскай

Чуораан

Эмиэ көрсөр лыҥкыначчы
Эҕэрдэлии чуораан тыаһа,
Иһиллэр онно чуо бааччы
Оҕо сааһым көр куолаһа.
Чугдаар, чугдаар өрүү эдэр
Чобуо тыллаах чуораанчыгым.
Сүрэх ахсыыр күннэригэр
Сүүс да сааспар ахта саныам.

Оҕолорбор

Оҕолорбор
Оонньуу-күлэ таарыйа этэбин:
“Отоннооҕор
Оччугуй да туһа үчүгэй” диэммин.
Ходуһаҕа
Хойуу да хойуу бугулла туруораарыҥ,
Хаппыыстаҕа хараан киэһэ
Элбэхтик уута кутаарыҥ.
Үлэ дьолун
Үллэстэр туһа дьоно дэтэҥҥит,
Үөрэн-көтөн,
Үөрэнэ сырдык кылааска киириэххит.
Оҕолорбор
Оонньуу-күлэ таарыйа этэбин:
“Отоннооҕор
Оччугуй да туһа үчүгэй” диэммин.
Бэлэм буол. -1976 с., тохсунньу 1 күнэ

Олохтоох мелодист, хоһоонньут Василий Алексеевич Григорьев-Сэһэн Баһылай

Төрөөбүт дойдубар тапталым…
Василий Григорьев тыла, матыыба

Сиэркилэ көлүччэҥ уутугар сууна,
Хатыҥнаах чараҥым суугунун истэ,
Төрөөбүт эбиппит бу кэрэ сиргэ,
Күн сирин көрбүппүн орто дойдуга.

Сааһыран, сыл-хонук аастаҕын аайы
Эйиэхэ тапталым күн-түүн күүһүрэр.
Этиэхтэн кэрэҕин, төрөөбүт дойдум,
Түүн түһээн, бэл, түүлбэр кытта көстөҕүн.

Эйигин көрсүһэн, күүс-күдэх ыла,
Өй-санаа буомурбут саппаҕын ыһа,
Олоҕум устата өйөбүл була,
Эргиллэ туруоҕум бу кэрэ сиргэ.

Сааһыран, сыл-хонук аастаҕын аайы
Эйиэхэ тапталым күн-түүн күүһүрэр.
Сыл аайы тупсаҥҥын киэркэйэ туруоҥ,
Үйэлээх тапталым – төрөөбүт дойдум!

Историк учуутал, кыраайы үөрэтээччи, суруйааччы Ионов Семен Семенович-Сеса

Санаа

Нарын-намчы,
Түргэн, ньымса,
Истиҥ, иһирэх,
Сылаас тыыннаах,
Угуттуур ураты
Дьоҕурдаах
Туох баар эбит
Диэтэргит,
Этиэм этэ
Саараабакка:
Бу –
Бурдук суонагар
Сиэрпэ туппут,
Элэҥнэспит
Ийэм имигэс
Илиилэрэ.
Бу –
Тостор, тоһуттар
Тоҥот саҕана
Булт соноругар
Хайаттан анньыммыт
Аҕам хайыһарын суола.
Бу –
Сукка-курааҥҥа
Дьонун өллөйдөөрү
Илим баайбыт,
Ардьа өрбүт
Эһэм аптаах
Тарбахтара.
Бу –
Иринньэх-аһаах,
Ыалдьар-сүтэр
Оҕо сааспар
Өлбөт мэҥэ
Уутун тэҥэ
Эбэм эмтээх ытыһа.

Тыл туһунан

Хоһоону суруйуу –
Күн көмүс утаҕын
Тутарга холонуу.
Хоһоону суруйуу –
Күөх халлаан түгэҕин
Көрдүүргэ дьулуһуу.

Саха тылын уонна литературатын учуутала Дьяконов Е. И. салайбыт Танара орто оскуолатын ”Сыккыс” литературнай куруһуогун чилиэнэ, олохтоох ааптар, алгысчыт Валентина Ивановна Кондакова-Айтыына

Оҕо сааһым оскуолата
Валентина Кондакова тыла,
Петр Азаров матыыба.

Үөрэнэр сылларбыт кэрэлэр,
Билиигэ-көрүүгэ сирдииллэр.
Ыраас, сырдык санааларбыт
Ыраахха угуйар курдуктар.

Билии сырдык сардаҥатын
Оҕолорго бэлэхтээн,
Уруоктан уруогу уруйдаан,
Чуораан тыаһа чугдаарар.

Ахтар-саныыр оскуолабыт,
Күүтэр сырдык кылаастарбыт,
Үөрэххэ угуйар учууталбыт
Күндүттэн күндүгүт биһиэхэ.

Улахан олох аартыгар
Атаараллар алгыһынан,
Сайыһа хаалар оскуолабыт
Күлүмүрдэс түннүктэрэ.

Матырыйаалы бэлэмнээтэ Светлана Самсонова, Мукучу.