ТҮӨС ААЙЫ ТӨЛӨННӨӨХ ХААЛТЫСПЫТ УМАЙАР, ДЬОЛЛООХ СААС ЭРЧИМНЭЭХ ЫРЫАТА ДУОРАЙАР.
Саха Сиригэр пионерия тэриллибитэ 100 cылын көрсө Кэбээйитээҕи кыраайы үөрэтэр түмэлгэ сэргэх тэрээһин буолла.
Бу тэрээһини, олунньу 14 күнүгэр, Кэбээйи орто оскуолатын иһинэн үлэлиир түмэл салайааччыта Егорова Марина Ивановна уонна нэһилиэк түмэлин эскурсовода Максимова Айталина Анатольевна иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Ол курдук, Саха сиригэр пионерия хамсааһына хаһан тэриллибитин, бастакы лааҕырдар, бастакы турслеттар тустарынан Марина Ивановна иһитиннэрии оҥордо. Мустубут оҕолор уонна улахан дьон инники сылларга үлэлээбит пионер-баһаатайдары олус истиҥник аҕыннылар Олеся Неустроева, 8 кылаас үөрэнээччитэ, Томтор оскуолатыгар пионерскай этэрээт тэриллиитин,дружинаҕа Тимофей Егорович Сметанин аата иҥэриллибитин уонна бастакы лааҕырдар тустарынан кэпсээтэ. Маны таһынан Кэбээйи оройуонун бастакы анал үөрэхтээҕэ, РСФСР Норуотун үөрэҕириитин туйгуна, поэт Иван Романович Петров,1938 сыллаахха Кэбээйигэ тэриллибит М.Горькай аатынан пионерскай лааҕырга начальниктаабытын оҕолорго билиһиннэрдэ.
Айта Николаева, 8 кылаас үөрэнээччитэ, Кэбээйи оройуонугар аан бастакы пионерскай сүлүөт 1949 сыллаахха ыытыллыбытын сырдатта. Манна истибитиппитэн, Кэбээйи, Ньидьили уонна Тыайа оскуолаларыттан уопсайа 49 делегат кыттыбыт. Бу сүлүөккэ Кыһыл знамя оройуоннааҕы пионерскай тэрилтэҕэ туттарыллыбыт уонна пионер-баһаатай Егорова Анна Михайловна андаҕар биэрбит диэн “Саҥа олох” хаһыакка бэчээттэммитин көрдүбүт.
Тэрээһин иккис аҥарыгар араас сылларга Кэбээйи орто оскуолатыгар пионер-баһаатайынан үлэлээбит, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Матрена Симоновна Софронеева, алын кылаас учууталлара Матрена Григорьевна Шапошникова уонна Татьяна Ивановна Максимова ыҥырыылаах ыалдьыт буолан, оччотооҕу пионерскай сокуоннары, тэриллэри, пионерскай сбордары, тимуровскай үлэлэр тустарынан олус интэриэһинэйдик кэпсээтилэр.
Түмүккэ мустубут оҕолор үс хамаанданан арахсан, пионердар тыыннарыгар киирэн, оонньууну көҕүлүттэн туттулар, олус астынан тарҕастылар.
«Дьоҕур» медиакиин, Кэбээйи орто оскуолата