1939 с. олунньу 14 күнүгэр Саха АССР НКС-н 140 №-х ыйааҕынан ойуур хаhаайыстыбата К.Г. Аникин үлэтигэр олоҕуран тэриллибит. Константин Георгиевич Аникин 1938 сыллаахха Ленинградтааҕы лесотехническэй академияны бүтэрэн Саха сиригэр ананан кэлбит. Тыйыс айылҕалаах Саха сирин күɵх суугун тыатын сиhилии билсэн, үɵрэтэн ойуур уопсай туругун, экономическай ырытыытын уонна ойуур хаһаайыстыбатын тэрийии торумун Саха АССР Правительствотыгар дакылааттаабыт. Бу докумуоҥҥа тирэҕирэн 9 киһилээх бастакы лесничество тэриллэн үлэтэ саҕаламмыт. Лесной объездчиктар ойууру үɵрэтэн маһы кэрдиини бэрээдэктииргэ, харыстыырга элбэх ɵйдɵтɵр үлэни ыыппыттара. “Биhиги тэрилтэбитигэр урукку ɵттүгэр үгүс үтүɵ үлэhит дьон үлэлээн ааспыттара. Ойуур хаhаайыстыбата сэбиэскэй кэмҥэ сайдан үрдүк таhаарыылаахтык үлэлээбитэ: 1500 үлэhиттэнэ сылдьыбыттара, сүүстэн тахса сɵмɵлүɵт баара. Ойуур баhаара уруккаттан баар этэ. Ону утары былааннаахтык үлэлиирбит. Улахан баhаардарга дэлби тэптэриилэри (взрывчатай) туттарбыт. Саамай кыhалҕа кыhыҥҥы баhаары – торфяниктары умуруоруу этэ”, – диэн СƟ норуотун хаhаайыстыбатын үтүɵлээх үлэhитэ, ойуур хаhаайыстыбатын ɵр сылларга салайбыт Вячеслав Степанович Олесов үбүлүɵйгэ аналлаах Саха НКИК ТВ биэриигэ кэпсээбитэ.
Cаха сирин ойуура дойдубутугар саамай киэҥ сиргэ тайаан сытар, уопсай иэнин биэс гыммыт биирэ. Ааспыт сылга Саха сирэ Россияҕа эмсэгэлээбит ойууру чɵлүгэр туhэриигэ бастакы миэстэ буолбута. Эдэр специалистары бэлэмнээhиҥҥэ, саҥа ньымалары кɵрдɵɵhүҥҥэ араас ɵрүттээх үлэ ыытыллар.
Үбүлүɵйдээх кэминэн Кэбээйи нэhилиэгин лесничэйэ Юрий Дмитриевич Находкинтан үлэтин туhунан кэпсииригэр кɵрдɵстүм:
-Үлэҕитигэр туох уустуктары кɵрсɵҕүтүй? Улууспут географическай балаhыанньатынан саас, сайын, күhүн үгүс нэhилиэктэргэ суол-иис суоҕа үлэбитин күүскэ атахтыыр, уустугурдар. Ону тэҥэ лесниктэр тиийбэттэр. Хас биирдии нэhилиэк аайы саатар биирдии лесник баара буоллар. Уонна суолбутугар эппиэттиир техниканан хааччыллыы олох мɵлтɵх.
— Биир дойдулаахтаргар туох баҕа санаалааххын?
— Нэhилиэнньэҕэ баҕа санаам бу тɵрɵɵбүт-үɵскээбит сирбитигэр-уоппутугар, иитэр-аhатар Ийэ айылҕабытыгар харыстабыллаахтык сыhыаннаhыахайыҥ. Чɵл туругу, ситиhиилээх үлэни-хамнаhы, байылыат, иллээх-эйэлээх олоҕу баҕарабын.
Юрий Дмитриевичкэ кэпсээнигэр махтанабын, чэгиэн доруобуйаны, бары үтүɵнү, баҕа санаалара туоларыгар баҕарабын.
Дойдубут Президенэ В.В. Путин Федеральнай Мунньахха туhаайыытыгар экологическай боппуруоска ураты болҕомтото, ойуур хаhаайыстыбатыгар үлэлиир испэсэлиистэр хамнастарын үрдэтэр наадалааҕын этиитэ бу хайысхаҕа сайдыыны, эрэли үɵскэтэр.
Вера Заровняева, Кэбээйи