Саха сатаабатаҕа суох

«Кыһын тымныы эрээри, дьоллоох дьоҥҥо ичигэс» диэн этии биһиги бүгүн кэпсиир киһибитигэр сыһыаннаах диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Куокуй нэһилиэгин олохтооҕо Давыд Иванов атах таҥаһын оҥоруутунан дьарыктаммыта 10 тахса сыл буолбут. Кини хаатыҥканы саҥардан, булчуттар, айанньыттар санааларын истэн Сахабыт сирин тыйыс тымныытыгар табыгастаах гына уларытан оҥорор эбит. 

«Кыһын киһи атаҕа аллараа өттүнэн наһаа тоҥор», — диир Давыд Геннадьевич. Атахтарын таҥаһа киэҥ-куоҥ, истээх кээнчэлээх, хаар киирбэтин диэн эмиэ толкуйданан тигилллибит. Ону таһынан, быһаҕы уктар туспа сиэптээх. Айаҥҥа, бултка-алтка, дьиэ да таһыгар үлэлииргэ туһалаах, табыгастаах. 

«Киһи саха быһаҕынан туһаннын диэн кыынын кытта угуллар сиэптээх. Халыҥ истээх ыстаанынан холкутук кэтиллэр. Киһи кыһалҕата элбэх буоллаҕа. Холобур, бураанынан айаннаан иһэн быһаҕы онтон-мантан хостуу олорбокко, мантан ыларыҥ түргэн», — диэн маастарбыт хаһыаппыт кылаабынай эрэдээктэригэр Виктор Эверстовка көрдөрөр.

Атах таҥаһын тигиитинэн дьарыктанар киһи үгүс. Көрөргүт курдук Давыд Геннадьевич бэйэтэ көрүүлээх-истиилээх, туспа ньымалардаах. Атах таҥаһын тигиитинэн эрэ буолбакка, унтуу эмиэ улларар, сакаастары ылар. Саха сатаабатаҕа суох.

Видео, хаартыскаҕа түһэриилэр: Виктор Эверстов.

Суруйда Татьяна Левина.