Аан дойдутааҕы Учуутал күнэ алтынньы 5 күнүгэр бэлиэтэнэр. Бу күнү 1994 сыллаахха ЮНЕСКО олохтообута. Сэбиэскэй Сойууска Учуутал күнэ — 1965 сылтан 1993 сылга дылы — алтынньы маҥнайгы өрөбүлүгэр бэлиэтэнэрэ.
Учуутал күнүнэн бу идэни талбыт, олохторун анаабыт убаастабыллаах учууталлары, иитээччилэри, эбии үөрэхтээһин педагогтарын, педагогическай үлэ бэтэрээннэрин итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Бүгүн биһиги Арассыыйа үрдүнэн Педагог уонна уһуйааччы, Саха сиригэр Үлэ сылларынан уонна Учуутал күнүнэн Эверстовтар педагогическай династияларын билиһиннэрэбит.
Хас биирдии киһи олоҕо бүтүн история биир страницата. Үлэһит үтүө дьоннордоох буоллаххына, олоҕуҥ кэрдиис кэмигэр биллэр суолу-ииһи хааллардаххына, эн аатыҥ үйэлэргэ хаалыа, дьон-сэргэ өйдөбүлүгэр бэлиэ суолу хаалларыа.
Эверстовтар дьиэ кэргэн Кэбээйи нэһилиэгэр эрэ буолбакка, улуус, республика историятыгар педагогическай династия быһыытынан биллэр. Биһиги аҕабыт Эверстов Егор Егорович үөрэммит, үлэлээбит оскуолата билигин кини аатын сүгэр. Педагогическай династияны кини кыра кыыһа Обутова Анна Егоровна салҕаан билигин үөрэммит оскуолатыгар директорынан үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьар.
Биһиги аҕабыт Эверстов Егор Егорович Бүтэй Бүлүү Лүүчүнүттэн төрүттээх, эмис соботунан аатырар Ньидьили эбэ хотунтан тардыылаах. Кини 1928 сыллаахха Нидьилигэ төрөөбүтэ. Аҕата Егор Степанович Эверстов Чагдаҕа «Молотов» колхозка биир бастакынан киирбитэ, сэрии сылларыгар председателинэн үлэлии сылдьан ыалдьан өлөн хаалар. Онон аҕабыт бииргэ төрөөбүт эдьиийин уонна балтын кытта сэрии ыар-аччык сылларын эттэринэн-хааннарынан билэн, сут-кураан дьыллары этэҥҥэ туораан, үөрэхтээх үлэһит дьон буолар баҕаларын чиэстээхтик толорон бары учуутал идэтин баһылаабыттара.
Аҕабыт Егор Егорович Дьокуускайдааҕы педагогическай институту ситиһиилээхтик бүтэрэн саха тылын уонна литературатын учууталынан Кэбээйи орто оскуолатыгар ананан кэлбитэ. Уонна 35 сыл устата олоҕун үтүө кэмнэрин эдэр көлүөнэни иитиигэ-үөрэтиигэ анаабыта, онтон 28 сыл оскуола директорынан үлэлээбитэ, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала буола үүммүтэ.
2002 сылтан Кэбээйи орто оскуолата кини аатын сүгэр. Оскуолаҕа кини аатын иҥэриигэ кини коллегата, доҕоро Полятинскай Николай Иванович, Ил Түмэн депутата Местников Гаврил Гаврильевич, улуус баһылыга Гуляев Алексей Алексеевич сүүрэн-көтөн, туруорсан, улахан өҥөлөөхтөр, тугунан да кэмнэммэт үтүөлээхтэр.
«Егор Егорович киһи да, үлэһит да быһыытынан уратылаах, бэлиэ киһи этэ. Кини этэ буоллаҕа дии, үлэлээн-хамсаан күлүмэхтээн, этэн-тыынан, күлэн-салан, ардыгар дьарыйталаан, чахчы салайан кэлээр диэбит киһилэрэ», — диэн бэйэтин ахтыытыгар Петр Назарович Репин, Саха республикатын культуратын туйгуна, 26 сыл устата Кэбээйи орто оскуолатыгар история учууталынан, кылааһы таһынан иитэр үлэни тэрийээччинэн үлэлээбит коллегата суруйбута.
Кырдьык, биһиги аҕабыт Намҥа оскуолаҕа да, пединститукка да үөрэнэр кэмнэригэр бастыҥ студент, талааннаах спортсмен быһыытынан биллэрэ. Устудьуоннуу сылдьан Василий Семенович Яковлевы-Даланы, Михаил Спиридонович Ивановы-Багдарыын Сүлбэни, Дмитрий Дмитриевич Поповы “Холбос” потребобщество бэрэссэдээтэлин кытта бииргэ волейболлаан, хайыһардаан пединститут чиэһин элбэхтик көмүскээбиттэрэ. Башарин дьыалатынан хаайыыга сытан тахсыбыт Багдарыын Сүлбэ үлэ булбакка сылдьыбытын Кэбээйигэ ыҥырбыта. Михаил Спиридонович икки сыл оскуола директорынан үлэлээн баран Бүлүүтээҕи педучилищеҕа директорынан ананан барбыта. Михаил Спиридонович барарыгар эстафетатын Егор Егоровичка хаалларан барбыта.
Егор Егорович үлэ туһа диэн утуйар уутун умнан, эдэрдии эрчимин уҕарыппакка, уоскуйар, наҕылыйар диэни билбэккэ дьүккүөрдээхтик үлэлээбитэ.
Учуутал үөрүүтэ үөрэнээччилэрин ситиһиилэрэ. Кини хас эмэ сүүһүнэн үөрэппит оҕолоро республика араас муннуктарыгар тарҕанан үлэһит үтүөтэ, бастыҥ дьиэ кэргэн буолан олороллоруттан олус үөрэр, долгуйар, киэн туттар этэ. 1985 сыллаахха 50 сыллаах үбүлүөйү үрдүк тэрээһиннээхтик тэрийэн ыыппыта. Ытыктыыр учууталлара, аҕа табаарыстара Василий Егорович уонна Мария Ивановна Колмогоровтар, саха тылыгар үөрэппит убаастыыр учуутала Федора Ивановна Никонова ыҥырыылаах күндү ыалдьыт буолан кэлбиттэриттэн олус долгуйбута, үөрбүтэ. Барҕа махтал тылларын этэн кинилэр итэҕэллэрин толорбутуттан өссө төгүл дьоллооҕун биллэрбитэ.
Биһиги аҕабыт ыарахан ыарыыга ылларан Москваҕа эмтэнэ барбытыгар биир бастакынан үөрэппит оҕото Василий Васильевич Колмогоров, оччолорго Россия прокурорун солбуйааччыта түбүктээх үлэтигэр быыс-бириэмэ булан Ньидьили соботун буһаран аҕалан көрсүбүтүн улаханнык долгуйан, үөрэн, астынан туран кэпсээбитэ. «Сааһым тухары оҕо иитиитигэр үлэлээн сыыстарбатах эбиппин, үөрэппит оҕолорум мин туспар итии кыһамньыларын, үтүө санааларын биллим, ол олус күндү буолар эбит», — диэн. Бу ыарахан кэмнэргэ үөрэппит оҕолоро көмө-ама, өйөбүл-тирэх буолбуттарыгар биһиги дьиэ кэргэн улахан махталлаахпыт.
Аҕабыт Эверстов Егор Егорович аата-суола үйэтитилиннэ:
— Олорбут уулуссата кини аатынан ааттанна;
-2002 сыллаахтан Саха республикатын Правительствотын дьаһалынан Кэбээйи орто оскуолатыгар кини аата иҥэрилиннэ;
-2002 сылтан “Саха Республикатын оскуолатын үтүөлээх учуутала Е.Е. Эверстов аатынан оскуоланы бүтэрэр выпускникка” стипендия олохтонуллубута.
Улахан эдьиийбит Анна Егоровна Дьокуускайдааҕы педучилищены бүтэрэн Кэбээйи сэттэ кылаастаах оскуолатыгар алын сүһүөх кылаастарга учууталынан, ону таһынан пионербаһаатайынан 7 сыл үлэлээбитэ. Онтон кэргэн тахсан Дьокуускай куоракка көспүтэ. Кэргэнэ Павлов Никифор Петрович Горнайтан төрүттээх, саха бастакы авиатордарыттан биирдэстэрэ. ПО-2 самолетунан Кэбээйи нэһилиэгэр рейскэ сылдьыбыт. Ол биричиинэтэ – биһиги эдьиийбит Анна Егоровна эбит. Эдьиийбит үөрэппит оҕото, Дьокуускай куорат олохтооҕо Светлана Петровна Пестерева (Сивцева) ахтар: «Нэдиэлэҕэ биирдэ кыра самолет кэлэрэ. Ол летчигын кытта биһиги тапталлаах учууталбыт Анна Егоровна доҕордоһоллор эбит, кэнники өйдөөтөхпүнэ. Биирдэ учууталбыт эттэ: «Ким нэдиэлэни быһа наар «5», «4» сыананы ылбыт, самолетунан көтүөҕэ». Биһиги тыа оҕолоро массыынаҕа да олорсо иликпит, онтон сыалай самолет туһунан түһээн да баттаппат этибит. Онон бары сыал туруорунан үөрэхпитигэр кыһаллар буоллубут. Онтон дьэ үөрүүлээх түгэн үүннэ. Самолет көтөн кэллэ. Биһиги бары Билиигэ бардыбыт. Иккилии оҕону олордон самолеппут үөһэ көтөн таҕыста. Бөһүөлэги эргийэ көттүбүт. Туохха да бэриллибэт дьикти иэйии биһигини кууспута. Ол түгэн билиҥҥэ диэри биһи сүрэхпитигэр баар». Эдьиийбит кэнники кэргэнин кытта Дьокуускайдааҕы аэропорт начальнигынан үлэлээн Аэрофлот ветерана буолбута.
Аҕабыт бииргэ төрөөбүт балта Эверстова Анна Егоровна нуучча тылын уонна литературатын учууталынан Кэбээйи орто оскуолатыгар 9 сыл үлэлээбитэ. Бу кылгас да кэмҥэ үлэлээтэр, кини бастыҥ учууталлар ахсааннарыгар киирсэн үлэтин опытын республикаҕа тарҕатары ситиспит методист учуутал буолан РСФСР үөрэҕириитин туйгунугар тиийэ үүммүтэ. Олоххо активнай позициялаах эдэр учууталы Кэбээйитээҕи партия райкомун секретарынан талбыттара. Кэнники Москваҕа Үрдүку партийнай оскуоланы бүтэрэн 15 сыл Дьокуускай куораттааҕы партия комитетын секретарынан үлэлээбитэ, Саха Республиктын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ буолбута.
Анна Егоровна 1965 сыллаахха бастакы уонна соҕотох выпуһун оҕолорун олох киэҥ аартыгар атаарбыта. Кини үөрэппит оҕолоруттан 6 кыыс нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин таланнар, учууталлара тэлбит суолун салҕаабыттара, үрдүк ситиһиилэммиттэрэ:
1. Терехова Лидия Терентьевна, Саха Республикатын үтүөлээх учуутала, РФ үөрэҕириитин туйгуна, методист-учуутал.
2. Адамова Раиса Семеновна, РФ үөрэҕириитин туйгуна, методист-учуутал.
3. Ноговицына Татьяна Максимовна, РФ үөрэҕириитин туйгуна.
4. Спиридонова Мария Прокопьевна, РФ үөрэҕириитин туйгуна.
5. Иванова Роза Андреевна, РФ үөрэҕириитин туйгуна.
6. Мальцева Галина Васильевна, 14 сыл Танара орто оскуолатыгар, Мукучу нэһилиэгин администрациятыгар специалиһынан үлэлээбитэ.
1963 сыллаахха Саха сиригэр аан бастаан телевидение үлэҕэ киирбитэ. Республика олохтоохторо «күөх экран» нөҥүө сонуннары, киинэлэри көрөр-истэр дьолломмуттара. Анна Егоровна республика учууталларыттан биир бастакынан үлэтин опытын «күөх экран» нөҥүө кэпсээбитэ, сэҥээриини ылбыта. Бу биэриигэ Анна Егоровна үөрэнээччилэрин уруһуйдарын туһанан саха оскуолатыгар нуучча литературатын үөрэтиигэ бэйэтин үлэтин опытын долгуйа кэпсээбитин туһунан ахтара. Уруһуйдары барытын кини үөрэнээччитэ Миша Максимов айбытын киэн тутта хойукка дылы махтанара. Михаил Павлович оскуола кэнниттэн баҕатын толорон изо, черчение учууталынан үлэлээбитэ, кэлин Дьокуускай куоракка олохсуйан, оҕо художественнай оскуолатын директорынан 20 сыл өрө таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, культура туйгуна үрдүк ааты ылары ситиспитэ.
Анна Егоровна үлэтин опытыгар тирэҕирэн Кэбээйи орто оскуолата Учууталлар идэлэрин үрдэтэр институт тирэх оскуолата буолбута, университет студеннара педагогическай практикаларын оскуолаҕа баралларыгар салайааччынан анаммыта.
1965 сыллаахха Анна Егоровна Эверстова Учууталлар VI съезтэригэр үрдүк трибунаттан дириҥ ис хоһоонноох этиини оҥорбута. ХХ үйэ бастыҥ учууталларын опытын тарҕатар «Педагогическай үлэ маастардара» брошюраҕа үлэтин опыта тарҕаммыта.
Биһиги ийэбит Анна Петровна Эверстова (Бурцева) үлэһит үтүө дьоннордоох Уус-Алдантан төрүттээх, үрүҥ илгэни үксэтэр удьуор үлэһит Бурцевтар сиэннэрэ. Эбэтэ Ульяна Прокопьевна Бурцева саха дьахталларыттан биир бастакынан үрдүк кирбиини ситиспитин иһин Үлэ Кыһыл знамята орденнаах ыанньыксыт. Кини улахан уола, Анна Петровна аҕата, Петр Васильевич Бурцев Аҕа дойду Улуу сэриитигэр охсуһуу хонуутугар охтубута. Иккис уола Николай Васильевич Бурцев биллиилээх ыанньыксыт, Үлэ Кыһыл Знамята, Октябрьскай Революция, Бочуот Знага орденнар кавалердара. Анна Петровна бииргэ төрөөбүт эдьиийин кэргэнэ Бурцев Тимофей Андреевич эмиэ республикаҕа биллэр ыанньыксыт, Ленин, Үлэ Кыһыл Знамята орденнар кавалердара.
Анна Петровна ийэтинэн эһээтэ Говоров Иван Иванович – биллиилээх олоҥхоһут, тойуксут, алгысчыт. Кини 1945 с. «Кыайыы ыһыаҕа» диэн киинэҕэ алгысчыт быһыытынан уһуллан үйэлэргэ өйдөбүнньүгү бар дьонугар хаалларбыта.
Анна Петровна Дьокуускайдааҕы учительскай институту бүтэрэн Кэбээйигэ ананан кэлбитэ быйыл 70 сыл буолла. Эдэр учуутал кыыс ананан кэлиэҕиттэн 30 сыл саха тылын учууталынан үлэлээбитэ. Кини үөрэппит оҕолоро Егорова Ирина Петровна, Васильева Анна Николаевна, Тимофеев Савелий Николаевич, Левин Иннокентий Наумович саха тылын, литературатын учууталларынан кинини кытта бииргэ үлэлээбиттэрэ.
Эверстовтар дьиэ кэргэн 4 оҕолоохтор, онтон кыргыттара төрөппуттэрин туйаҕын хатаран учуутал идэтин ылбыттара.
Улахан кыыс Сахасталина Егоровна Сметанина – биология, химия учуутала. Саха государственнай университетын бүтэрэн баран 2 сыл Тааттаҕа (оччолорго Алексеевскай оройуон) Ытык-Күөлгэ үлэлээбитэ. Бу кылгас кэмҥэ Сахасталина Егоровна бастыҥ комсомолка, активистка, спортсменка буолан истиҥ өйдөбүлү олохтоохторго хаалларбыта. Учууталлар ортолоругар хайыһар күрэҕэр бастаабыта, волейболга, баскетболга учууталлар хамаандаларыгар киирэн улууска кыайаллара. Кыайыы күнүгэр ыытыллар легкоатлетическай эстафетаҕа Таатта нэһилиэгин хамаандатыгар сүүрэн иккис бочуоттаах миэстэни ылары ситиспиттэрэ. Кылаас салайааччытын быһыытынан үлэлииригэр кини кылааһын оҕолоро үлэ-сынньалаҥ лааҕырын тэрийэн күрүө тутуутугар үлэлээбиттэрэ үрдүк ситиһиилэнэн Армения – Грузия маршрутунан туристическай путевканан наҕараадаламмыттара. Үөрэппит оҕолоро билигин да сибээстэрин быспаттар, дьиҥнээх доҕор, дьүөгэ быһыытынан билинэллэр.
«Мин Тааттаҕа учууталынан ананан тиийэн олус үлэһит, иллээх коллективка түбэһэн бэйэбин дьоллооҕунан ааҕынабын. Наставниктарым Анна Петровна Васильева, Анна Васильевна Белина үтүө сүбэлэрэ, ийэлии амарах сыһыаннара саҥа үлэлээн эрэр учууталга төһүү күүс буолбуттара, тулхадыйбат олугу уурбуттара коллегаларым, бары опыттаах, ааттаах-суоллаах учууталлар: Ксения Анисимовна уонна Александр Миронович Хатылыковтар, Аиза Николаевна Миронова, Луиза Ивановна Бытыкова, Петр Никитич Меккюсяров, Людмила Всеволодовна Габышева, Семен Семенович Бурцев миигин учуутал эндирдээх үлэтин умсулҕаныгар уһуйбуттара, тулуурдаах, эппиэтинэстээх буоларга үөрэппиттэрэ. Мария Никитична Бырдыннырова переменаҕа дуобатын дуоскатын уурталаан сеанс оҥортуурун билиҥҥэ дылы өйдүүбүн. Кэргэннии ырыаһыт Шариннар Галина Иннокентьевна уонна Федор Иннокентьевич ансамбль тэрийэннэр араас тэрээһиннэргэ кыттааччыбыт. Перемена буолла да, саҥа ырыа үөрэтэн куоласпытын араараллара. Бу курдук үлэни, ырыаны, спорду дьүөрэлээн учуутал олоҕум олус интэриэһинэйдик саҕаламмыта, өлбөт-сүппэт өйдөбүлү хаалларбыта» — диэн ахтар Сахасталина Егоровна.
Сахасталина Егоровна педагогическай стаһа — 18 сыл, Кэбээйи орто оскуолатыгар учууталынан, иитэр улэҕэ директоры солбуйааччынан үлэлээбитэ. Билигин Сахасталина Егоровна – Дьокуускай куорат олохтооҕо, «Сардаана» фабрикаҕа кадр отделын начальнигынан үлэлиир. Үлэ ветерана, Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, «Профсоюзнай хамсааһын сайдыытыгар үтүөлэрин иһин» бэлиэнэн, Саха Республикатын Правительствотын грамотатынан наҕараадаламмыта, «100 бастыҥ профсоюз председателлэрин» лауреата.
Кыра кыыстара Анна Егоровна Обутова – Кэбээйи орто оскуолатын директора. Анна Егоровна Кэбээйи орто оскуолатын бастыҥ выпускницата. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан бастыҥ үөрэнээччи, спортсменка, активистка. 5-с кылаас кэнниттэн оскуоланы бүтэриэр диэри республикаҕа аатырбыт «Эрчим» үлэ-сынньалаҥ лааҕырын комиссара. Ситиһиилээх үлэлэрин иһин лааҕыр бастыҥ оҕолорун кытта Киев, Ленинград герой куораттарынан күүлэйдиир чиэскэ тиксибитэ. Аҕатын батан хайыһарга оройуон чемпионката, волейболга, баскетболга оскуола сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ. Билигин даҕаны спордун бырахпат, национальнай оҕунан ытыынан дьарыктанан, 2-c спортивнай разрядтаах, XXI “Манчаары оонньууларын» кыттыылааҕа, Федерация ыытар республикатааҕы күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттар.
Анна Егоровна Дьокуускайдааҕы педучилищены, онтон пединституту бүтэрбитэ. Алын сүһүөх кылаас учууталынан Сииттэ орто оскуолатыгар үлэтин саҕалаабыта. Сииттэ орто оскуолатыгар учууталынан үлэлиир кэмигэр 4 выпуск кылааһы таһааран үөрэппит оҕолоро билигин республика араас муннуктарыгар үлэлии-хамсыы сылдьаллар, учууталларын истиҥник ахталлар, махтаналлар. Онтон Кэбээйи орто оскуолатыгар директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччынан ананан үтүө суобастаахтык 13 сыл үлэлээбитэ. Кэбээйи орто оскуолатыгар иитэр үлэҕэ директоры солбуйааччынан ананыаҕыттан оскуола агроэкологическай хайысхатын салгыы сайыннарарга айымньылаах үлэтэ саҕаламмыта. Үлэнэн оҕолору иитии үгэстэригэр олоҕуран оскуолатын опыта республикаҕа киэҥник биллэрэ. Ол таһымнарыттан түспэккэ республикатааҕы көрүүгэ бастыҥнар ортолоругар сылдьар. Идэтин үрдэтинэн историк учуутал буолбута. 2017 сылтан оскуола директорынан үлэлиир, аҕатын туйаҕын хатаран, педагогическай династияны эрэллээхтик салгыыр. Российскай Федерация уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Саха Республикатын Президенин Гранын хаһаайына, Кэбээйи улууһун социально-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Анна Егоровна педагогическай стаһа быйыл оруобуна 35 сыл буолла.
Улахан кыыс Светлана Николаевна Эверстова Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэриэҕиттэн харыс халбарыйбакка үөрэммит оскуолатыгар олоҕун 30 сылын анаабыта.
Кыра кыыс Лариса Николаевна Эверстова кылгас кэмҥэ да буоллар, төрөппүт комитетын председателинэн үлэлээн үтүө өйдөбүлү хаалларбыта. Кини интернат, продленнай группа воспитателинэн 3 сыл үлэлээбитэ. Университекка нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтигэр кэтэхтэн үөрэнэ сылдьан эдэр сааһыгар соһуччу өлөн биһигини барыбытын аймаабыта.
Лариса Николаевна кыыһа Терехова Далаана Михайловна Дьокуускайдааҕы пединституту бүтэрэн, 2012 сылтан үөрэммит оскуолатыгар, эбии үөрэхтээһин педагогынан ситиһиилээхтик үлэлиир, I категориялаах, стаһа 11 сыл.
Биһиги улахан эдьиийбит Анна Егоровна кыра кыыһа Светлана Никифоровна Павлова Саха государственнай университетын бүтэрэн немец тылын учуутала. 2 сыл оскуолаҕа үлэлээн баран үөрэммит университетыгар старшай преподавательтэн саҕалаан кафедра сэбиэдиссэйигэр тиийэ үүннэ, педагогическай наука кандидата, уопсай стаһа – 35 сыл.
Егор Егорович уонна Анна Петровна кийииттэрэ Людмила Ефимовна, Анастасия Васильевна олохторун оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору иитиигэ анаатылар.
Людмила Ефимовна Дьокуускайдааҕы педагогическай училищены бүтэрэн «Сардаана» детсадка ситиһиилээхтик 35 сылын үлэлиир, үлэ ветерана.
Анастасия Васильевна «Кэскил» детсадка воспитатель көмөлөһөөччүтүнэн 35 сылын үтүө суобастаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар, үлэ ветерана.
Эверстовтар сиэннэриттэн Варвара Егоровна Поротова Саха государственнай университетын бүтэрэн идэтинэн саха тылын, литературатын учуутала. Эбии воспитатель идэтин баһылаан билигин Дьокуускай куоракка «Лучик» детсадка саха тылын үөрэтии методиһынан 11 сылын үлэлиир. Айымньылаах үлэтин опытын педагогческай ааҕыыларга үллэстэр, экспертэр сэҥээриилэрин ылар.
Онон Эверстовтар оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ анаабыт олохторо 289 сыл буолбут, өссө да салҕанар.
Суруйда Сахасталина Егоровна Сметанина,
Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна,
«Профсоюзнай хамсааһын сайдыытыгар үтүөлэрин иһин» бэлиэ хаһаайына,
«100 бастыҥ профсоюз председателлэрин» лауреата, үлэ ветерана.