Оскуолабытыгар быйыл саха норуотун чулуу киһитэ, биллиилээх общественнай деятель, талааннаах суруйааччы Платон Алексеевич Ойуунускай 130 сылыгар аналлаах «П.А. Ойуунускай биир дойдулаахпыт, учуутал, поэт И.Р. Петров дьылҕатыгар” диэн музейнай уруоктар ыытылыннылар. Бу уруоктартан биһиги бэйэбитигэр элбэҕи арыйдыбыт. Биир дойдулаахпыт Иван Петров дьылҕата П.А. Ойуунускай аатын кытта наһаа да улахан сибээстээҕин сөҕө биллибит. Ол да иһин П.А.Ойуунускай аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи государственнай литературнай музей ыыппыт “Ойуунускайга сурук” диэн күрэҕэр кыттан иккис миэстэни ыллым. Ол үлэбин эһиэхэ билиһиннэрэбин.
Ытыктабыллаах Платон Алексеевич!
Эйиэхэ XXI үйэ ыччата, Кэбээйи улууһун Куокуй орто оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ, Иза Семенова суруйабын.
Эн олоххун, айар үлэҕин биһиги, 21-с үйэ оҕолоро,үөрэтэбит, билэбит, сахаҥ норуотугар оҥорбут сүдү кылааккын сыаналыыбыт. Бэйэҥ эппитиҥ курдук “үс саха төрүөҕэр үөрүүлээх күнүгэр” эн «аатыҥ ааттанар”, эн “ырыаҥ ылланар».
Платон Алексеевич, эн аатыҥ биһиги Кэбээйибитигэр өссө эн айымньыларыҥ бобуулаах да кэмнэригэр ааттанара.Ол курдук, биһиги биир дойдулаахпыт, Кэбээйибит улууһун бастакы үрдүк үөрэхтээх учуутала, биир бастакы поэта И.Р.Петров үөрэтэр оҕолоругар, дьоҥҥо-сэргэҕэ хоһоонноргун ааҕар, айар үлэҕин хайгыыр эбит. Ол туһунан мин Иван Петров “Кэбээйигэ, дойдубар” кинигэтин матырыйаалларыгар, сиэн балта, эдьиийбит Роза Андреевна Иванова архивтан булбут докумуоннарыгар, ыстатыйытыгар олоҕуран бу сурукпун суруйан эрэбин.
Иван Петров мин эмиэ таайым буолар, онон кини туһунан үөрэтэбин, билэбин уонна эйигин кини хайдах курдук үрдүктүк тутарын кэпсиэхпин баҕарабын. Таайбыт1948 сыллаахха тутуллан хаайыллыбыт биир төрүөтүнэн эйигин уонна атын буржуазнай националист аатырбыт суруйааччылары хайгыыра буолбут. Тутуллар уурааҕар ол туһунан маннык суруллубут “В своих высказываниях Петров систематически восхваляет буржуазных якутских националистов Ойунского и других…” Учууталларын тутан илдьэ баралларыгар баар, кинилэргэ олорбут үөрэнээччитэ М.П.Игнатьева суруйарынан, Иван Романовиһы дьиэтигэр дьэгдьийэллэригэр чымадааныттан эһиги кинигэлэргитинбулбуттар уонна «Норуот өстөөхтөрүн кинигэлэрин кистэнэ сытар буола-буола,»— диэн баран уокка быраҕаттаабыттар.
Иван Петров бэйэтэ үрдүк үөрэхтээх учуутал, поэт, бөлүһүөк буолан эн айар үлэҥ дьиҥнээх суолтатын дириҥник өйдүүрүн, өрө тутарын оннооҕор өлүү – тиллии икки ардыгар, дьылҕата быһаарыллар доппуруостарыгар этиммит: “… Ойунский был настоящий писатель, его творчество поднимает дух и слово доходит до самых мозгов костей, несмотря на то, что его считают врагом народа. Я думаю, что его произведения будут выставлены со временем рядом с Кулаковским” (л.л.156, 157). Хаайыылаах да буолар куттал кини санаатын булгуруппатах. Дьэ ити уонна атын буруйдар эбиллэн Иван Петров эмиэ эн уонна да атын саха чулуу дьоннорун курдук политическай репрессия сиэртибэтэ буолан, 10 сылга хаайыыга ууруллар. Сэттэ сыл Эһэ Хайа лааҕырыгар сору – муҥу көрөн баран, эн эн үтүө аатыҥ дьоҥҥор – сэргэҕэр төннүбүт 1955 сылыгар олунньу 19 күнүнээҕи РСФСР Верховнай Суутутун Президиумун уурааҕынан босхолонор.
Ытыктабыллаах Платон Алексеевич!
1974 сыллаахха 60 саастаах аҕамсыйбыт, олох ыараханын ааспыт улууспут улахан патриота Иван Петров «Платон Ойуунускай тыллара» хоһоону суруйбута. Бу хоһоон 6 строфата барыта “Ойуунускай ох тыллара” диэнстрокаларынан саҕаланар. Эн тылларгын Сахабыт сирин бары бастыҥ баайыгар холуур уонна “үс саха төрүөҕүн уһуйан, үйэттэн үйэҕэ таптанарыгар, аан дойду үрдүнэнтарҕанарыгар” бигэ эрэлин этэр. Аймахпыт, поэт, учуутал И.Р.Петров эппит тылларынан эйиэхэ сурукпун түмүктүүбүн: “Ойуунускай ох тыллара –сардаҥаран үүнэр күммүт саһарҕатын кыыһар кыымнара, төлөһүйэн үөскүүр ыччатым төрөөбүт саҥатын сайдыыта.”
Семенова Иза, Кэбээйи улууһун Куокуй орто оскуолатыттан 9-с кылааһын үөрэнээччитэ