Олорор дьиэ ырыынага: судаарыстыба өйөбүллээх ипотека олохтоммута тоҕоостоох буолла

Бааннар бырыһыаннарын аһара үрдэтэннэр, дьон ипотека кирэдьиитинэн олорор дьиэ кыһалҕатын быһаарыналлара лаппа уустугурда. Маннык кэмҥэ судаарыстыба толуйар чэпчэтиилээх ипотека кирэдьиитэ олус тоҕоостоох буолла. Оттон судаарыстыба өйөбүлүнэн кыбартыыраны эбэтэр дьиэни Арассыыйа сиригэр-уотугар эрэ атыылаһыахха сөп.

“Уһук Илиҥҥи ипотека” бырагыраама дойдубут  баһылыгын Владимир Путин көҕүлээһининэн оҥоһуллан, 2019 сыл ахсынньы 1 күнүттэн олоххо киллэриллибитэ. Ол кэмтэн чэпчэтиилээх ипотека кирэдьиитинэн Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка олорор, үлэлиир 93 тыһ. тахса дьиэ кэргэн туһанан, саҥа дьиэ тутунна эбэтэр атыыласта.

Ол түмүгэр бу уокурукка сылга 3,8 мөл. кв. м иэннээх олорор дьиэ (бырагыраама иннинээҕиттэн 1,6 төгүл элбэх) тутуллан киирэр буолла уонна дойду үрдүнэн тутуллан киирэр орто көрдөрүүттэн 3,5 төгүл үрдүгэ бэлиэтэннэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ уокурук 11 эрэгийиэнин ортотугар чэпчэтиилээх кирэдьиити биэрии ахсаанынан үс бастыҥ (Приморье кыраайа – 25,1 тыһ., Саха сирэ – 21,3 тыһ., Хабаровскай кыраай – 12,5 тыһ.) иһигэр киирэр. Ааспыт сылга 700 тыһ. кв. м тахса иэннээх олорор дьиэ тутуллан, сэбиэскэй кэннинээҕи кэрчик кэмҥэ рекорд олохтонно.

“Уһук Илиҥҥи ипотека” бырагыраама үлэлиэҕиттэн биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 2023 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри 103,7 млрд солкуобай суумалаах 21,3 тыһ. ипотека кирэдьиитэ бэрилиннэ. Итинтэн 2023 сыл устатыгар 47,3 млрд солкуобайдаах 8 882 кирэдьиит. Тэҥнэбилгэ: 2019 с. – 70,7 мөл. солкуобайга 20 кирэдьиит; 2020 с. – 12,8 млрд солкуобайга 3 330 кирэдьиит; 2021 с. – 14,4 млрд солкуобайга 3 137 кирэдьиит; 2022 с. – 29,1 млрд солкуобайга 5 954 кирэдьиит. Онон, сылтан сыл тэтимирэн, кэҥээн иһэр.

Ити иһиттэн кэтэх дьиэ туттарга (атыылаһарга) кирэдьиитинэн туһанааччы ахсаана элбээн иһэрэ көстөр. Ол курдук, ааспыт сылга 19,1 млрд солкуобай суумалаах 3 449 кирэдьиити ити сыалга ылбыттар.

Чэпчэтиилээх бырагыраама олорор усулуобуйаны тупсарыыга уонна олохтоох тутуу ырыынагын сайыннарыыга тосхоллоох. “Уһук Илиҥҥи ипотека” маҥнай 2025 сылга диэри диэн ылыллыбыта эрээри, дьоҥҥо-сэргэҕэ чахчы туһалааҕын көрдөрбүтүн аахсан уонна норуот туруорсуутун ылынан, Бэрэсидьиэн бэйэтинэн 2030 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри уһатарга быһаарда.

Баара эрэ 2 %-наах ипотека кирэдьиитинэн кимнээх туһанар бырааптаахтарый? РФ бырабыыталыстыбата 2023 сыл ахсынньы 15 күнүнээҕи 2166-с №-дээх уурааҕынан бырагыраама кыттааччыларын эргимтэтин кэҥэтэн уонна ипотека лимиитин улаатыннаран биэрдэ. Бастатан, 35 саастарын ааһа илик кэргэннии дьон. Иккиһинэн, аҥаардас төрөппүттэр, маныаха кинилэр аҕыйаабыта биир оҕолоро (иитийэх эмиэ киирэр) 19 сааһын туола илик буолуохтаах.

Балартан ураты кыттааччыларга сааһынан уонна дьиэ кэргэн балаһыанньатынан хааччахтааһын көрүллүбэт. “Уһук Илиҥҥи гектар” бырагыраама кыттыылаахтара (ылбыт учаастактарыгар эрэ дьиэ туттар буоллахтарына, кирэдьиит бэриллэр); “Үлэ ресурсаларын түмэ тардыыны үрдэтии” бырагыраама кыттыылаахтара (УИФУо-ка киирсэр субъектарга); туһааннаах уокурук сиригэр-уотугар баар мэдиссиинэ эбэтэр үөрэх тэрилтэлэригэр 5-тэн итэҕэһэ суох сыл үлэлээбит ыстаастаах миэдиктэр уонна учууталлар; уокурук сиригэр-уотугар баар оборуона-бырамыысыланнас тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ; Украина сириттэн-уотуттан, Луганскай уонна Донецкай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэртэн Уһук Илиннээҕи федеральнай уокурукка  күһэллэн көһөн кэлбит дьон (Арассыыйа гражданнара).

Ити ирдэбиллэртэн, сатаатар, бииригэр эмит сөп түбэһэр уонна ону бигэргэтэр докумуоннаах буоллахха, чэпчэтиилээх бырагыраамаҕа киирсэргэ “күөх уот” умайар. Бэйэ бас билэр дьиэлээҕэ эбэтэр сирдээҕэ бырагыраамаҕа кыттарга харгыс буолбат. “Миэдик” диэн категорияҕа быраастар эрэ буолбакка, биэлсэрдэр, сиэстэрэлэр, санитардар о.д.а. хабыллаллар. Учуутал уонна мэдиссиинэ үлэһитин ыстааһа биир күдьүс буолуохтаах диэн ирдэбил турбат. Холобур, быраас Мэдиссиинэ киинигэр үс сыл үлэлээн баран, биир сыл чааһынай поликлинаҕа, онтон икки сыл муниципальнай балыыһаҕа үлэлээбитэ холбоон биэс сылынан ааҕыллан, бырагыраамаҕа кыттар кыахтанар.

Муниципальнай оҕо саадын иитээччитэ “педагог” категорияҕа киирсэр. Сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо төрөппүттэрэ өскөтүн арахсыбыт буоллахтарына, чэпчэтиилээх ипотеканан хас биирдиилэрэ туһаныахтарын сөп. Кирэдьиит дуогабарын оҥорторорго оҕо төрөөбүтүн туһунан туоһулуур докумуону эрэ туттараллара эрэйиллэр. Иэс ылыыга кыттыгастаах дьон уонна мэктиэлээччилэр үөһэ ыйыллыбыт ирдэбиллэргэ сөп түбэһэллэрэ булгуччута суох.

Бырагыраама бастакы сылларыгар кирэдьиит үрдүкү кээмэйэ 6 мөл. солкуобайынан муҥурданара. Онтон РФ бырабыыталыстыбата үөһэ ахтыллыбыт уурааҕынан көннөрүү киллэрэн, иэс ылааччы 60 кв. м тахса иэннээх олорор дьиэни атыылаһаары эбэтэр туттаары гынар буоллаҕына, 9 мөлүйүөҥҥэ диэри улаатыннардылар. Онуоха тутуу ырыынагар кыбартыыра (дьиэ) сыаната ыараабыта сабыдыаллаата. Бу быраабыла “иккис ырыынакка” үлэлээбэт. Бастакы усунуос 20 %-нан уонна кирэдьииттээһин болдьоҕо 20 сылынан хааллылар.

Бастакы усунуоһу төлүүргэ эбэтэр кирэдьиити төлөһөргө “ийэ хапытаалын” туһаныахха сөп. Бу бырагырааманан атын ипотеканы оҥорторор көҥүллэммэт. Ол гынан баран, атын бырагыраама чэрчитинэн эбэтэр ырыынак усулуобуйатынан бу кирэдьииккин сабыаххын сөп. Холобур, маннык кыһалҕа иэс ылааччы үлэтиттэн ууратыллар түбэлтэтигэр тириэн син. Ахсынньытааҕы уураах олохтообут быраабылатынан, чэпчэтиилээх ипотеканан олоҕуҥ устатыгар биирдэ эрэ туһанаҕын. Ол эбэтэр, өскөтүн, “Уһук Илиҥҥи ипотеканы” ылбыт буоллаххына, “Тыа сирин ипотекатын” ылбаккын. Онуоха эн сирэй иэс ылааччы эбэтэр кыттыгас иэс ылааччы буоларыҥ суолтата суох, кэргэнниилэргэ иккиэннэригэр тарҕанар. Саҥа быраабыла РФ бырабыыталыстыбатын уурааҕа күүһүгэр киирбит кэмиттэн ылыллыбыт кирэдьииттэргэ эрэ дьайар. Эрдэтээҥи аахсыллыбат.

“Уһук Илиҥҥи ипотеканы” маннык хайысхаларга туһаныллар: тутуу тэрилтэтиттэн саҥа тутуллубут дьиэҕэ кыбартыыра эбэтэр өлүүлэһэн тутууга кыттыы дуогабарынан биитэр  атыылаһыы-атыылааһын дуогабарынан бастакы бас билээччиттэн (тэрилтэттэн эбэтэр урбаанньыттан) кэтэх дьиэ атыылаһарга; ону тэҥэ бэдэрээтчит көмөтүнэн эбэтэр бэйэ күүһүнэн кэтэх дьиэ туттарга биитэр сир учаастагын атыылаһан, онно кэтэх дьиэ туттарга.  Биһиги өрөспүүбүлүкэбит моно-куораттарыгар (Нерюнгри, Мииринэй, Удачнай куораттар, Аллараа Кураанах, Айхал, Мохсоҕоллоох бөһүөлэктэр) “иккис ырыынактан” атыылаһыахха эмиэ сөп. Бу ипотеканан хос атыылаһар сатаммат.

“Тыа сирин ипотеката” бырагыраама олорор дьиэни атыылаһарга 3 %-наах кирэдьиити 25 сылга диэри болдьоххо ылар кыаҕы көрөр. Кирэдьиит муҥутуур кээмэйэ – 6 мөл. солкуобай. Бу бырагыраама чэрчитинэн тыа сиригэр олорор дьиэни бэдэрээтчит көмөтүнэн эбэтэр бэйэ күүһүнэн туттуохха сөп. Чэпчэтиилээх ыстаапканы ситэри туһанар инниттэн олорор дьиэни 24 ый иһинэн тутан бүтэрэн, бас билиигэ оҥорторуллуохтаах.

“Дьиэ кэргэн ипотеката” бырагырааманан 6 %-ҥа диэри ыстаапкалаах чэпчэтиилээх ипотеканы 2018 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2023 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри бастакы эбэтэр онтон салгыы кэлэр оҕолоро төрөөбүт дьиэ кэргэттэр оҥорторор кыахтаахтар. Ону тэҥэ икки уонна онтон элбэх сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолордоох, инбэлиит оҕону иитэр дьиэ кэргэттэр итиэннэ оҕо иитэр төрөппүттэр хапсаллар. Бастакы усунуос олорор дьиэ сыанатын 20 бырыһыаныттан кыра буолуо суохтаах. Кирэдьиит муҥутуур суумата 6 мөл. солкуобайтан тахсыбат. Маннык ипотеканы бэлэм кыбартыыраны эбэтэр тутулла турар дьиэҕэ тутааччыттан, тутулла турар кэтэх дьиэни өлүүлэһэн тутууга кыттыы дуогабарынан, бэлэм дьиэни тутааччыттан атыылаһыы-атыылааһын дуогабарынан атыылаһарга итиэннэ бэйэ бас билэр эбэтэр ипотекаҕа атыылаһыллыбыт сир учаастагар кэтэх дьиэ туттарга   туһаныахха сөп. “Иккис ырыынак” дьиэтин тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар, ону тэҥэ элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тутуллубат куораттарыгар атыылаһарга эмиэ туттуллуон син (инбэлиит оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ эрэ көҥүллэнэр).

Сокуоннай сааһын сиппит дойду ханнык баҕарар олохтооҕо сааһынан уонна дьиэ кэргэн балаһыанньатынан хааччаҕа суох 8 %-ҥа диэри ыстаапкалаах чэпчэтиилээх ипотеканы оҥорторор кыахтаах. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр маннык кирэдьиит муҥутуур кээмэйэ 6 мөл. солкуобайынан быһыллан турар. Бастакы усунуоска олорор дьиэ сыанатын 30-тан кырата суох бырыһыана угуллуохтаах. Бу бырагырааманан саҥа тутуллан киирбит эбэтэр тутулла турар дьиэттэн атыылаһыахха сөп. Өлүүлэһэн тутууга кыттыы дуогабарынан тутааччыттан тутулла турар кэтэх дьиэни уонна инникитин дьиэ туттар сыаллаах сир учаастагын ыларга, ону тэҥэ кэтэх олорор дьиэни туттарга эмиэ туһаныахха син.

***

Онон, түмүктээн эттэххэ, судаарыстыба өйөбүллээх ипотека бырагыраамаларыгар дойдубут Уһук Илинин уонна хотугу түбэлэрин олохтоохторо, эдэриттэн эмэнигэр тиийэ, бэйэлэригэр сөптөөҕүн көрөн кыттан, олорор усулуобуйаларын тупсарыналларыгар туһалаах дьаһаллар тахсыбыттарын үөһэ суруллубут чахчылар уонна сыыппаралар бигэргэтэллэр.

Василий Никифоров