Сэтинньи ый 25 күнэ — Сахабыт сиригэр Олоҥхо күнэ бэлиэтэнэр. Олоҥхо – саха тылын кэрэтин, эгэлгэ дэгэтин, модун күүһүн түмпүт улууканнаах айымньыбыт. Бу биһиги норуоппут духуобунай-култуурунай нэһилиэстибэтэ, историяны кэрэһилиир өйдөбүнньүгэ буолар.
Саха сирэ бүттүүн Олоҥхо күнүн киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтиир. Онон сиэттэрэн Сииттэтээҕи В.Е. Колмогоров аатынан оскуола учууталлара, үөрэнээччилэрэ Олоҥхо декадатын чэрчитинэн биллэриллибит Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо дьыктаана- 24» аахсыйаҕа кытыннылар. Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон быһа тардан дьыктаан суруйдулар. Дьыктаан түмүгүнэн:
«Бастыҥтан бастыҥ суруксут» — Попова Т.И.
«Бастыҥ суруксут» — Левина О.Д., Сидорова А.Г.
«Үчүгэй суруксут» — Егорова И.Ю., Степанова А.Г. буоллулар.
Дьыктааны иилээн саҕалаан ыытта саха тылын уонна литературатын учуутала Мария Александровна Яковлева.
Мария Обутова, Сииттэ нэһилиэгэ