Олохпут дьэҥкэ, инникибит кэскиллээх

Бүгүн кэпсэтээри уонна эһиги сэҥээриигитигэр таһаараары олорор киһим биһиги нэһилиэккэ, улууска да биллэр ааттаах-суоллаах салайааччы, патриот буолар. Павлов Егор Авксентьевиһы билбэт киһи аҕыйах буолуохтаах. Кини олорон кэлбит уонна олоруохтаах олоҕо барыта нэһилиэгэ, улууһа силигилии сайдарыгар ананар.

— Егор Авксентьевич, эһиги, кырдьаҕас көлүөнэ, дьоҥҥо патриотическай иитиигэ, эт-хаан өттүнэн чиргэл буолууга сирдьиккит таһынан саамай үтүө холобуру үүнэр ыччаттарбытыгар биэрэҕит. Ити үөһээ этиллибит үтүө хаачыстыбалар киһи олоҕу олорон истэҕинэ, олох суолугар чиҥник үктэнэн хаамтаҕына буһан-хатан тахсаллар дуу, эбэтэр бэдик оҕо саастан бэриллэн тахсара дуу?

— Мин биир сэрии сылын оҕото 1976 сыллаахха Сиэгэн-Күөл орто оскуолатын директорынан ананан үлэлиэхпиттэн, биир сири харыс халбарыйбакка, төрөөбүт-үөскээбит улууспар, нэһилиэкпэр  48 сыл үлэ үөһүгэр  сылдьан кэллим. Бу мин кимтэн да былдьаабатах баайым, өй-санаа, быһыы-майгы чочуллубут сыллара буоллаҕа. Бэйэбин патриот курдук сананан туран – Улуу Россиябыт инникитин даҕаны В.В. Путин салайыытынан сайда, чэчирии турдун диэн баҕа санаалаахпын.

Дойдуга бэриниилээх буолуу төрөөбүт төрүт сиртэн, алаастан саҕаланар. Кэлиҥҥи уон сылга Ытык сирдэринэн өйдөбүнньүктэри оҥортоон, олору туһанан үүнэн иһэр эдэр көлүөнэ силис-мутук тардан тахсыбыт төрүт сиригэр бэриниилээх буоллун диэн элбэх үлэни ыытабын, көҕүлүүбүн. Ити мин үүнэр ыччат ааспыты сыаналыырыгар, баары харыстыырыгар диэн туһаайыллар үлэм.

— Биһиги нэһилиэккэ кэлин сылларга балачча уларыйыылар бардылар. Урукку буолбатах, аныгы үйэ буолан киэҥ хайысхалардаах бырагыраамалар үлэлэрэ итиннэ төһүү күүс буолаллар. Кэнники 5 сылга уларыйыылар, тутуулар тустарынан санааҕын үллэстэриҥ буоллар.

— Регионнар сайдыыларыгар үгүс үп көрүллэр, тутуу-хабыы да барар. Ыраата барбакка нэһилиэкпит холобуругар көрдөххө: бу кэлиҥҥи сылларга араас өрүттээх социальнай көмөлөр оҥоһулуннулар. Өр күүппүт Кэбээйи-Бэс Күөлэ автосуол үлэҕэ киирдэ. Билигин дьыл уларыйыытын харгыстарыттан иҥнибэккэ наадалаах буоллубут да киин куораппытыгар айанныыбыт. Хатыҥ үрэххэ баараҕай муоста тутулла турар. Бу биир сүдү үлэ буолар. Ити муоста тулуннаҕына сааскы халаан уулара харгыс буолуо суоҕа. Түргэн ускуорастаах интернет ситимэ бигэтик олохтонно. Аныгы олох хардыытыттан хаалсыбакка тэҥҥэ хардыылаһан иһэбит. IT-киин аһыллан элбэх боппуруоһу быһаарда. Оҕо-аймах да, дьон-сэргэ да бу кииҥҥэ орох тэбэрэ элбээтэ. Аһаҕас халлаан анныгар сибиэһэй салгыҥҥа дьон эрчиллэр тренажернай былаһаакката, сынньалаҥ парката үлэҕэ киирдилэр. Бу эт-хаан, доруобуйа өттүн көннөрүнүүгэ биир суол буолар. Хаар-тибии кэмэ ааста да ити тренажердарга, сынньалаҥ паркатыгар оҕо-аймах эрэ буолбакка, саастаах өттө кытта быыстала суох сылдьар сирэ буолар.

Аны бэртээхэй сабыс-саҥа тутуулардаах ыһыахтыыр сирдэннибит. Аныгылыы боһуомнаах тутуулар ыытыллан тастан кэлэр ыалдьыкка көрдөрөр, кэпсиир сирбит буолла. Бу кылгас кэм иһигэр балачча үлэ диэн сыаналыыбын. Бу күннэргэ 140 миэстэлээх оҕо саада, элбэх квартиралаах дьон олорор дьиэтэ тутуллаарылар үлэ саҕаланна. Уонна да элбэх үлэ былааҥҥа турар.

 

Бу маны барытын дойдубут бирисидиэнэ В.В. Путин регионнарга, тыа сиригэр ыытар национальнай бырайыактарын олоххо киириитин курдук көрөбүт. Маннык тиэмпэнэн бардахпытына – олохпут дьэҥкэ, инникибит кэскиллээх.

— Кэккэ сылларга тутуу, олоҕу тупсарыы үлэлэригэр, биһиги нэһилиэккэ ыытыллыбыт үлэлэргэ кимнээххэ махтанаҕын?

Бу кэмҥэ тиийэн кэлбит тыыл бэтэрээннэрэ, сэрии сылын оҕолоро Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар күннэригэр, сэрии кэннинээҕи тиийиммэт-түгэммэт кэмнэргэ олорбут дьон буоллахтара. Аны туран, ааспыт үйэ дойдуну түөрэ туппут, 90-с сыллары эппитинэн-хааммытынан билбит дьон буоллахпыт. Экономика, промышленность, культура барыта америкаттан тутулуктаах буолбута. Ону оҥорбут, армия, танка күүһүнэн былааска кэлбит, Б.Н. Ельцин буоллаҕа.

Биһиги кырдьаҕас дьон бу кэмнэр эргиллибэттэригэр баҕарабыт. Дойдубут атаҕар балачча турбутуттан үөрэбит уонна В.В. Путиҥҥа махталбыт улахан. Владимир Владимирович ыытар политиката көнө сүрүннээх буолан кыаттарар, олоххо киирэр.

АХШ уонна Европа дойдулара Россияны мөлтөтөр санкциялары, Украинаны туһанан сэриини тэрийбиттэрин да иһин, В.В. Путин сатабыллаах салайыытынан дойдубут тобуктаабата. Хата төттөрүтүн АХШ, Индия, Китай, Япония курдук күүстээх экономикалаах дойдулар ахсааннарыгар киирдэ.

Онон мин олоҕу олорбут, үтүөнү-мөкүнү өйдүүр сааһым буолбут киһи быһыытынан уонна үлэни-хамнаһы талымастаабакка үлэлээн кэлбит салайааччы, учуутал буоларым быһыытынан аныгы үйэ дьаһалтата ыытар үлэтин, бэлиитикэтин сөптөөх диэн сыаналыыбын.

Кэпсэттэ Татьяна Максимова-Лазарева.