Ийэбит, эбэбит Акулина Ивановна Обутова-Өкүлүүн олоҕуттан.
Биһиги ийэбит Акулина Ивановна Чурапчы улууһун Кытаанах нэһилиэгиттэн төрүттээх. Кини 1936 с. төрүөх. Бииргэ төрөөбүттэрэ үһүө этилэр. Омос көрдөххө, мэлдьи үөрэ-көтө сылдьар эрээри, орто дойдуга дьахтар аайы тиксибэт эндирдээх олоҕу билэн-көрөн тиийэн кэллэҕэ.
Баҕар ол иһин буолуо, киниэхэ хас саҥа тахсар күн күндү, дьол этэ. 1942 сыллаахха сайын кураан, сири-дойдуну аймаабыта, хатарбыта. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии үгэннээн турара. Оччотооҕу байыаннай балаһыанньа ирдэбилинэн оҕо-дьахтар, кырдьаҕастар, бука барыларын хоту көһөрүү саҕаламмыта. Көһүү саҕана биһиги ийэбит баара-суоҕа 5-6-лаах буолан элбэҕи өйдөөбөт. Баржаннан айаннаан иһэн, арааһа аччыктаан буолуо, ытыырын эрэ өйдүүрэ. Чурапчыттан «Чкалов» аатынан холкуоһу Булуҥ оройуонун «Сииктээх» холкуоһугар ыыппыттар. Уһун эндирдээх айаҥҥа, ыарыһах аҕаларын ыарыылаан тиийбиттэр да сотору аҕалара суох буолбут. Ол кэннэ аҕаларын быраата өлбүтэ. Ити курдук, ийэбит сэттэ саастаах убайын кытта ийэлэринээн хаалбыттара.
Ийэлэрэ Мотрена Прокопьевна сытыы — хотуу, булугас өйдөөх, иистэнньэҥ буолан оҕолорун киһи хара оҥортообута. Кыракый Акулина ийэтин кытта тэҥҥэ бары үлэҕэ сыстаҕас, иистэнньэҥ, асчыт буола улааппыта. Көһөрүллүбүт дьону барыларын фермаҕа үлэлэппиттэр. Хотону кытта силлэһэ турар улахан дьиэҕэ олохсуйан кыстаабыттар. Оҕолор оһоҕу тула олорон иттэллэр эбит, күн аайы бурдук кутуллбут кууллары тэбээн, кэнсиэрбэ баанкатыгар бутугас оҥорон сииллэрэ.
Нөҥүө кыһыныгар ийэлэрин, медпункт дьиэтин оттук маһынан хааччыйар үлэһитинэн анаабыттар. Ойууртан күҥҥэ иккитэ убайынаан салаасканан мас соһон киллэрэн оттук маһы бэлэмнииллэрэ. Сэрии ыар сылларын оҕото буолан кыайан үөрэммэккэ хаалбыта. 1949 с. дойдуларыгар төннөн, айаннаан иһэн кыра бырааттара ыалдьан ийэлэрэ Сангаарга балыыһаҕа хаалбыт. Ийэбитин убайын кытта Дьокуускайга аҕалан детдомҥа олохтообуттар. Онтон 1951 с. ийэлэрэ детдомтан ылан Сангаарга олохсуйбуттар. Бу туһунан ийэбит кэлин ийэлээх убайдарын кэпсээннэриттэн билбитэ. Кини бэйэтэ этэринэн, көһөрүү төһө да ыараханын иннигэр, эрэйдээх, муҥнаах кэмнэригэр Сииктээххэ үтүө санаалаах дьон өйөөннөр, кини олоҕун ситимэ салҕаммыт эбит. Онон Сииктээх дьонугар-сэргэтигэр бу олохтон барыар дылы махтанара.
2002 сыллаахха атырдьах ыйыгар Чурапчыга күүс өттүнэн көһөрүү 60 сылыгар аналлаах делегацияҕа кыттан, оонньооботох оҕо сааһын ыарахан сыла ааспыт сирин дойдутун көрөөрү айаҥҥа турунан, кыттыыны ылбыта. Маннык иэдээн хаһан да хатыламматын туһугар кинилэр тустарынан история чахчытын өйдүү-саныы сылдьар ытык иэспит буолар.
Ийэбит 17 саастааҕар Ситтэттэн төрүттээх, булчут Степан Егорович Обутовка кэргэн тахсыбыта. Ол кэмтэн ыла Сииттэҕэ олохсуйбуттара, уон оҕону төрөтөн (икки оҕо кыра саастарыгар ыалдьан өлбүттэрэ), ыал сиэринэн сүөһүлэнэн, сылгыланан, оҕолорун үөрэттэрэн, көрөн-истэн, улаатыннарбыттара. Аҕабыт элбэх саҥата суох киһи этэ, булчут буолан түүлээхтээн кыһыҥҥы таҥаспытын булара. Ийэбит иистэнньэҥ буолан саһыл, тииҥ, андаатар бэргэһэлэри, үтүлүгү, кээнчэ тигитэлээн оҕолорун барыларын таҥастыыра. Аҕабыт бултаан кэллэҕинэ сонно тута сибиэһэйдии күөстээн амсатар үгэстээҕэ. «Сибиэһэй ас доруобуйаҕа туһалаах, битэмиинэ элбэх» диирэ, кустарын үргээн, соболорун соккуойдаан бүтэрбитэ-оҥорбута эрэ баар буолара.
Уопсайынан, соҕотоҕун сылдьан эрэн, барытын бэйэтэ үлэлиирин ордороро, астынара. Ол курдук, минньигэс баҕайытык астыыра, муоданы көрөн-билэн иистэнэрэ, бэйэтэ оһоххо килиэп оҥороро, дьиэтин-уотун хомуйара. Санаабар, били поэт Эллэй ырыа буолбут хоһооно киниэхэ ананар курдуга.
«Биэс киһи үлэтин
биир дьахтар үлэлиирэ,
сылайбыт чинчитин олох
биллэрбэт этэ», -диэн.
Кэлин оҕолор улаатан, үөрэнэн, күүс-көмө буолбуттара. Фермаҕа 25 сыл кэриҥэ ыанньыксыттаабыта. Биһиги үөрэххэ сылдьар кэммитигэр, уолаттар ийэлэригэр көмөлөһөллөрө, иһит-хомуос, дьиэ-уот сууйаллара, «дьуһуурустуба» бэрээдэгинэн ким ас-астыыра, дьиэ сууйара, ким хотоҥҥо көмөлөһөрө. Ийэбит үөрэҕэ да суох буоллар, сүрдээх үчүгэйдик нууччалыы саҥарара, ыллыыра, наадатын быһаарсара. Биһиги кыра эрдэхпитинэ уруокпутугар ордук нуучча тылыгар көмөлөһөрө. Ийэбит ыалларын, дьонун сэргэтин кытта олус үтүө сыһыаннааҕа, аҕабыт бултаан кэллэҕинэ, идэһэ өллөҕүнэ барыларыгар бэрсээччи. Ол хардатыгар биһиэхэ ыалларбыт ким тугу булбутунан төттөрүтүн бэрсээччилэр. Кэлин санаатахха ийэбит элбэх учугэй доҕоттордоох буолан ылсан-бэрсэн, оҕолорун аһатан-иитэн олордоҕо. Ийэбит иистэнньэҥ буолан таҥаспытын, сааһыран да олорон, араас муодалаан санаатын хоту тигэр этэ. Ыһыах саҕана чугастааҕы ыалын оҕолоругар үксүлэригэр ыһыах былааччыйата тигэтэлиирэ. Концертарга, ордук саҥа дьылга маскарадтары, көстүүм бөҕөтүн оҕолорун ахсааннарынан тигэрэ. Кэнники сөҕөбүт, ыарахан доярка үлэтин быыһыгар, хайдах бириэмэ аттаран, тигэрэ, иистэнэрэ, ас астыыра, үлэлиирэ буолуой диэн.
Үөрэнэр кэммитигэр ийэбит дьиэ аһын арааһын, ордук бэрэскиитин, баахылатын посылка оҥорон ыытара. Биир саамай сөбүлүүр «фирменнай» аһа — саха баахылата буолааччы. Минньигэс баахылатын оҥорон, сиэннэригэр, чугас дьонноругар кэһии гынан ыытааччы, бэрсээччи. Ийэбит минньигэс аһын, хойуу үүттээх чэйин, баахылатын ыраахтан-чугастан оҕолоро, сиэннэрэ, доҕотторо ыаллара кэлэн үөрэ-көтө астына аһаан, ирэ-хоро кэпсэтэн махтанан бараллара. Кэтэх хаһаайыстыбаланан (ынах, сылгы ), оҕуруот, хортуоппуй үүннэрэн оҕолорго, сиэннэргэ кыһыҥҥыга хаһаанан, кэһии гынан ыытара, өлүүлээн кэбиһэр идэлээҕэ. Олорор түөлбэтигэр биир көхтөөх общественник быһыытынан биллэрэ. Ол курдук, түөлбэннэн ыытыллар тэрээһиннэргэ дьаарбаҥкаҕа, быыстапкаҕа, концертарга өрүүтүн кыттааччы. Саҥа дьыл саамай сөбүлүүр бырааһынньыга этэ, эрдэттэн дьиэтин таһыгар мууһунан «цветной шариктары» оҥортооччу, харыйа симээччи. Сиэннэрим кэлэн көрүөхтэрэ, оонньуохтара, эбэлэрин кэлин өйдүү -саныы сылдьыахтара диирэ.
Күндүтүк саныыр ийэбит олоххо, үтүөҕэ-кэрэҕэ дьулуурунан, үлэлээн хамсаан, оҕолорум, сиэннэрим тустарыгар диэн түбүгүрэн, барыбытыгар кыһаллан-мүһэллэн олох олорон аастаҕа. Акулина Ивановна иккис дойду оҥостубут оройуонун, нэһилиэгин сүҥкэн сайдыытыгар кылааттарын, үтүө суобастаах үлэһитин бэлиэтээн элбэх грамоталарынан, махтал суруктарынан наҕараадаламмыта. Ийэбит Кэбээйи улууһун, Сииттэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, Чурапчы көһөрүллүүтүн кыттыылааҕа, сэрии кэмин оҕото.
Дьэ, ити курдук, олорон ааспыта Сииттэ биир элбэх оҕолооох, күн кубэй ийэтэ, амарах эбээтэ Акулина Ивановна Обутова-Өкүлүүн.
Ахтыыны суруйда кыыһа Мария Степановна Обутова.