«Олоҕу дорҕоонунан оһуордааҥ…»

 

«Мукучуга дорҕоон тойуга» дьарыкка Мастаах оҕолоробаран кэллилэр

Муус устар 17 күнүгэр Ийэ олоҥхоһут Пётр Егорович Решетников — Көһөҥө Бүөтүр аатынан стипендиатката, Олоҥхо ыһыаҕын (2014 с.) тойук күрэҕэр кылаан бириис хаһаайката, СӨ  үөрэҕириитин култууратын туйгуна, элбэх оҕо ийэтэ, эбээ, хос эбээ, биир дойдулаахпыт Жирков Семён Гаврильевич кыыһа Раиса Семёновна Маркова-Жиркова «Мукучу дорҕоон тойуга» дьарыгар түргэнник быһаарынан түмсэ охсон, маастар-кылааска үөрэнэн кэллибит.

Ол курдук, Раиса Семёновнаны кытта бастакы билсиһиибит Кэбээйигэ Елизавета Константиновна Софронеева балаҕаныттан саҕаламмыта. Раиса Семёновна бэйэтэ идэтинэн учуутал буолан оҕолорго, уһуйааччыларга кэпсиирэ, сүбэтэ-амата, билиитэ-көрүүтэ үрдүк таһымнаах. Олоҥхо эйгэтигэр, олоҥхону толоруу уустук үлэтигэр сыстан өр сыл үлэлээбит киһи буолан, олоҥхону Кэбээйигэ, Мукучуга бэйэтинэн кэлэн олоҥхону куолаан толоруу бөлөхтөрүн тэрийэр.

Биһиги биир баар суох Мастаахтар Кырса Сөдүөт «Биэ уола Бэйбэлдьийэ тулаайах» олоҥхону Кэбээйигэ сылдьан оруолларынан үллэрэн сыанаҕа толорбуттара. Раиса Семёновна олоҥхо тексин ааҕан, ырытан, бөлөх кыамталарын билэн, персонажтар ырыаларын үөрэтиигэ,толорор дьону туойарга-ыллыырга такайар, онтон оруолларынан аттарар, олоҥхо ис хоһоонуттан сценарий курдук бэрийэн, боруобалыырга үксэ бөлөҕүнэн куолаан толорууну, холонууларын Кэбээйигэ сылдьан истибитим, көрбүтүм.

Бүгүн оҕолорбунаан олоҥхо кэрэ эйгэтигэр «Дайан» сынньалаҥ киинигэр тиийэммит бөлөх толоруутугар түбэһэммит дорҕоон тойугар кулгаах-харах иччитэ буолан, сэргээн иһиттибит. Раиса Семёновна элбэх ыйытыыларбытыгар хоруйдаата. Аны оҕолорбут 6-скылаастар чабырҕахтаан чаҕаартылар. Евсей Анисимов С. Васильев «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхоттон быһа тардан иһитиннэрдэ. Уолаттары сөпкө тыыныыга Раиса Семёновна үөрэттэ. Тойук тылларын биэрэн туойарга холоннулар. Таарыйа кырыымпабытын илдьэ кэлэммит Татьяна Ивановна Абрамоваҕа кэрэ эйгэ искусство оскуолатын уһуйааччытыгар кыргыттар маастар-кылааска сырыттылар, үөрэннилэр.

Буолаары турар олоҥхо ыһыаҕар, Аммаҕа бэйэбит түөлбэбититтэн «Биэ Бэйбэлдьийэ тулаайах» диэн Кырса Сөдүөт олоҥхотунан кыттыахтаах Люция Сметанинаҕа Раиса Семёновна ыйан-кэрдэн, сүбэ-ама биэрдэ.

Түмүккэ бары уопсай хаартыскаҕа түстүбүт. Сэтинньи ыйга Раиса Семёновна анаан-минээн Мастаахтарга тиийиэм диэн үөртэ. Маастар-кылааска ыыппыт оскуолабыт дириэктэригэр Анжелика Николаевнаҕа, төрөппүттэрбитигэр, суоппарбытыгар Василий Егорович Семёновка махтанабыт.

«Түмүкпэр, олоҕу туойуҥ, олоҕу дорҕоонунан оһуордааҥ, олоҕу тылынан-өһүнэн мандардааҥ. Төһө киһи баарый, оччо оһуор-бичик, суол-иис, өй-санаа баар буола турарыгар», — диэн Раиса Семёновна эппит тылларынан түмүктүүбүн.

Сардаана ЖакиповаМастаах бөһүөлэгэ.