Норуот поэтын этиитинэн…

Алтынньы 1 күнүгэр саха литературатын  үгүс көрүҥэр дэгиттэр талааннаах Саха сирин, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, суруналыыс, суруйааччы Иван Иннокентьевич Егоров — Сүгэһэрдээх төрөөбүтэ 85 сыла туолар.

Кини Кэбээйи оройуонун Мукучу нэһилиэгэр холкуостаах дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтэ. Айылҕаттан айар үлэҕэ айдарыылаах Ваня Егоров оҕо сааһыттан суруйара биллибит.

Саха литературатыгар биир бэлиэ миэстэни ылар, бэйэтин кэмигэр туспа  суоллаах – иистээх суруйааччы Иван Егоров – Сүгэһэрдээх биир дойдулаахтара,кинини кытта алтыспыт кэмнэрин истҥник ахталлар: “Ваня үгүс суруйааччылар оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан хоһоон, кэпсээн суруйан саҕалыылларын курдук, кини эмиэ хоһоон суруйуутунан дьарыктанара. Кэлин онтуктара ситэн-хотон оҕо – аймахха бэртээхэй айымньылар буолбуттара”.

Россия, СӨ суруналыыстарын  сойууһун чилиэнэ, библиотекарь Ксения Егоровна Новикова 2014 сыллаахха “Кэскил” хаһыакка “Суруналыыс мургуна” диэн ыстатыйатыгар Танара орто оскуолатыгар өр сыл дириэктэрдээбит СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Михаил Степанович Спиридонов ахтыбыта баар: “Мин кинилиин оҕо эрдэхтэнбииргэ сылдьан убай-быраат курдук үөскээбит дьоммут. 6-7 кылаастарга үөрэнэ сылдьан Уйбаан хоһоон суруйар идэлэммитэ. Ити дьарыкка олох кутун туттарбыта диэххэ сөп. Саастыылаахтарыныын, биһигинниин таһырдьа дэҥҥэ  оонньоһоро. Сүүрбэт-көппөт буолара, дьиэтигэр сөҥөн олорон хоһоон суруйар эбит этэ.

Доҕорум оскуолаттан кэлээт, имик-самык умайар аҕыйах хардаҕастаах көмүлүөк оһоҕун иннигэр саба түһэн олорон, уоһун иһигэр ботугуруу – ботугуруу хоһоон тылын сыымайдыыра. Кумааҕы уктар обургу соҕус мас дьааһыгар эгэлгэ араас сиппит- сиппэтэх хоһооннор суруллубут илиистэрэ, киһи сөҕүөн курдук, кыстана сытар буолаллара”.

Оскуолаҕа бииргэ үөрэммит үөлээннээҕэ Семен Сергеевич Каратаев: “Иваны кытта бииргэ үөрэнэн 1956 сыллаахха Танара сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбиппит. Оччолорго оскуола Өкүчү диэн алаас илин өттүгэр үрдүк сиргэ турара. Үгүс суруйааччылар оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан хоһоон, кэпсээн суруйан саҕалыылларын курдук, кини эмиэ 6,7 кылаастарга үөрэнэ сылдьан  хоһоон суруйуутунан дьарыктанара.

Оччолорго оройуон үрдүнэн орто оскуола икки сиргэ, Кэбээйигэ уонна Сангаарга бааллара. Биһиги эҥээр оҕолор Кэбээйи сэлиэнньэтигэр киирэн үөрэхтэрин салгыыллара. Ол сиэринэн 1956-57 үөрэх сылыгар Кэбээйигэ киирэн 8 кылааска үөрэммиппит. Иван киирээт да оскуола кыраайы үөрэтэр куруһуогар суруйтаран, ол кыһын Кэбээйи сэлиэнньэтин төрүттэниитин туһунан матырыйаалы хомуйсубута. Сайыныгар оскуола тэрийбит экспедициятыгар кыттан Бүлүү өрүс төрдүгэр билиҥҥи Промышленнай диэн бөһүөлэккэ  айылҕа гааһа көстүбүт сиригэр, гаһы көрдүүр скважиналар тустарынан  оччотооҕу “Саҥа олох” хаһыакка элбэх ыстатыйаны суруйбуттара. Оскуола кэнниттэн Иван Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун агрономия салаатыгар үөрэммитэ. Үөрэҕин бүтэрэн баран идэтинэн үлэлээбэтэҕэ. Арай кинини мэлдьи хаһыат, бэчээт үлэһитин быһыытынан билэбин. Ол аата кини оскуолаттан саҕалаан, техникумҥа үөрэнэ сылдьан республика хаһыаттарыгар, ордук оччотооҕу “Эдэр коммунист” диэн ыччат хаһыатыгар элбэхтик бэчээттэнэрэ. Кини өр кэмҥэ  “Эдэр коммунист” сотруднигынан, эппиэттиир секретарыгар тиийэ үүнэн үлэлээбитэ. Онтон “Хотугу сулус” сурунаалга очерка уонна публицистика салаатын сэбиэдиссэйинэн ыҥырыллыбыта. Иван Егоров маҥнай оҕо суруйааччытын быһыытынан биллэн, оҕолорго аналлаах хас да кинигэни суруйбута. Холобур, “Сүгэһэрдээх куоҕас”, “Таю күнү аҕалыа” уо.д.а. Биир дойдулаахпыт, Социалистическай Үлэ Геройа — М.Ф.Спиридонов туһунан “Танкер капитана”, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии тематыгар “Малгиннар ийэлэрэ” уонна да атын кинигэлэри суруйан хаалларбыта. Онон Иван Егоров биһиги нэһилиэктэн тахсыбыт бастакы профессиональнай суруйааччы буолар”.

Биллиилээх суруналыыс, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Варвара Николаевна Угарова “Эдэргэ”эдэр да этибит” – диэн “Эдэр коммунист” хаһыакка үлэлээбитин туһунан ахтыы кинигэтигэр: “...Күлүмнэтэн түһэн чахчы суруйар уолаттардаах этибит эбээт. Чэ ааттаталыым эрэ: Реворий Кривогорницын, Георгий Борисов, Иван Егоров – Сүгэһэрдээх,Василий Васильев, Егор Неймохов,Сэмэн Попов – Тумат, Федор Стручков,Гаврил Егоров – Дьурантай, Вениамин Миронов,Бүөккэ Федоров,Михаил Алексеев – Дапсы,Николай Харитонов – Чуор, Прокопий Чукаар,Василий Платонов, Сергей Егоров уо.д.а. бары уоланнар, ааҕааччы чахчы билиммит суруналыыстара, суруйааччылара буолбуттара…”

Иван Егоров – Сүгэһэрдээх туһунан “Эдэр коммунист”хаһыакка бииргэ үлэлээбит доҕоро Прокопий Чукаар: “Отучча сыл кэриҥэ суруйар үлэттэн илиитин араарбатах, уус – уран суруйуу туруу саллаата, хаһыаччыт чулуута, суруналыыс мургуна этэ”.

Маннык дэгиттэр талааннаах киһини дьылҕа хаан биһиэхэ, мукучуларга биэрбитинэн мэлдьи киэн туттабыт. Кини аатын суолун үйэтитии, айымньыларын ааҕыы – суруйаааччы биир дойдулаахтарын барыларын иэһэ.

Бу күннэргэ “Айар” кинигэ кыһатыгар “Ийэ сүрэҕэ” кинигэ күн сирин көрүө, кинигэ тахсыыта олус соһуччу. Саха народнай поэта Иван Васильевич Мигалкин тыыннааҕар:  “Сүгэһэрдээх диэн суруйааччы баара, кини айымньыларын  “Айар” кинигэ кыһата хайаан да бэчээттиэн сөп этэ”, — диэн этэн, кинигэ таһаарыытын тематическай былааныгар киллэттэрбит. Ол туһунан биир үтүө күн  Семен Андреевич Новгородов аатынан “Айар” кинигэ  кыһатын эппиэттээх үлэһитэ В.Н. Луковцев  эппитэ. Манна даҕатан эттэххэ, Валерий Николаевич биир кэмҥэ, Иван Егоровы – Сүгэһэрдээҕи кытта “Хотугу сулус” сурунаалга үлэлээбит. Онон билэрин, ытыктыырын биллэрдэҕэ.

Киһиэхэ өйдөбүнньүк санаа диэн баар буолар. Дьэ, бу санаа олус күүстээх эбитин илэ итэҕэйдибит. Биһиги тапталлаах суруйаааччыбыт, биир дойдулаахпыт Иван Егоров – Сүгэһэрдээх, Саха народнай поэта Иван Васильевич Мигалкин дэгиттэр суруксуту,оҕо-аймах кэрэхсэбиллээх суруйааччытын өйдүү-саныы сылдьан этиитинэн, Валерий Николаевич Луковцев көмөтүнэн бу кинигэ саҥалыы тыыннанан күн сирин көрөн эрэриттэн олуһун үөрэбит. Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгин дьоно – сэргэтэ, суруйааччы Иван Иннокентьевич  Егоров дьиэ кэргэнэ, саха норуотун поэтыгар Иван Васильевич Мигалкиҥҥа, кини чугас дьонугар  дириҥ махталын, ытыктабылын биллэрэр.

Күндү ааҕааччылар, эһиги бу кинигэттэн Иван Егоров “Хобороос” драматын, “Дьүөгэлиилэр” пьесаны кэрэхсээн ааҕыаххыт диэн эрэнэбит.  

Кинигэ Улуу Кыайыы 80 сылыгар, Аҕа дойду көмүскэлигэр эдэркээн олохторун толук уурбут уолаттардаах  Ытык Ийэлэргэ  бука барыларыгар ананар.

Иван Афанасьевич Андросов – Айанньыт,  суруйаачы.

Бэлэмнээтэ Ксения Новикова, Мукучу.