Николай Яковлевка «Первооткрыватель месторождения» диэн бэлиэ иҥэрилиннэ

Муус устар 25 күнүгэр Кэбээйитээҕи П.Д. Степанов аатынан улуустаагы кыраайы үөрэтэр музейбытыгар Кэбээйи оройуонугар 1956 с. Бүлүү өруүһүн төрдүгэр айылҕа гааһын булууга кыттыбыт Таас-Тумус олохтооҕо Николай Алексеевич Яковлев 100 сааһыгар анаммыт кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааспыта.

Кинигэни таһаарбыта — уола Валерий Николаевич Яковлев, историческай докуменнарга олоҕуран аҕата Бүлүү төрдүгэр газ саппааһа көстөрүгэр сүрүн оруоллааҕын ыйбыта. Мустубут дьон Николай Алексеевичка «Бастакы гааһы арыйааччы» диэн ааты иҥэрэн үйэтитэргэ сөптөөҕүн биир санааннан ылыммыттара.

Бэҕэһээ автор Валерий Николаевич үөрүүлээх сонунун үллэһиннэ. Аҕатыгар Николай Алексеевич Яковлевка РФ Сиргэ баайын дуолун миниистирин А.А. Козлов ыам ыйын 27 күнүнээҕи 2024 с. №262 уурааҕынан — «Первооткрыватель месторождения» диэн бэлиэни иҥэрбиттэрбиттэрин билиһиннэрдэ.

Онон оройуоммутугар Бүлүү төрдүгэр 1956 с. айылҕа гааһын саппааһын Николай Алексеевич Яковлев арыйбыта чуолкайданна.

Григорий Егоров, Кэбээйитээҕи П.Д. Степанов аатынан улуустаагы кыраайы үөрэтэр музей дириэктэрэ.