Николай Лугинов айымньыларынан уол оҕону иитии оҥкуллара

Уол оҕо – хас биирдии норуокка эркин курдук эрэнэр киһи, ыал тутаах киһитэ буола улаатыахтаах. Дьылҕа хаан ыйааҕынан уол оҕо улаатан, аҕа буолар аналлаах. Кини дьиэ кэргэҥҥэ ытыктанар, хайҕанар ытыска өрө көтөҕүллэр киһи. Мээнэҕэ этиэхтэрэ дуо уол оҕо олохпут анала. Уол оҕо дьарыга элбэх, кыра эрдэҕиттэн сүүрүү-көтүү, кэлии-барыы. Барыта хамнаныы, ол барыта эт-хаан

сайдарыгар куруук туҺалаах. Уонча сааҺыттан үлэҕэ мускуллан, эриллэн барыахтаах. Ыалга улахан оҕону сатаан иитии олус улахан суолталаах. Оҕо оҕону үтүктэр, батыҺар, истэр, ылынар, үөрэнэр, сайдар. Оҕо оҕону

көрөр-харайар, ити барыта улахан үөрэх, иитии буолар. Уол кыра сааһыттан бултка-алка сыстыгас буола улаатар.

Саха литературатыгар уол оҕо проблематын А.Е. Кулаковскайтан саҕалаан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри суруйааччылар айымньыларыгар сытыытык туруораллар. Олортон биирдэстэрэ биһиги биир дойдулаахпыт, народнай суруйааччы Николай Лугинов буолар. Кини айымньылара уол оҕо, эр киһи олоххо аналын, айылҕаҕа сыһыанын, уол оҕо эр киһи буолан иитиллэн тахсар проблемаларын көрдөрөн ураты суоллаах суруйааччы быһыытынан билиннэ. Кини

“Чыркымай”, “Нуоралдьыма чараҥар”, “Суор”, “Сэргэ” айымньыларын ааҕан баран “Николай Алексеевич Лугинов айымньыларыгар уол оҕону иитии оҥкуллара” диэн дакылаатынан санаабын этэргэ холоннум.

Билиҥҥи кэмҥэ уол оҕо иитиллиитигэр олус уустук, ыарахан проблемалар тиийэн кэллилэр. Үөрэх, наука сүбэлэрэ бу хайысхаларга ситэ-хото оӊоhулла, чопчулана иликтэр.

Онон төрүт өбүгэлэрбит ньымаларыгар, өйдөрүгэр- санааларыгар эргиллэн, туhанан барарбыт олох ирдэбилэ буолла. Бириэмэ саӊаттан саӊа көлүөнэҕэ атын-атын ирдэбили туруоран иhэр, онон дьиэ кэргэҥҥэ оҕону олоххо бэлэмнээhиҥҥэ ирдэбил уларыйар.

Уол оҕону иитии, айылҕаҕа сыһыанын, олоххо аналын проблематын народнай суруйааччы Н.А. Лугинов айымньыларыгар чаҕылхайдык көрдөрөр, ааҕааччыны толкуйдатар, үөрэтэр, ырытар санааны саҕар. Академик К.С. Чиряев норуоппут педагогитыгар о5ону иитии үс суолунан барарын ыйар, ол Н.А.Лугинов айымньыларыгар маннык көстөр:

Үөрэтэн иитии, холобура «Сэргэ» сэһэҥҥэ:

Уйбаан Бѳѳтускэ маннык диир: «Кэбиһиий, доҕоор арыый дьалты соҕус ити диэки хаһыый. Ыалдьыт ааттаах дьон ыал тэлгэһэтин ортотугар кутаа оттуннахпытый». Бу үөрэтэн иитии өйдөтүү ньымата буолар.

Биһирээн иитии холобура «Нуоралдьыма чараҥар» сэһэҥҥэ маннык көстөр: эбэтэ Ньургун моҕотойдоон, бултаан кэлбитигэр үөрэр, хайгыыр. Бу норуот педагогикатыгар биһирээһин ньымата туттуллубут.

Буойан иитии «Сэргэ» сэһэҥҥэ Миитээни Убайа мѳҕѳр уонна маннык диир: «Бу эбит аҕаҥ төрөөбүт алааһа, балаҕана, сэргэтэ. Ону кэрдибиккин уот гыммыккын» диэн мѳҕѳр. Бу айымньыга буойан иитии мөҕүү ньымата көстөр.

Уол оҕону иитии оңкуллара:

Уол оҕону иитии Уол оҕо олоххо анала Уол оҕо уонна айылҕа Уол оҕо – олох туллар тутааҕа. Уол оҕо омукпут аатын ааттааччы, аҕа ууһун салҕааччы буолар. Уол улаатан дьонун-сэргэтин аһатан-таңыннаран, атахтарыгар туруорталаан улахан дьон буола улаатыннарар. Уол кыра сааһыттан бултка тардыһыылаах, аҕатын кытары мэлдьи бииргэ бултаан-алтаан улаатыахтаах. Сылдьан эрэн сиэри-туому тутуһуохтаах, Аан дойду уонна бары эбэлэр иччилэрин, аал уотунан алҕаан алаадьынан аһаталлар. Уол оҕону иитиигэ төрөппүт болҕомтото наада. Оҕону иитии ыалтан саҕаланар дьиэ кэргэн сыһыанынан салайтарар. Иитиигэ эбээ, эһээ көрүүтэ-истиитэ эмиэ наада. Кинилэр сүбэлээн-амалаан хайдах дьон буола улаатарга дьулуһаллар. Уол оҕоҕо төрөөбүт дойдуга таптал , иһирэх иэйии баар. Төрөөбүт дойду – диэн туохтааҕар да күндү буолар. Ханна да сырыт эн төрөөбүт дойдугун куруутун ахтаҕын – суохтуугун. Кини хас биирдии киһиэхэ күндү буолар. Ол курдук уол оҕоҕо төрөөбүт дойдуга таптал сүрүн оруол буолар.

Уол оҕону иитии «Суруйааччы уонна Уларыта тутуу» диэн кинигэҕэ Н.А. Лугинов “Саңа кэм туһунан санаалар” диэн ыстатыйатыгар бэйэтин санаатын бу курдук этэр: «Мин санаабар ыччаты нравственнай иитии уонна национальнай культура сайдыыта норуот үтүө үгэстэригэр, чуолаан, ол норуот тыһыынчанан сылларга дьарыктаммыт төрүт-уус дьарыгар тирэҕирэрэ саарбаҕа суох. Киһи тыла-өһө, интеллегэ, өйө-санаата кини төрүт-уус дьарыгыттан, үгэстэриттэн, киирпиичэ курдук, дьаарыстанан тахсан кэлэр. Тугу ытыгылыыр, туохтан дьаахханара –барыта онтон сибээстээх. Живописька эмиэ оннук. Сайынын айылҕа күөнүгэр отчуттар ойууламмыт хартыыналарын көрөөт да, дьыл хайа кэмин, от төһө сиппитин, кураанын дуу, өңүн дуу, күн төһөлөөбүтүн, хаһыс омурҕанын тута быһаарар эрэ киһи толору өйдүөҕэ. Оттон ол өйдөбүл дьонун-сэргэтин, айылҕатын ортотугар үөскээбит, иитиллибит киһиэхэ бэйэтэ да билбэтинэн өйүгэр-санаатыгар , этигэр-хааныгар иңэн хаалар» «Уол оҕо омук инникитэ-сайдыыта» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Уол оҕо омукпут аатын ааттатааччы, аҕа ууhун салҕаччы буолар. Уол оҕо орто дойдуга төрөөн, «дьиэ туттуохтаах, мас олордуохтаах, уол, кыыс оҕолонуохтаах» — диэн мээнэҕэ эппэттэр. Хас биирдии киһи кыра оҕоттон саҕалаан кырдьаҕаһыгар диэри , олох амтанын билэн олорор. Уол оҕо олоххо анала диэн, кини бэйэтин кэнниттэн аатын ааттатар ыччаты хаалларан барар. Кини оҕолорун иитэн- такайан үлэһит дьон оңортолоон, олох киэң аартыгар атаарыахтаах. Кини дьиэ-уот туттан , сылгы-сүөһү ииттинээри олорор. Кини дьоңңо-сэргэҕэ үтүө холобур буолуо.

Уол оҕо айылҕаҕа тапталы, киниэхэ сүгүрүйүүнү ийэ үүтүн кытта этигэр-хааныгар иңэринэр Айылҕа –диэн тулалыыр эйгэ. Хас биирдии киһи айылҕаттан аһаан- таңнан, айаҕын хааччынан олорор. Киһи айылҕаны кытта ыкса сибээстээх. Холобура иңсэ-обот диэни ылан көүөххэ. Айылҕаҕа балыга, кыыла, кустара көтөрдөрө элбэх. Ону биһиги хас күн аайы а5ыйатан иһэбит. Мин санаабар, куоталаһыы ким элбэҕи ылар эбитий диэбит курдук. Онон айылҕабытын харыстааң уонна таптааң. Уол оҕо уонна айылҕа уол олоҕор, кини тутулугар айылҕа, тулалыыр эйгэ сүрүн оруолу ылар.

Уол оҕону иитии норуот педагогикатыгар тирэҕириэхтээх. Онно академик К.С. Чиряев үөрэ5ин билиҥҥи төрөппүттэр билиэхтээхтэр дии саныыбын. Бу олоххо уол оҕону иитии норуот кэскилэ буоларын Н.А. Лугинов айымньыларын нөҥүө биллим. Уонна итиннэ сыһыаран манныгы этэбин: киһи айымньыны ааҕан, үөрэтэн элбэҕи билэр. Хас биирдии киһи таах аралдьыйаары эрэ буолбакка, саңаны билээри, уруккуну үөрэтээри ааҕыахтаах, ылбыт билиитин олоҕор туһаныахтаах диэн санааҕа кэллим. Киһи олоҕо араас буолар. Хас биирдии киһи олоҕун бэйэтэ оҥостор, киһи дьылҕатын туһугар бэйэтэ кыһаныахтаах, олох устун тэҥҥэ хаамыахтаах, сыалын ситиһиэхтээх. Ыарахаттартан чаҕыйбакка, тулуйан олох олорор аналбытын толорорго дьулуһуохтаахпыт.

В.Е.Колмогоров аатынан Сииттэ орто оскуолатын

8 кылааһын үөрэнээччитэ Петрова Ксения үлэтэ (2018с.).

Салайааччы: Сивцева Анна Лазарьевна