Муус устар 2 күнэ — Сахабыт сиригэр Актыбыыс күнэ

Муус устар 2 күнэ — Сахабыт сиригэр Актыбыыс күнэ.

Саха сирин араас муннуктарыттан Дьокуускай куоракка Саха сиринээҕи эригийиэн «Дууһабытынан эдэрбит» (Молоды душой) киин «Үрүҥ көмүс» волонтердара мустан, Валентина  Сартаева-Васильева салайар «Сомоҕолоһуу» бырайыагынан 14-c сылын ыытыллар тэрээһинэ Ю.А. Гагарин аатынан култуура киинигэр буолан ааста. Бу сыллааҕы үлэбитин түмүктүүр күммүт, ордук көхтөөх, интэриэһинэй буоллун диэн, Валентина Сартаева-Васильева Саха сирэ Арассыыйаҕа холбоспутугар аналлаах «Бал» бырайыагар, кэлбит эрэ бары үөрэ-көтө ыллаан-туойан, үҥкүүлээн, бэйэ-бэйэбитин кытта сэһэргэһэн атаардыбыт.

Манна кыттыыны ыллылар ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт Ил Түмэн норуодунай дьокуутаата, уопсастыбаннай үлэни өйүүр ыстаап салайааччыта Елена Голомарёва, Үлэ Министиэристибэтиттэн Анастасия Ермолаева, Сэрии-үлэ бэтэрээннэрин сэбиэтиттэн Галина Лебедева, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр аҕалар түмсүүлэрин «Лига отцов» эппиэттээх үлэһитэ Майя Аргунова, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр добровольчество ресурснай киинин салайааччыта Айыллаан Винокуров уо.д.а.

«Үрүҥ көмүс» волонтердар улуустарга добровольческай түмсүүлэри тэринэн көхтөөхтүк үлэлииллэрин, сомоҕолоһуулаахтарын көрдүлэр, иһиттилэр, билистилэр. «Дууһабытынан эдэрбит» киин өрөспүүбүлүкэҕэ чахчы күүскэ, элбэх бэтэрээннэри түмэн үлэлиирин билиммиттэрин эттилэр. Бу тэрээһиҥҥэ биһиги улуустан «Луҥха долгуннара» түмсүү «үрүҥ көмүс» волонтёрдара кыттан кэллибит. «Сомоҕолоһуу» тэрээһин кэнсиэригэр «Кырдьыбат вальс» уҥкүүнү эҕэрдэ бэлэх ууннубут.

Саха сиригэр Оҕо-аймах сыла биллэриллибитинэн Тамара  Семёноваҕа махтал сурук, Анастасия  Игнатьеваҕа Почётнай грамота туттардылар. Сыл түмүгүнэн, салайар «Луҥха долгуннара» түмсүүм өрөспүүбүлүкэҕэ «Бастыҥ творческай түмсүү» аатын ылан, номинацияҕа тиксэн үөрдүбүт. Уопсайа 160-тан тахса киһи кыттылаах улахан тэрээһин буолла. Бары өссө төгүл көрсүбүппүтүттэн үөрэн, ирэ-хоро сэһэргэһэн тарҕастыбыт. Украинаҕа байыаннай дьайыыларга сылдьан бааһыран, Хабаровскай куорат икки гопиталыгар сытан эмтэнэр Сахабыт сирин байыастарыгар быһа, биир дойдулаах волонтёрбут Алена Лебёдкина нөҥүө, аһынан-таҥаһынан, харчыннан уо.д.а. көмөлөһөбүт уонна бу да сырыыга 70.000 харчы хомуйан, саллааттарга суруктары, харысхаллары оҥорон туттардыбыт. Бу күн СВОҕа сылдьыбыт, сылдьар оҕолордоох ийэлэргэ сүгүрүйэн, эҕэрдэлээн, Арассыыйаҕа «Дьиэ кэргэн сыла» биллэриллибитинэн Уус-Алдан улууһуттан, 50-н тахса сыл бииргэ олорбут, кэргэннии волонтёрдарбытын чиэстээтибит. Бары хайысханы таарыйар далааһыннаах киэһэни тэрийсэн, ыытыһан, дьон махталын ылан кэлбиппиттэн астынабын. Ити курдук, бары бииргэ сомоҕолоһон сырыттахпытына барыта кыаллар.

«Луҥха долгуннара» түмсүү салайааччыта Полина Борисова.