Мукучулар кыстыкка киирдилэр

Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгин тыа хаһаайыстыбатын салалтатын специалиһын кытта быйылгы кыстыкка киирии бэлэмин туһунан кэпсэттим.

Марианна Кирилловна маннык сэһэргиир: “Быйыл кэтэх хаһаайыстыбаҕа барыта 1214 төбө сүөһү, ол иһигэр 394 ынах баара бэлиэтэнэр. СХПК МТС “Сайылык” (бэрэссэдээтэл – Дьяконов П.А.) – 285 төбө, ол иһиттэн ынаҕа – 115. Сылгы ахсаана кэтэх хаһаайыстыбаҕа – 422, ол иһигэр биэ – 215. ИП Дьяконов А.П. – 74 сылгы, ол иһиттэн биэтэ – 39. Маннык туруктаах кыстыкка киирэн эрэбит. Идэһэ кэнниттэн уопсай ахсааҥҥа уларыйыы тахсыа.”

Биллэрин курдук, быйыл сайын күн-дьыл туран биэрэн оту оттооһун былаана өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн туолла диэн этэллэр. Бу тыа дьонун көмүс көлөһүнүн түмүгэ. Эти-үүтү оҥорон таһаарар сыанан аҕаабата чахчы. Ардахха баттаппакка, үчүгэй хаачыстыбалаах оту оттоон кыстыгы этэҥҥэ туоруохтара турдаҕа… Ол курдук, Мукучу нэһилиэгэр оту оттооһун: кэтэх хаһаайыстыбаҕа – 1710 туонна, былаан 1830 эбит буоллаҕына, СХПК МТС “Сайылык” – 634,2 туонна, былаана – 670 т. Дьон оттуур сирдэрэ ууга сытар буолан, ылыныллыбыт былаан кыратык туолбатах, ол эрээри сыл тахсар отторун сөбүн көрөн бэлэмнээбиттэр.

Оттон Танара орто оскуолатын кэлэктиибэ (дириэктэр Эверстов Е.П.) 25 туоннаны оттоон былаанын толорбут. Марианна Кирилловна оттуур сири оҥорууга көдьүүстээх үлэ ыытылларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ: “Чымаадайга мелиорация үлэтэ бара турар, бүтэрэ чугаһаата. СХПК Кураҕаччылааҕынан, Дьиикимдэнэн инники баар хорууну ситэри хастардылар.”

Маны сэргэ, тыа хаһаайыстыбатын салалтатын специалиһа бэлиэтииринэн, быйыл саас кэтэх хаһаайыстыбаҕа 205 куурусса, 13 сибиинньэ кэлбит. Хортуоппуй үүнүүтэ соччото суох, эбиитин күтэр буулаан ыаллар эрдэ хостообуттар. Оттон теплица иһигэр үүнэр оҕуруот астарын үүнүүтэ үчүгэй. Бэлиэтээн эттэххэ, олохтоох нэһилиэк анал хамыыһыйатын көҕүлээһининэн (“Мукучу нэһилиэгэ” МТ дьаһалтатын баһылыга Левин Н.И.) “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” диэн сайыҥҥы үлэни-хамнаһы үмүрүтэн түмүктүүр тэрээһин бэрт көхтөөхтүк ыытыллыбыта.

Тыа сирин дьоно уһун кыһыҥҥа хороҕор муостааҕы хотоойутук иитэр, сыспай сиэллээҕи сыл таһаарар бүччүм түбүктээх, бигэ эрэллээх кыстыкка киирдилэр.

Светлана Самсонова, Сайылык сэл.

Источник: obrashaysya.ru