Сурук-бичик нэдиэлэтигэр, Дьиэ кэргэн, Оҕо сылларыгар анаан олунньу 8 күнүгэр бэрт интэриэһинэй тэрээһин буолан ааста. Ол курдук, Танара орто оскуолатын уоланнарын “Мохсоҕоллор”, “Уоланнар”, “Андыһыттар” бөлөхтөрө “Булугас өй” диэн интеллектуальнай күрэххэ тургутустулар.
Саха тылыгар, литературатыгар кэргэннии учууталлар Евдокия Николаевна, Афанасий Спиридонович Васильевтар иилээн — саҕалаан ыыттылар. Тыл уонна хамсаныылаах оонньуулар тэҥ тэҥинэн ыытылланнар кыттааччылар интэриэстэрин тарта.
“Уоланнар” чорбойон бастаатылар, “Андыһыттар” “Мохсоҕоллор” эрбии тииһин курдук тардыаластылар, ол эрээри “Мохсоҕоллор” бөлөх бэрт кыранан чорбойон иккис миэстэҕэ тигистэ.
Тэрийэр бөлөх, дьүүлүүр сүбэ аатыттан суруйда Ия Им.