Ийэкээм, тиийиэҕим күүлэйдии…
Ахтылҕан ырыатын ыллаары
Туохха да тэҥнэммэт киһибэр
Эйиэхэ тапталбын этээри
Мукучу нэһилиэгэр «Дайан» сынньалаҥ киин 52-с концертнай-театральнай сезонун арыйар «Күн ийэм алгыһын ыламмын» диэн дьоро киэһэтэ буолан ааста.
Бу киэһэ көрөөччүлэрбитин нэһилиэкпит ылбаҕай ырыаһыттара, «Дэриэбинэчээн» норуот тыйаатырын артыыстара, «Айыллаана» вокальнай ансаамбыл, «Сайдыына» түмсүү, оҕо искусствотын оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччилэрэ, өрөспүүбүлүкэбит араас муннугуттан биир дойдулаахтарбыт видео эҕэрдэлэрэ, ону тэҥэ үгэскэ кубулуйбут соһуччу бэлэхтэри утары ууннубут.
Саалаҕа мустубут күн күбэй ийэлэртэн аҕам саастаах ийэҕэ Маргарита Ивановна Яковлеваҕа тепловентилятор, элбэх оҕолоох ийэҕэ Варвара Николаевна Стрекаловскайаҕа сушилка, эдэр ийэҕэ Алина Алексееваҕа сибэкки дьөрбөтө соһуччу бэлэхтэри ылан сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ.
Киэһэ араас көлүөнэ ырыаларынан үҥкүү-битии бар дьоммутун угуйда.
Вера Прокопьева, Мукучу