«Дайан» сынньалаҥ киинигэр Учуутал уонна аҕа сүбэһит сылын чэрчитинэн, эдэр сааспыт чаҕылхай кэмин туоһута Комсомол 105 сааһын бэлиэтиир күнүгэр аналлаах тэрээһин буолан ааста.
«Коллекционердар быыстапкаларыгар биир кыайыылаах уонна анал ааттар туттарылыннылар. Ол курдук, «Сэдэх коллекция» анал ааты Валентина Степановна Рожина, «Үйэлээх оонньуурдар» Мария Ивановна Саввинова, «Эдэр коллекционер» Айыына Адольфовна Андросова ыллылар. Онтон «Бастыҥ коллекционер» ааты эбии үөрэхтээһин уонна оскуолаҕа киириэх иннинээҕи саастаах оҕолор уһуйааччылара Матрена, Егор Жирковтар дьиэ кэргэттэрэ ыллылар.
“Киһи сөҕөр, элбэх көрүҥү мунньар эбиттэр”, — диэн кэлбит дьон кэрэхсээтилэр. Кыттыбыт дьоммутугар махтанабыт уонна инникитин даҕаны сэдэх көрүҥнээх коллекцияларгыт хаҥаан истиннэр. Бар дьоҥҥо холобур буолар дьарыккытын бу курдук киэҥ эйгэҕэ таһааран, билиһиннэрэргит хайҕаллаах суол. Караокенан ырыа-тойук кэлбит ыалдьыттарбыт оччотооҕу кэм ырыаларын ыллаан, санаан, ахтан аастылар. Караокенан ырыаны олус сэҥээрдилэр. Эдэр саастарын санаан эрчимнээх үҥкүүгэ кыттыстылар. Эдэр саас эрчимнээх, хаһан да умнуллубат кэрчик кэмин санаһан ылар тэттик тургутуктарга холоннулар, комсомоллар ахтыыларын быыстапкатын кытта билистилэр, бэлиэ күнү хаартыска хараҕар хатаатылар.
В.Н. Прокопьева, “Дайан” СК специалиһа