“Мукучу дорҕоон тойуга”

Муус устар 15-16 күннэригэр Көһөҥө Бүөтүр аатынан стипендиатка, олоҥхо ыһыаҕын (2014 с.) тойук күрэҕэр кылаан бириис хаһаайката, СӨ үөрэҕириитин, култууратын туйгуна Раиса Семеновна Маркова-Жиркова «Мукучу дорҕоон тойуга” дьарыгар Танара орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ учууталларын кытары кытыннылар. Дьарык кэнниттэн 7 “б” кылаас үөрэнээччилэрэ санааларын астына-дуоһуйа үллэһиннилэр.

Алена Егорова: “Биһиги кылааһынан олоҥхоһут Раиса Семеновна Маркова-Жиркова дьарыгар сылдьан элбэх туһалааҕы иҥэриннибит. Ол курдук, сөпкө тыынарга, үчүгэй эйгэҕэ сылдьарга, сэниэлээх буоларга, кылыһахтыырга үөрэттэ. Наһаа сэргэхсийбиппит. Аан бастаан эппитин-сииммитин уһугуннарбыппыт, ол кэнниттэн иһинэн тыынарга үөрэммиппит. Онтон медитация курдук илиибитин остуолга ууран, салгыны эҕирийэн баран олорбуппут. Бу ньыма сэниэ ыларга, айылҕаны кытта сибээстэһэргэ көмөлөһөр эбит. Маны сэргэ дорҕоону сатаан саҥарарга, кылыһахтыырга эрчиллибиппит. Биһиги кэннибититтэн алтыс кылаас оҕолоро дьарыктана кэлбиттэрэ. Мин маннык уруоктары сөбүлүүбүн”.

Вася Абрамов: “Кылааһынан Раиса Семеновна дьарыгар 11 буолан сырыттыбыт. Олус үчүгэй олоҥхону иһиттим, кэрэхсээтим.” Кычкин Костя: “Бэҕэһээ кылааһым оҕолорун кытта модельнай библиотекаҕа олоҥхоһут дьарыгар кэлбиппит. Сэрээккэлээбиппит уонна ыллыырга-туойарга үөрэммиппит. Туһалаах уруок дии санаатым, сөбүлээтим”. 

Кычкин Игорь: “Дьарыкка сөпкө тыынарга, дорҕоону таба саҥарарга эрчиллибиппит. Салгыны эҕирийэн ылан баран, наллаан холкутук таһаарарга холоммуппут. Тойукка, олоҥхоҕо үөрэнии ньымаларын туһунан истибиппит. Мин ордук массааһы хайдах оҥорору көрдөрбүтүн сэргээтим. Биһигини үөрэппитигэр олоҥхоһут Раиса Семеновнаҕа махталбытын тиэрдэбит”.

Түмүктээн эттэххэ, «Мукучу дорҕоон тойуга” дьарык нэһилиэккэ улахан сэҥээриини  ылла. Төрүт дорҕоону таба саҥарарга, сатаан сайа тыынарга, кылыһахтыырга, бэйэни турукка киллэрэргэ, олоххо туһааннаах сыал-сорук туруорунан ситиһиилээх буоларга сиэрдээх билии-көрүү аанын сэгэтэн көрөннөр, тойук, олоҥхо эйгэтигэр ыалдьыттааннар эдэрдиин-эмэнниин сэргэхсийдилэр, биһирээтилэр. Ытыктабыллаах Раиса Семеновнаҕа үйэлээх үгэһи сөргүтэр, сахалыы тыыҥҥа иитэр-такайар, норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаалын, олоҥхону, бар дьонугар тиэрдэр сыралаах үлэтигэр ситиһиини, тус олоҕор дьолу-соргуну, чэгиэн доруобуйаны баҕарабыт.

Светлана Самсонова, Мукучу