Мин Ойуунускайым

“Кэриэһим – кэннибэр хааларым:
Кэхтибэт кэрэкэ тылларым…”

(П.А. Ойуунускай)

Саха сирэ баай, дириҥ силистээх устуоруйалаах, өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит үтүө үгэстэрдээх, сиэрдээх-туомнаах, ураты айылҕалаах дойдунан буолар. Билиҥҥи биһиги көҥүл, тот олохпут үөһэттэн түспэтэҕэ, халлаантан айыллыбатаҕа. Ааспыт история быыһын сэгэтэн көрдөххө, ону барытын өйдүүгүн уонна төһөлөөх эдэр, күөгэйэр күннэригэр сылдьар дьон саҥа, кэскиллээх олох туһугар олохторун толук уурбуттара буолуой диэн хараастаҕын. Олор ортолоругар бааллара Максим Аммосов, Степан Аржаков, Исидор Барахов, Платон Ойуунускай уонна да атыттар.

История кэрэһэлииринэн, Колчак былааһын Дьокуускайдааҕы салалтата 1919 сыллаахха ахсынньы ыйга самнарыллыбыта, сэбиэскэй былаас туругурарын иһин унньуктаах, хаан тоҕуулаах охсуһуу саҕаламмыта. 1921 сылтан саҕаламмыт Гражданскай сэрии Саха сиригэр улахан хоромньуну оҥорбута. Маннык ыгым, эппиэтинэстээх кэмҥэ дьиҥ чахчы норуотун туһугар ис сүрэҕиттэн ыалдьар киһи, тулхадыйбат дьулуурдаах, күүстээх санаалаах, ийэ дойдутугар муҥура суох бэриниилээх салайааччы эрэ төрөөбүт сирин үөдэн түгэҕиттэн өрө тардан таһаарар кыахтааҕа. Ким оннук  ыар үлэни дьарамай санныгар сүкпүтэй диэтэргит – Платон Алексеевич Ойуунускай. Баартыйа сорудаҕынан 1921-1922 сылларга Саха күбүөрүнэтин өрөпкүөмүн бэрэссэдээтэлинэн, 1922-1927 сыллардаахха Саха АССР народнай комиссардарын сэбиэтин, Киин ситэриилээх комитетын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Былатыан Ойуунускай саҥа тэриллибит өрөспүүбүлүкэ үлэтин олохтоспута, норуот олоҕун чөлүгэр түһэрсэргэ сыратын уурбута.

Саха Автономнай Советскай Социалистическай Республиката (САССР) 1922 сыллаахха муус устар ый 27 күнүгэр тэриллибитэ. Бу саха дьонугар кэрэ-бэлиэ күнүнэн буолар. Ол курдук, норуоту үөрэхтээһин үлэтэ күүһүрбүтэ, кадрдары бэлэмнээһин саҕаламмыта. Автономия тэриллиэҕиттэн оскуолаларга сахалыы үөрэнэр кинигэлэри бэлэмнээһин, бэчээттээһин саҕаламмыта. Кинигэни таһаарар кыһа 1926 сылтан үлэтин саҕалаабыта. Бастакы сахалыы суруллубут хаһыаттар, сурунааллар, кинигэлэр тахсыбыттара. Анемподист Софронов редактордаах “Чолбон” диэн маҥнайгы сахалыы литературнай сурунаал баар буолбута. Саха сэбиэскэй литературата сайдар аартыга арыллыбыта. Өрөбөлүүссүйэ биэрбит көҥүлүн туойар, саха омуга бэйэтэ туспа сайдар кыахтаммытын уруйдуур айымньылар айыллыбыттара. (“Көҥүл ырыата”, “Уруйа улааттын” уо.д.а.) Маннык өрөгөйдөөх кэмнэргэ саха чулуу уолаттара инники күөҥҥэ сылдьыбыттара. 1931-1935 сылларга Платон Ойуунускай Москваҕа национальностар институттарыгар аспирантураҕа үөрэммитэ уонна сахалартан бастакы линтвистическэй билим хандьытаата буолбута, саҥа тэриллибит Саха тылын уонна култууратын институтун дириэктэринэн анаммыта.
“Платон Алексеевич Ойуунускай саха норуотун куолаһа уонна киэн туттуута буолара. Эгэлгэ өрүттээх ураты талаан, норуот олоҕун дириҥник билии Ойуунускайга бэйэтин кэмигэр төрөөбүт норуотун историческай дьылҕатын ордук бөдөҥ проблемаларын таба бэлиэтии көрөр кыаҕы биэрбиттэрэ. Кини киэҥ дууһалаах, үтүө сүрэхтээх, ырааҕы көрөр өйдөөх киһи этэ. Баай ис хоһоонноох, бөдөҥ общественнай событиелардаах олоҕор бэйэтин идеалын иһин дохсун политическай охсуһуутугар кини үгүс үөрүүнү уонна хомолтону көрбүтэ. Ол гынан баран кини төрөөбүт норуота инники кэскиллээҕэр бигэтик эрэнэрэ,” – диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы президенэ М.Е. Николаев 1993 сыллаахха тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Чахчыта, Платон Ойуунускай автономнай республика тэриллэригэр, төрөөбүт дойдутун экономиката бөҕөргүүрүгэр, култуурата, литературата сайдарыгар төһөлөөх сүүрэн-көтөн кыһаммыта, эппитэ-тыыммыта буолуой?!

Поэт Күннүк Уурастыырап эппитинии, Платон Ойуунускай “аҥар илиитигэр кырыылаах ыстыыктаах, аҥарыгар суруйар харандаас тайыылаах…” дойдутун, бар дьонун туһугар этинэн-хаанынан ыалдьар дьиҥнээх патриот, норуот уола этэ. Кини айар үлэтэ общественнай-политическай охсуһуутун кытары биир ситимнээх, ол да иһин поэзията күүстээх лирическэй сүүрээннээх, оптимистыы тыыннаах. Икки үйэ кирбиитигэр талааннаах поэт, саха уус-уран тылын улуу маастара, бөдөҥ общественнай-политическай деятель быһыытынан буһан-хатан тахсыбыта. Кини – саха норуота үүнэрин-сайдарын туһугар олоҕун бүүс-бүтүннүү анаабыт үтүөкэннээх дьоннортон биирдэстэрэ.  Сыл-хонук төһө даҕаны уу сүүрүгүнүү биллибэккэ уһуннар, репрессия миэлиҥсэтэ дьон дьылҕатын уларытан, сүрэх оспот бааһа оҥорон эргийэн аастар даҕаны, өйбөр-санаабар саха чулуу уолун мөссүөнэ өрүү тыыннаах. Кинини мин Ойуунускайым диэн ис-испиттэн махтана, таптыы, киэн тутта ааттыыбын.
Күн бүгүн Сахабыт сирин айылҕатын дьөлө хаһан сир баайын харыыта суох хостооһун, өрүстэр уонна күөллэр ууларын киртитии, промышленность туһатыгар диэн хара тыа маһын кэрдии, ол эбэтэр айылҕаны харыстааһын (экология) кыһалҕата сытыытык  турар. Маны көрөн, ама, хайа саха санаата түспэт, хараастыбат, сүрэҕэ-быара ыалдьыбат буолуоҕай?! Ардыгар Аммосовтаах, Ойуунускайдаах бааллара буоллар диэх санаа киирэн кэлэр, өрүһүнэр суолу көрдөөн өйүм-санаам өрүкүйэр. Мин Ойуунускайым өркөн өйүнэн, модун санаатынан туруулаһан, хомуһуннаах тылынан этэн-тыынан, уоттаах хараҕынан тобулу көрөн хайаатар даҕаны күчүмэҕэйи туоратан, тирээн турар кыһалҕаны быһаарыах этэ дии саныыбын. Итиэннэ, саха киһитэ, бар дьоҥҥор, төрөөбүт дойдугар күүһүҥ тиийэринэн, кыаҕыҥ баарынан суон дурда, халыҥ хахха буола тур диэхпин баҕарабын.
Кэнэҕэс кэлэр кэм кэнчээри ыччатыгар Платон Ойуунускай олорбут олоҕо, өрө күүрүүлээх поэзията история биир бэлиэ кэрдииһин кэрэһэлиир үйэлээх өйдөбүнньүк буолан хаалыаҕа. Үгүс сыратын биэрбит сүдү айымньылара: “Дьулуруйар Ньургун Боотур”, “Кыһыл Ойуун”, “Улуу Кудаҥса” уонна тоҥ да сүрэҕи уулларар уйаҕас лириката саха омук баарын тухары умнуллуо суоҕа. Мин Ойуунускайым айбыт айымньыта үс үйэ тухары куйаары иилии иччилэнэн иһиллэ туруоҕа…

Бэлиэтээн эттэхпинэ, уус-уран литератураҕа тапталы миэхэ саха классик суруйааччылара иҥэрбиттэрэ диэн толору этэр бырааптаахпын. Саха бастакы суруйааччыларын: А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, А.И. Софронов-Алампа, Н.Д. Неустроев уонна саҥа сэбиэскэй литератураны төрүттээччи П.А. Ойуунускай айымньыларын оҕо эрдэхпиттэн кэрэхсээн ааҕарым. Ордук сөбүлээн, Былатыан Ойуунускай “Көҥүл ырыата” хоһоонун дорҕоонноохтук ааҕарбын өйдүүбүн.

Дирбиэн-дарбаан күннэргэ,
Дирбийэн-дарбыйан тураммыт,
Көнөр көҥүлү көрдүөхпүт,
Көмүс солону көмүөхпүт!
 
Тибиилээх-тиһиктээх күннэргэ,
Тибийэн-табыйан тураммыт,
Баай дьон батталын барыахпыт,
Барбах дьоннор барҕарыахпыт!

Кэлин ырыҥалаан көрдөхпүнэ, айымньы баай тыла-өһө, үрдүк патриотическай тыына умсугуппут буолуохтаах. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьаммыт, саха литературатын уруогар үгүс хоһоону өйбүтүгэр үөрэтэн туттарар этибит. “Оҕо куйуурдуу турара” кэпсээни ааҕаммын, куйуурдьут уолу аһыммытым уонна үөрэххэ тардыһар санаата күүстээҕин сөхпүтүм-махтайбытым. Оччотооҕу оҕо сааһым кэмин олус күндүтүк саныыбын, уус-уран литератураны ааҕарбар олук уурбут дьоммор: ийэлээх аҕабар, эбэбэр, учууталларбар махтанабын. Биһиги дьиэ кэргэн хаһыат, сурунаал кэлэрин олус кэтэһэрбит уонна былдьаһа-тарыһа ааҕарбыт. Ардыгар, үөрэҕим кэнниттэн киэһэ, уот бардаҕына, чүмэчи уотугар “Хотугу сулус” сурунаалга тахсыбыт айымньылары аҕабар доргуччу ааҕан иһитиннэрэрим. Ол курдук, уран тылга умсугуйуум саха суруйааччыларын айымньыларыттан саҕаламмыта уонна үйэм тухары суолдьут сулус буолан инникигэ сирдиир, сырдыкка, кэрэҕэ угуйар. Айымньыны суруйар алгыстаах айаммар остуолум үрдүгэр өрүү баар – Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа, Платон Ойуунускай хоһооннорун хомуурунньуга. Кинилэр миэхэ күүс-сэниэ биэрэр, өй-санаа салгыыр курдуктар…

П.А. Ойуунускай “Кыһыл Ойуун” диэн дириҥ философскай ис хоһоонноох, уһулуччулаах айымньыны суруйбута уонна айар үлэ туһунан маннык этэн турардаах: ”Тыл муҥа баар – улахан муҥ, ол да эрээри тыл маастарын үөрэр үөрүүтэ муҥунааҕар элбэх, кинитээҕэр минньигэс… Тыл муҥа – соргу дии саныыбын… Суруллубут уоттаах тыл умуллубат, дьүһүннэммит тыл сүппэт, хомуһуннаах тыл умнуллубат үйэттэн үйэ тухары…” Платон Ойуунускай саха тыла сайдарыгар баҕарара, сайдыа диэн эрэлин эппитэ. Билиҥҥи суруйааччылар иннилэригэр саха тыла уонна уус-уран литературата сайдарын туһугар боччумнаах айымньылары суруйан хаалларар улахан сорук турар. Мин Ойуунускайым эппитэ олоххо киирэр, саха тылын кэскилэ кэҥиир, үүнэр-сайдар…

«… Суруйааччы элбэх, айааччы аҕыйах, судургу эттэххэ, ырыаhыт буолуон баҕарааччы бэрт элбэх, дьиҥ ырыаhыт бэрт аҕыйах,» – диэн Былатыан Ойуунускай эппитэ билиҥҥи кэмҥэ эмиэ сыhыаннаах дии саныыбын. Былыргы да, аныгы да үйэҕэ кумааҕыны марайдааччы үгүhэ, ол эрэн бастыҥтан бастыҥнар айымньылара бар дьон сүрэҕэр иҥэн, ɵлбɵт-сүппэт аналланан баччаҕа тиийэн кэллэхтэрэ.

Мин санаабар, тылга болҕомто күүhүрүɵхтээх. Бастатан туран, саха тɵрүт дорҕооннорун харыстыахха. Иккиhинэн, айымньы уус-уран таhыма үрдүк буоларыгар кыhаныахха. Үсүhүнэн, этии тутулун сатаан оҥоро үɵрэниэххэ, уу сахалыы суруйуохха. Тыл омук баайа, омук тыына буоларын ɵйдүүрбүт уолдьаста. Онон хас биирдии суруйар киhи, сүрэҕин-быарын ууран туран, тылга харысхаллаахтык сыhыаннаhара ирдэнэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, саха тылын харыстыырга саха тыллаах бүттүүн турунуохтаахпыт. Биһиги, айар-суруйар дьон, норуоппут иннигэр саха тылын сүмэтэ, ууһа-урана, сүтэн-оһон хаалбакка, киһи аймах култууратын фондатын байытыһа турарын туһугар туруулаһар халбаҥнаабат иэстээхпит. Үйэлэри уҥуордаан, Былатыан Ойуунускай өлбөөдүйбэт мөссүөнэ бар дьонун сүрэҕэр тиллэн кэлэр, сытыы, кыраҕы хараҕа, чуор кулгааҕа саха норуотун олоҕо-дьаһаҕа тупсарын кэтээн көрөр-истэр, айбыт айымньытынан өй-санаа уган элбэҕи эрэнэ кэтэһэр…

Светлана Самсонова-Сиибиктэ, суруналыыс