Мастаахха «Үлэ чиэс албан аат»сквер арылынна.

Балаҕан ыйын 7 күнүгэр Мастаахха күлүмнүүр күһүммүт күндэлэс күннэрэ үүммүт уонна долгутуулаах,үөрүүлээх түгэнинэн «Үлэ чиэс албан аат»диэн нэһилиэкпитигэр сибэккинэн симэммит үөрүүлээх сквер аһыллыыта үөрүү-көтүү аргыстаах эҕэрдэнэн астылар.Бу үөрүүлээх бэлиэ кэмигэр аал уоппутун оттоммут алгыс тылы этэр дьоллоох түгэммит тосхойдо.

Ол курдук нэһилиэккэ,улууска,Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ырыаһыт-тойуксут,хоһоонньут,иистэнньэҥ эдьиийдээтэр эдьиийбит Марыына Даниловна Комарова сиэрин -туомун толордо.Саха сиригэр араас улуустарга маннык  элбээн эрэллэриттэн киһи үөрэр уонна киэн туттар.Бу проектарга өрөспүүбүлүкээнскэй программаҕа «Поддержка местных инициатив»нэһилиэгинэн кыттаннар,улуус көмөтүнэн программаҕа харчы көрүллэр эбит ,дьэ ону кыайаннар наһаа элбэх кумааҕы үлэтин көрсөллөр,проект сметата,эскиз оҥоһуута бука бары кыттыһаннар ылсаннар үлэлэспиттэрэ.Манна сүрүн кылааты нэһилиэнньэ киллэрэр.Бу үөрүүлээх түгэн арыллыытын кыһыл лент а быһыыга үөрүүлээх чааһын аҕа баһылыкпытыгар Юрий Иванович Лепчиковка уонна бу сквергэ үлэлэспит дьоммутугар Мария Даниловна Соловьёваҕа,Николай Сергеевич Максимовка сүктэрилиннэ.Ол кэнниттэн салгыы эҕэрдэ тылы Юрий Иванович Лепчиков бар дьонун эҕэрдэлээтэ.Махтал сурук 2-с Лүүчүн нэһилиэгин аатыттан бу сквергэ кыттыспыт ,үлэлэспит дьоммутугар Николай Максимовка,Дорофей Семёновка,Григорий Семёновка,Мария Даниловна Соловьёваҕа,Нина Игоревна Семёноваҕа,Криста Дмитриевна Герасимоваҕа туттардылар.Истиҥ ырыаларынан эҕэрдэлии кэллилэр биһиги нэһилиэк далбар хотуттара «Иэйии» «вокальнай ансаамбыла.Бу сквер арыллыытын дьону көрсөн айах тутан күндүлээтилэр «Тускулаана»түмсүү салайааччы Нина Петровна Михайлова.Кэнчээри ыччат аатыттан эҕэрдэ ырыаларынан «Айдарыы»ансаамбыла салайааччы Сардана Жакипова киэргэттилэр.Сквербитигэр бастатан туран нэһилиэк историята,кимнээх хаһан олорон ааспыттара,бөһүөлэк баар буоларыгар бастакы кылааты киллэрбит дьоннор,Аҕа дойдуну көмүскээбит дьоммут ааттара,үлэ бэтэрээннэрэ,култуура,үөрэх эйгэтин бастыҥ дьонноро кинилэр ааттара үйэттэн үйэҕэ хаалан иһэригэр,норуоттан норуокка ,көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллии баар буоллаҕына эрэ туспа бөһүөлэк буолан,улуус буолан,норуот буолан олоруохтаахпытын ону бигэргэтэр үлэ барда.Инникитин даҕаны маннык таһаарыылаахтык бу түмүллүбүтү мүччү туппакка үлэлээн-хамсаан өссө саҥа саҕахтары арыйан иһэргитигэр баҕа санаабытын этэбит.Сквербит саамай киһи хараҕар быраҕыллара диэн араас өҥнөөх дьэрэкээн петуниялары олордоннор, тэрээһини уонна бу историческэй улахан суолталаах сквери ситэрэн-хоторон,сибэккилэр олуһун киэргэттилэр.Үөрбүт -көппүт, мичилийбит харахтар сибэкки тула хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэмиттэ.Махтанабыт эһиэхэ эйэлээх олоҕу уһансыбыккытыгар,дойдубут туһа диэн кэрэ олоҕу бэлэхтээбиккитигэр,куруутун астына саныахпыт,эһигиннэн киэн туттуохпут! Лүүчүммүт кэскилэ кэҥии,үүнэ,чэчирии турдун! Уруй-Айхал!Тускуо!

Суруйда:Сардана Жакипова
Мастаах нэһилиэгэ