Арассыыйаҕа «Дьиэ кэргэн», Саха сиригэр «Оҕо саас», улууспутугар Култуурнай нэһилиэстибэ сылынан бигэргэтиллибитэ. Мастаах нэһилиэгэр Тыһаҕаска өйдөбүнньүк бэлиэ турда.
Ол курдук, бөһүөлэкпитигэр бырааттыы Ильиновтар ааттарынан уулусса, ини-бии Ильиновтар паамытынньыктарын аһыллыыта бэс ыйын 26 күнүгэр 2020 сыллаахха буолбута. Бу паамытынньыкка киһи бэйэтин илиитинэн ис дууһатыттан ылсан оҥорбут, үлэлэспит киһибитинэн буолар Роберт Вячеславович Ильинов. Дьоллоох олоҕу уһансыбыт, кырыктаах сэриини кыайбыт улуу дьоммутугар хас биирдиилэрин ахтан-санаан, ытыктаан, кэлэр көлүөнэҕэ билиһиннэрэн, кэпсээн хаалларар биһиги ытык иэспит буолар. Дьоллоохтук, көҥүл олорорбут туһугар эдэр олохторун толук ууран, сэрии хонуутуттан төннөн кэлбэтэх Улуу Кыайыыны аҕалсыбыт дьоммутугар анаан өйдөбүнньүк бэлиэ — сэргэ турда. Улуу Кыайыыны уһансыбыттарга махтанабыт, умнубаппыт, ытыктыыбыт!
Сэргэни туруорууга аймахтыылар Роберт Вячеславович Ильинов, Николай Николаевич Алексеев, Прокопий Антонович Никифоров уонна Ильиновтар сиэннэрэ,хос сиэннэрэ Дьокуускайтан кэлэн бу бэлиэ күҥҥэ олохторун толук уурбут ытык дьонноругар муҥура суох махталларын, кинилэргэ сүгүрүйэллэрин сырдык ааттарын үйэлэргэ ааттата турар соруктаахтарын, ытык иэстээхпитин көрдөрөр дьоһун бэлиэҕэ кыттыстылар.
Сэргэ бэлиэ — баай, талым олоҕу түстүүр, кэнчээри ыччаттарбытыгар сүҥкэн улахан суолталаах, ааспыт кэми эргитэр, устуоруйа кэрэһитэ.
Өйдөбүнньүктэри үйэтитиэҕиҥ, паамытынньыктары харыстыаҕыҥ!
Сардана Жакипова, Мастаах бөһүөлэгэ.