Мастаахха Олоҥхо дэкээдэтэ

Н.П. Егоров аатынан Мастаах орто оскуолатыгар Олоҥхо күнүн бэлиэтээн тэрээһин буолан ааста. Ол курдук, сарсыардабыт хас биирдии саха ыалыгар саха омук сиэринэн арыылаах алаадьынан көрсүбүт буолуохтаахтар. Улаханныын, кыралыын олоҥхо оҕолоро буоларбыт быһыытынан, бу күнү уруйдаан-айхаллаан сахалыы таҥаһынан симэнэн көрүстүбүт. Хас биирдии кылаас сахалыы муннугу тэрийдилэр.

Үөрүүлээх линейканы саха тылын уонна литературатын учуутала М.Е. Анисимова иилээн-саҕалаан ыытта. Олоҥхо дэкээдэтин аһыллыытын 8 кылаас үөрэнээччилэрэ уоланнара Б. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон быһа тардан толордулар. 1 кылаас кыргыттара, 5 кылаастар Айгылаана Борисова, Снежана Степанова чабырҕахтаан чаҕаартылар.

Ньургустаана Николаевна Уваровская Т.Е. Сметанин 105 сылын көрсө «Син биир этиэҕим сирдээҕи дьолу билэбин диэн» Сметанинскай викторинаҕа, уруһуй күрэҕэр кыттыбыт оҕолорго грамота туттарда. Салгыы ДШИ оскуолатын фольклорга салаатын уһуйааччыта Өрөспүүбүлүкээнскэй «Көмүс дьүрүскэн» хомус күрэҕин Үрдэл иккис истиэпэннээх, улууска ыытыллыбыт куйаар ситиминэн «Оһуокайдаан ойуохха, эһиэкэйдээн тэйиэххэ» оһуокай күрэҕин Кэскиллээх этээччитэ Каролина Саввинаҕа грамота туттарда. Бу кэнниттэн бары түмсэн оһуокайдаатыбыт. Оһуокайы оройуттан туттубут Мария Борисова 11 кылаас, Каролина Саввина 9 кылаас үөрэнээччитэ таһаардылар. Салгыы үйэлээх хаартыскаҕа түһүү буолла.

Тэрээһиннэргэ ис- сүрэхтэрин ууран туран кыттыбыт хас биирдии үөрэнээччилэрбитигэр, учууталларбытыгар, төрөппүттэрбитигэр барҕа махтал буолуохтун!

Олоҥхо курдук киэҥ эйгэлээх буолуҥ!
Тойук курдук тускуллаах олохтонуҥ!
Ырыа курдук айымньылаах буолуҥ!
Оһуокай курдук оҥкуллаах санаалаах буолуҥ!
Доом-доом-доом!

Сардана Жакипова, Мастаах нэһилиэгэ