Мастаахха оҕо ускуустубатын оскуолатын отчуотунай кэнсиэрэ буолан ааста

Кыракый эрдэхтэн ыллыахха,
Кыракый эрдэхтэн сырдыахха,
Ып-ыраас ыралаах буолуохха,
Ыраахтан ыраахха барыахха,
Кыракый эрдэхтэн айыахха,
Кыракый эрдэхтэн бастыахха,
Хоһуун кыыс, хоһуун уол дэтиэххэ,
Холобур көрдөрөн иһиэххэ.

Степан Васильев норуот айымньытын дьиэтигэр Сайылыктааҕы оҕо ускуустубатын оскуолата Мастаахтааҕы филиала Дьиэ кэргэн күнүн көрсө, Оҕо сылыгар анаммыт отчуоттуур кэнсиэрэ буолла.

Оҕолорбут, төрөппүттэрбит уонна уһуйааччыларбыт дьоҕурдарын, талааннарын, сатабылларын, сыллааҕы сыралаах үлэлэрин көрдөрөр отчуоттуур кэнсиэрэ олус сэргэхтик, кэрэхсэбиллээхтик ааста. Ол курдук, кэнсиэрбитин чаҕылхай ырыаларынан киэргэттилэр 2, 4, 6 кылаастар кэлэктииптэрэ. Биирдиилээн ырыаны толорооччуларынан Каролина Саввина, Маша Борисова, Артём Архипов, Саша Семёнов, Кирилл Саввин, Уйгун Саввинов көрөөччүлэргэ ылбаҕай ырыаларынан бэлэх ууннулар. Ойор-тэбэр үҥкүүлэрин 4 уонна 6 кылаас кэлэктииптэрэ сахалыы үҥкүүнэн киэргэттилэр. Үҥкүүнү норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Ариан Дьяконов туруорбута. Улахан сыанаҕа саҥа тахсар кырачааннарбыт маҥнайгы кылаастарбыт көрдөөх чабырҕаҕынан чаҕаартылар. Кэнсиэрпитин иилээн-саҕалаан ыытта Мастаах орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ, Олоҥхо ыһыахтарын кэскиллээх олоҥхоһута, ылбаҕай ырыаһыта, фольклор кылааһын уһуйуллааччыта Маша Борисова. «Айдарыы» ансаамбыл Бүлүүгэ «Олоҥхо дойдутун талааннара» күрэскэ баран Үрдэл ааты сүгэн кэлбиттэрэ. Кинилэр бу кэнсиэркэ фольклорнай дьүһүйүүнэн кэнсиэри арыйдылар. «Олоҥхо дойдутун талааннара» күрэс Гран -При хаһаайыттара  6 кылаас кэлэктиибэ «Оскуоланы өҥөйдөххө» диэн Мария Герасимова-Сэҥээрэ чабырҕаҕын олус бэркэ чабырҕахтаатылар. Хомус алыптаах дорҕоонун сыанаҕа фольклор уһуйуллааччылара алын сүһүөх кыргыттара хомуска тардан иһитиннэрдилэр. Уһуйааччы Сардаана Жакипова сыл устата үөрэтэр дьарыгар оҕолоругар фольклор араас көрүҥнэригэр олоҥхо, тойук, оһуокай, чабырҕах, норуот ырыата, хомуска уһуйар. Араас инструменнарга доҕуһуоллатан оҕолор ыллыыллар. Сылтан сыл ахсын кэнчээри ыччаттара, айар талба талааннара арыллан иһэрэ бар дьоннорун үөрдэллэр, сэргэхситэллэр.

 

Кэнсиэрт үрдүк таһымнаахтык ааста көрөөччү биһирэбилин, сэҥээриитин ыллылар. Бу курдук оҕолорбут ырыаҕыт курдук ыраас санааланан, үҥкүүгүт курдук көтө-дайа сылдьыҥ. Оһуокай курдук түмсүүлээх буолан айар куттаах талааҥытынан бар дьоҥҥутун үөрдэ-көтүтэ сылдьыҥ. Саханы саха дэтэр кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр инникигэ кэскиллээх кэнчээри ыччата буолан үүнэ-сайда туруҥ! Отчуоттуур кэнсиэрпитигэр кыттыыны ылбыт оҕолорбутугар, төрөппүттэрбитигэр уонна көрөөччүлэрбитигэр махталбыт муҥура суох! Кэскилбит кэнчээри ыччаппыт — оҕолорбут сайдалларыгар күүс-көмө буолар таһаарыылаах үлэбит үтүө түмүктээх буоллун, үгүс оҕону түмэ, сырдыкка сирдии турдун!

Фольклор уһуйааччыта Сардана Жакипова, Мастаах бөһүөлэгэ