Сэтинньи — Байанай ыйа. Былыр — былыргыттан иитэн-аһатан олорбут «Аччыгый» күөлгэ күүлэй муҥхата тэрилиннэ. Сарсыардаттан эбэҕэ элбэх киһи тоҕуоруста. Оскуола оҕолоро муҥха сиэригэр-туомугар көрөн үөрэнэн сибиэһэй салгынынан тыынан, үлэ үөрүйэхтэригэр сыстан дуоһуйан кэллилэр. Муҥха сүрүн тойонунан Иван Иванович Кононов иилээн -саҕалаан илдьэ сырытта. Эбэлэрэ биирдии куул аҥардыы собонон күндүлээтэ. Онон Күөх Боллох өттүк харалаах, илии тутуурдаах ыытта. Эбэбит барахсан үтүө хараҕынан мичик гынан, көмүс хатырыктааҕыттан бэркэ күндүлээтэ. Муҥха тэрээһинигэр нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ көхтөөх кыттыыны ылбыттара кэрэхсэбиллээх. Тахсыбыт собону СВО-ҕа кыттыылаах дьонноругар, кырдьаҕастарга түҥэттилэр. Бука бары Иван Кононовка махтал маанытын алгыс үтүөтүн анаатылар. Өрүүтүн даҕаны Байанайдаах буолуҥ!
Баай Байанайбыт өрүүтүн араас булдунан күндүлүү турдун!
Сардаана Жакипова