Дойдум дьоно,дорообо!
Ыллас дьоро киэһэҕэ
Дойдум дьонун иннигэр
Ыллыам таптыыр сүрэхтэн.
Хайдах курдук ис сүрэхтэн этиллибит тылларый? Хоһоон ааптара — Марина Даниловна Комарова. Биһиги нэһилиэк киэн туттар убаастыыр киһибит тарбаҕар талааннаах иистэнньэҥ, уруһуйдьут, тойуксут, оһуокайдьыт, алгысчыт, хоһоонньут Марина Даниловна Комарова кулун тутар 30 күнүгэр норуот айымньытын дьиэтигэр кинигэтин сүрэхтэниитин дьоро киэһэтин ыраахтан-чугастан илин-арҕаа эҥэрдэртэн маанылаах ыалдьыт буолан бу үөрүүлээх күҥҥэ ыалдьыт бөҕө тоҕуоруһа муһунна.
Кинилэр эйэҕэс эҕэрдэлэринэн, айхаллаах алгыстарынан бүгүҥҥү күммүтүн киэргэтиэхтэрэ — диэн үөрүүлээх чааспыт саҕаланар. Сыанабыт маанылаах киэҥ киэлитигэр ыҥырабыт дьоро киэһэ ытыктабыллаах ыалдьытын «Айылҕам хамыйах кэримэ» кинигэ ааптарын Марина Даниловна Комарованы уонна бу кинигэ тахсыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрсибит Марина Даниловна тапталлаах кийиитэ Екатерина Петровна Комарова. Кинигэҕэ Кэбээйи улууһун 2-с Лүүчүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Марина Даниловна хоһоонноро киирдилэр. Ааптар хоһоонноругар саха тылын сүдү күүһэ,төрөөбүт дойдуга таптал,саха киһитин олоҕун ураты көстүүтэ,олоххо дьулуһуута хоһуйуллар. Хоһоонноро ырыа куттаах буоланнар, мелодистар Роман Степанов, Степан Васильев, кини уола Александр Комаров кини тылларыгар элбэх ырыалардаахтар. Оҕолоро,сиэннэрэ уонна да атын үгүс дьон-сэргэ айымньыларын сөбүлээн ааҕаллар,ыллыыллар, куйаар ситимигэр тиийэ киэҥник тарҕанан биһирэбили ылаллар. Марина Даниловна Кэбээйи улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун уус-уран айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэлэр хаһаайкалара. Билигин Кэбээйи улууһун 2-с Лүүчүн бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.»Көмүс сүүтүк»түмсүү салайааччыта, уус-уран оҥоһуктарынан айар үлэнэн дьарыгырар.7 оҕолоох,сүүрбэттэн тахса сиэннээх,хос сиэннэрдээх.
Кинигэ ааптарын эйэҕэс эҕэрдэлэринэн, алгыс маанытын аныы кэллилэр 2-с Лүүчүн нэһилиэгин администрациятыттан А.С. Ксенофонтова, Т.Е. Сметанин аатынан улуустааҕы библиотека дириэктэрэ А.Г. Ионова, Мукучутааҕы олохтоох модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ И.Н. Левина, С.И. Васильев аатынан норуот айымньытын сынньалаҥ киинин художественнай салайааччыта Д.Н. Степанова, Чуораанчык оҕо уһуйаан сэбиэдиссэйэ А.Н. Семёнова, Н.П. Егоров аатынан Мастаах орто оскуолатыттан М.П. Баишева,»Көмүс сүүтүк», «Тускулаана», «Иэйии» түмсүүлэр, Хотун Бүлүүттэн эдьиийдээтэр эдьиийэ Ефросинья Дмитриевна Петрова, Мария Никифорова, бииргэ төрөөбүттэрэ, аймахтара, бииргэ үөрэммит дьүөгэлэрэ уо.д.а. Эҕэрдэ бастыҥа баҕа санаа үтүөтэ убаастабыллаах Марина Даниловнаҕа ананна. Дьэ, тэрээһиммит иккис чааһа ааптар айбыт хомоҕой хоһооннорунан айыллыбыт ырыа буолан кыталыктыы көппүт дьоро чааһы ыллаан -туойан көрсүөҕүҥ диэн улахан кэнсиэрт саҕаланна.Кэнсиэри иилээн-саҕалаан ыытта Эдуард Захаров.
Саҕаланыыта өрөгөй ырыатынан Мастаах гимна бука бары сүһүөхпүтүгэр туран тэҥҥэ ылластыбыт. Бу киэһэҕэ Бүтэй Бүлүүттэн Комаровтар дьиэ кэргэн Александр, Сайаана Куо ырыаларынан, эбээ Марыына хоһоонун дорҕоонноохтук аахта. Куокуйтан кыыһа Оксана Игоревна ылбаҕай ырыатынан бэлэх уунна. Сиэннэрэ Эсланда Тихонова «Мин эбэм»диэн ырыатынан дьонун үөртэ. Хоһооннорун Марыына Обутова,Матрёна Анисимова, Егор Саввинов, Эдуард Захаров итэҕэтиилээхтик ааҕаннар үөртүлэр, долгуттулар. Үҥкүүнэн киэргэттилэр Тускулаана, Талбаана түмсүүлэр. Бүтэһигэр Марина Даниловна үлэлэрин бука бары тахсан көрдөрдүлэр. Хайдахтаах курдук элбэх үлэлэри оҕолоро, сиэннэрэ кэнсиэр кыттыылаахтара бука бары көрөөччүлэргэ сыанаҕа тахсан көрдөрдүлэр. Талааннаах киһи барытыгар талааннаах дииллэр. Кини талаана аҕыс кырыылаах алмаас, дьэрэкээн өҥнөөх кустук тэҥэ чаҕыллар. Олус сылаалаах, ол эрэн умсугутуулаах үлэлэр бааллар эбит. Онтон туох эмэ умсугутар буоллаҕына, киһи кэрэхсэбиллээҕи, үйэлээҕи, туһалааҕы айан таһаарар Марина Даниловна үлэлэрин киһи көрөн сөҕөр-махтайар. Мастаах Далбар хотунун элбэх оҕо тапталлаах күн-күбэй ийэлэрин, элбэх сиэн эйэҕэс эбээтин өссө төгүл сабыс саҥа буруолуу сылдьар кинигэтин сүрэхтэниитинэн ис -сүрэхтэн иэйэн-куойан туран эҕэрдэлиибит. Хомоҕойдук хоһуйбут хоһоонноруҥ ырыа буолан ыраахха диэри дьиэрэйэ туруохтун! Талба талааныҥ арылла турдун, бар дьоҥҥун кыраһыабай, кэрэ оҥоһуктаргынан үөрдэ-көтүтэ, сөхтөрө тур диэн алгыспытын аныыбыт.
Сардаана Жакипова,
Мастаах нэһилиэгэ