Лэтэрэтиирнэй бэстибээл түмүктэннэ

Кэбээйи нэһилиэгэр алтынньы-сэтинньи ыйдарга Кэбээйитээҕи “Сайдам” норуот айымньытын киинин тэрийиитинэн, биһиги биир дойдулаахпыт, буойун-поэт, фронтовик, драматург Т.Е. Сметанин 105 сааһыгар аналлаах, лэтэрэтиирнэй бэстибээл тэриллэн тэрээһиннээхтик ыытылынна.

Бэстибээлгэ нэһилиэкпит холбоһуктаах тэрилтэлэрэ бука бары көхтөөх кыттыыны ыллылар. Күрэх балаһыанньатынан 1 түһүмэххэсуруйааччы хоһоонноруттан лэтэрэтиирнэй ааҕыы, 2 түһүмэххэ — талан ылбыт айымньыларын ис-хоһоонун арыйар инсценировкалары көрдөрдүлэр. Кыттааччылар талааннарын, маастарыстыбаларын айымньылаахтык арыйдылар.

Ол курдук, сэтинньи 9 күнүгэр ыытыллыбыт лэтэрэтиирнэй бэстибээл олохтоох дьаһалта, “Мичээроҕо уһуйаана, ГДЭС, УСХ, баһаарынай чаас, МФЦ тэрилтэлэрэ көрдөрөн түмүктээтилэр. Ол курдук, “Төлөннөөх Түмэппий, дорҕоонноох тойугадиэн ааҕыы уоннаМэхээлэчээн булчутинсценировканы көрдөрөн көрөөччүлэр болҕомтолорун тартылар. Быһаарар сүбэ түмүгүнэн, түмүктүүр холбоһуктаах тэрилтэбастакы күөҥҥэ таҕыста. Ыытыллыбыт бэстибээлгэ тэрилтэлэр эр дьонноро көхтөөх кыттыыны ылбыттарын быһаарар сүбэ тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Онон, Улуу суруйааччыбытыгар анаан ыытыллыбыт тэрээһин нэһилиэкпитигэр сэргэхсийиини, кыттааччыларга өрө көтөҕүллүүнү үөскэттэ.

“Сайдам” норуот айымньытын киинин салайааччыта — Наталья Ивановна Полятинская бэстибээлгэ үлэлэспит култуура үлэһиттэригэр махталын тиэртэ. Тэрээһин түмүгүн наҕараадалааһына суруйааччы Т.Е. Сметанин төрөөбүт күнүн чэрчитинэн, сэтинньи 29 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарыллыаҕа. Тэрээһин иккис чааһыгар Тимофей Сметанин аатынан норуодунай тыйаатыр “Лена долгуннарадиэн поэматтан быһа тардыы истэктээкилин көрдөрүөҕэ.

“Сайдам” норуот айымньытын киинэ.