Күүс-көмө буолаллар

Сииттэбит эрчимнээх, эрэллээх эдэр ыччаттара бу күннэргэ күнү — дьылы баттаһан, тустаах соҕотох олорор дьиэ кэргэттэрбитигэр, кырдьаҕастарбытыгар кыахтара баарынан көмө оҥордулар.

Ол курдук, дьиэ үрдүттэн хаар түһэрэн, муустарын бочкаларга, анал иһиттэргэ оннуларын булларан, муус тиэйэн таһааран, улахан болҕомто ууран, анал көмөлөр бара туралларынан ыччаттарбытыгар ис сүрэхтэн махталларын тиэрдэллэр нэһилиэкпит үтүө санаалаах олохтоохторо.

Инникитин ыччаттарбытын өйөөн, бары биир сомоҕо буолан, дьон үөрүүтун тэҥҥэ үллэстэн, өйөһөн, күүс — тирэх буолан олоруоххайын диэн ыҥырабыт.

Марианна Сивцева