“Кыайыы туһугар” диэн кынат санаа сомоҕолуур

“Илии сылааһа” республикатааҕы сыахтан (сал. И.Е. Саввина) Мукучу филиалын (сал. Н.В. Иванова) иистэнньэҥнэрэ кууһунан матырыйааллары тутаннар, ичигэс таҥастары тигэннэр үлэ үгэнигэр сылдьаллар.

Маллары волонтер-таксист Е.Е. Данилов аҕалла. Тэрилтэ салайааччылара үлэһиттэрин, специалистарын көҥүллээн ыыталлар: ол курдук, “Кэнчээри” уһуйаан (сал. С.Г. Стрекаловская), балыыһа (сал. Т.П. Павлова), кэрэ эйгэ оскуолата (сал. Р.К. Степанов), эдэр урбаанньыт А.Н. Спиридонова, “Дайан” СК (сал. К.Б. Каримова). Аҕа саастаах дьоннорбут күүс-көмө буолаллар: М.С. Ионова, Т.Д. Иванова, Л.В. Степанова сиэлинэн уллуҥ оҥорго бэлэмнэнии үлэтэ бара турар. Р.К.  Алексеева уонна кини дьиэ кэргэнэ куоракка баар сыахха кылаатын киллэрэллэр, соторутааҕыта “НВК” биэриигэ сырдатыы үлэтин ыытыспыта. Алгыстаах саппыйаны бэлэмнээһиҥҥэ (түмээччи В.Е. Степанова) биирдиилээн дьоннор бириэмэлэннилэр эрэ кэлэннэр үлэлииллэр, дьиэлэригэр саппыйа тигэн ыыталлар. “Бигэ” маҕаһыын (урбаанньыт В.П. Ксенофонтов) ыраас уунан филиал иистэнньэҥнэрин хааччыйар.

Ити курдук, мукучулар “Кыайыы туһугар” диэн кынат санаалаах сомоҕолоһон үлэлииллэр.

Мукучу нэһилиэгин пресс-сулууспата.

Читайте дальше