Куокуйга саҥа муоста туруо

Куокуй нэһилиэгин Оҕус Хаспыт учаастагар хаарбах туруктаах муостаттан хаайтаран саас-күһүн массыына сырыыта суох хаалан эрэйдэнээччилэр. Олохтоохтор да, нэһилиэк, улуус салалтата да бу учаастакка муоста тутуутун араас таһымнаах мунньахтарга сылын аайы туруорсаллар.

Кыһалҕалаах боппуруос быйыл дьэ оннуттан хамсаата: СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ САРМ муоста биэрэн, муус устар маҥнайгы күннэриттэн үлэ күргүөмнээхтик ыытыллан саҕаланна.

Ол курдук, биллэриллибит күрэххэ (тендерга) «Дороги Саха» тэрилтэ кыайан, «Кобяйдорстрой» тэрилтэ күүстээх үлэни оройуттан туттулар. Күн бүгүн муоста туруохтаах учаастагар буровой үлэлэр түмүктэнэннэр сваялар турдулар, анал транспортарынан муостаны Кэбээйи сэлиэнньэтиттэн тиэйэ сылдьаллар.

Надежда Илларионова