Ыам ыйа — биһиги сахалар сааскы ыйбыт, хаарынан үллэнэн уһуннук нуктуу сыппыт от- мас сырдыкка, сылааска тардыһан тиллэн кэлэр, тыал суугунугар бигэнэн хамсыыр күн айылгылаах уотугар чээлэй күөх өҥнөөх отпут үүммүтүнэн барар, бу ый Саха саппаҕырбат санаата кыйданар, түбүк- садьык, үлэ- хамнас дьэ бу үөрүүтүн 1 Маай саҕалыыр.
Сандал Саас, Маай, Үлэ, Эйэ бырааһынньыгын Куокуй нэһилиэгин олохтоохторо бырааһынньыктааҕы митинг, СВОҕа сылдьар оҕолорго анал таҥастары, олбохтору, харысхаллары тикпит «Надежда» түмсүү — салайааччы Т.У. Еремееваҕа, түмсүү кыттылаахтарыгар улууспут Аҕа баһылыгын Левин И.И. махтал суруктарын, нэһилиэкпит аҕа баһылыга Павлов Л.Н., эҕэрдэлээн туран олохтоох дьаһалта аатыттан туттарда. Лев Николаевич дьонун- сэргэтин тус бэйэтин, депутааттар советтарын аатыттан эҕэрдэлээтэ. Олохтоох дьаһалта депутааттарын аатыттан Петров В.П, олохтоох Т.Е. Сметанин аатынан библиотека сэбиэдиссэйэ В.Н. Спиридонова, «Дьоһун саас» аҕам саастаахтар түмсүүлэрин салайааччыта Н.Е. Олесова эҕэрдэ тыллары эттилэр.
«Угуйаан» култуура киинин коллектива саас кэлбитинэн уөрэн- көтөн туран ырыаларын бэлэх ууннулар.
Эйэлээх- иллээх олохпут
Эбии тупсуон туһугар эрчимнээхтик үлэлиэҕиҥ,
Эппит- туойбут тылларбыт Эйэ холууба буоланнар
Эйэлээх олоҕу түстуөҕүҥ-
«Бука бары — Суббуотунньукка!»
Бары биир сомоҕо буолан «Сибэкки- биһикки» уонна «Памяти» сквердар хомулуннулар. Ол кэннэ, «Надежда» түмсүүлэр олбох, харысхал тигиитигэр маастар-кылаас ыыттылар, сандалы остуол тула олорон сүбэлэһии-чээйдээһин тэрилиннэ, инники былааннары кэпсэттибит.
Полина Борисова.