Быйыл республикаҕа Үлэ сыла биллэриллибитэ, ол чэрчитинэн Куокуй нэһилиэгэр дьоһун олоҕу олорон ааспыт Союз орденынан мэтээлинэн, ВДНХ знагынан, Союз, Обком Грамоталарынан наҕараадаламмыт үтүөкэн үлэһит дьоммут сырдык ааттарын үйэтитэн «Куокуй нэһилиэгин Үлэҕэ Албан Аат аллеята» проект үлэтэ саҕаланна.
Ол курдук Арҕас бөһүөлэгэр дьоһун олоҕу олорон ааспыт үтүөкэн үлэһит дьоннорбут ааттарын үйэтитэн анал плитаҕа сырдык мөссүөннэрин түһэттэрэн оҥоттордубут, анал «Үлэ Албан Аат аллеята» скверга биир дьоһун миэстэни ылыаҕа.
Екатерина Степановна Павлова – Полятинская — төрдө-ууһа Тыайа нэһилиэгэ. 8 оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ 5-с оҕонон төрөөбүтэ. 5 саастааҕар Павлов Николай Григорьевичка — Олоҥхоһут Сөмөкө Ньукулайга ииттэрэ биэрбиттэр. Кыанар ыалга түбэһэн сахалыы сиэринэн бэрт үчүгэйдик иитиллибит. Улаатан эрдэҕинэ холкуостар холбоһуктара саҕаланан «Карл Маркс» холкуоска дьиэ кэргэнинэн чилиэнинэн киирэллэр. Онтон ыла бүтэн биэрбэт, икки хараҥанан ыпсарар холкуос ыарахан үлэтэ саҕаланар. Сааһын ситэн Павлов Павел Федоровичтыын олохторун холбууллар, уоллаах кыыс оҕолоноллор. 1942 сыллаахха от ыйыгар кэргэнэ сэриигэ ыҥырыллан барар уонна 1943 сыллаахха Севастополь куорат таһыгар хорсуннук өлбүтүн туһунан хара суругу тутар. Кытаанах санаатын ылынан кэргэнин, оҕолорун туһугар күүһүн харыстаабакка үлэлиир.
Кими да иннигэр түһэрбэт бастыҥ от охсооччу, ыанньыксыт, от-мас үлэтин кыайа-хото тутара. Өй – санаа, күүс-уох өттүнэн дьахтар эрэ тэҥнэспэт үлэһит үтүөтэ. Гражданскай сэрии геройа бартыһаан Г.В. Егоров дьаһалынан Кэбээйигэ оскуола тутуутугар нэһилиэктэн оҕуһунан бэрэбинэ таһыспыт үтүөлээх. Карл Маркс аатынан холкуос бастын стахановеһын аатын ылар. Аҕа Дойду Улуу сэриитин кэмигэр тыылга «Килбиэннээх үлэтин иһин” диэн Сталин төбөлөөх мэтээлинэн биир бастакынан наҕараадаламмыта. Оройуон үлэ бастыҥнарын слетун делегата. Кини олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ хос сиэннэрэ салгыыллар. Үлэһит, үтүө киһи аата үйэлэргэ умнуллубат!
Азаров Афанасий Васильевич 1912 сыллаахха Куокуй нэһилиэгэр Кыыбаҕа төрөөбүтэ. Кыра сааһыттан хара үлэҕэ эриллэн үлэлээбитэ. 1943 сыллаахха Аҕа Дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллан Японияны утары сэриигэ кыттыбыта. «Японияны кыайыы иһин», “А5а дойду Улуу сэриитин II степеннээх» орденнаах. 1945 сыллаахха этэҥҥэ дойдутугар кэлэн эйэлээх олоҕу уһансыбытынан барар. Сайынын оттоон, кыһынын көлүүр аттары көрөн куонньугунан үлэлиир.
1950 сыллаахха оройуон бастыҥ үлэһитэ буолан стахановец аатын ылар. 1957-1958 сс, «Карл Маркс» колхуос Бочуот кинигэтигэр киирбитэ. Саха АССР Верховнай Сэбиэт Премиятын лауреата. 1953 сыллаахха Москваҕа ВДНХ кыттыылааҕа.
1956 с. «За Трудовое отличие» мэтээл, 1966 с. «Отличник соц соревнования с/хоз РСФСР», 1967 с. «100-летие В.И. Ленина» мэтээл хаһаайына, үлэ ветерана.
Кини олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.
Максимов Владимир Афанасьевич дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр аата Болодьумуор. 1898 сыллаахха Куокуй нэһилиэгэр Курума диэн сиргэ төрөөбүтэ. Куокуйга бастакы оскуоланы, кулууп дьиэтин тутуспута. Балык артыалын үлэһитэ буолан бронь ылан сэриигэ барбатаҕа. Тыылга хаалан Кыайыы буоларын туһугар сынньанары билбэккэ үлэлээбитэ.
Дэгиттэр дьоҕурдааҕа – мас ууһа, сааһыт, байанайдаах булчут, 80 сааьыгар диэри бултаабыта, сайын аайы 450 тиийэ кыраабылы оҥорон холкуоска туттарара.
Государствоҕа 1946-1958 сс. былаанын аһара толорон элбэх күндү түүлээҕи бултаан туттарбыта.
1957 сыллаахха үлэҕэ үрдүк ситиһиилэрин иһин «Саха АССР үтүөлээх булчута» аат иҥэриллибитэ. Кини олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.
Куличкина Екатерина Васильевна 1920 сыллаахха сэтинньи 2 күнүгэр Чурапчы оройуонун, Хатылы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1939 сыллаахха Чурапчытааҕы педучилищены бутэрэн, учуутал идэтин ылан, ол сыл алтынньы 12 күнүгэр Куокуйга ананан үлэлии кэлэр. Ити кэмҥэ Чурапчы алдьархайа, 41 колхуоһу Обком уурааҕынан көһөрүү ыар сыллара саҕаланар.
Учуутал идэтин таба тайаныы – киһи олоххо үүнүүтүн кыната. Екатерина Васильевна хас да көлүөнэ ыччаты иитэн-үөрэтэн олох сырдык аартыгар үктэннэрбитэ. «1941-1945 сс. килбиэннээх улэтин иһин» Сталин мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Екатерина Васильевна көһөрүллүү эрэйин муҥун көрсөн, ыар кэмин этинэн-хаанынан билбитэ. Олоҕун усталаах туоратыгар төһөлөөх ыччат үөрэхтэнэр ыллыгын тэлсэн, дьолун түстэһэн инники сайдыыга сирдээбитэ буолуой – ити буолар олоххо сэмэй ситиһиитэ, сирдээҕи дьоло… Кини олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.
Павлов Павел Егорович.
1937 сыллаахха Куокуйга Дьакыамаҕа төрөөбүтэ. 1946 сыллаахха Куокуй 4 кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэр. Кэбээйи орто оскуолатын 1956 сыллаахха бүтэрэн баран армияҕа ыҥырыллар. Армияҕа сулууспалаан кэлэн баран СЯНРЭ-ҕа (нефтеразведывательная экспедиция) буровой рабочайынан үлэлиир. Идэтинэн Абакан уобалаһыгар техучилищеҕа үөрэнэр. Дойдутугар Промышленнайга буровигынан үлэлиир. Бастакы газ көстүүтүгэр улахан үтүөлээх. Куокуйга кэлэн колхуоска үлэлии сылдьан 1964 с. биригэдьииринэн ананар. 1965 с. старшай биригэдьиир, 1966 сылтан отделение управляющайынан үрдүк таһаарыылаахтык 24 сыл үлэлиир.
Колхоз үлэтэ үрдүк ситиһиилэнэрин ситиһэр — 1250 ынах сүөһү, 1300 сылгы, 1250 хара саһыллаах оройуоҥҥа биир бөдөҥ хаһаайыстыбанан биллибитэ. Үлэтэ үрдүктүк сыаналанан Саха АССР үрдүкү сэбиэтин Бочуотунай грамотатынан, Ленин 100 сааһын юбилейнай мэтээлинэн наҕараадаламмыта, ССКП 23 уочараттаах партийнай конференциятын делегата, улуус бочуоттаах олохтооҕо. Кини олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.
Винокурова Татьяна Прокопьевна.
Татьяна Прокопьевна оҕо сааһа Дьакыама бэс чагдатыгар ааспыта. Дьакыама – «Карл Маркс» колхуос олоҕо этэ.
Куокуй нэһилиэгэр холкуос саҕаттан үрүҥ илгэни үрүлүтэ сүүрдэн республикаҕа биллибит ыанньыксыт. 1957 сыллаахха хас биирдии фуражнай ынахтан 1243 л. үүтү ыан оройуоҥҥа Бочуот дуоскатыгар тахсыбыта. 1961 сыллаахха ССКП Саха сиринээ5и XXIV конференциятыгар делегат, партия уобаластааҕы комитетын чилиэнэ.
1957 сыллаахха Саха сирэ Россияҕа холбоспута 325 сылыгар Саха АССР промышленноһын, тыа хаһаайыстыбатын уонна культуратын сайдыытыгар үтүөлэрин иһин Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бала5ан ыйын 18 күнүгэр 1957 сыллаах ыйааҕынан Бочуотунай Грамотанан наҕараадаламмыта. Кини олоҕун сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.
Полятинский Лев Степанович.
1928 сыллаахха Куокуй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Полятинский Лев кыра эрдэҕиттэн бултуура, балыктыыра, олох ыарахаттарын билэ улааппыта Кини оҕо сылдьан сэрии кэмигэр бултаабытын туһунан ,хайгаан оройуон «Саҥа олох» хаһыакка суруйбуттара. Кэлин улаатан «Өктөөп уота» холкуос кадровай булчута буолбута. Түүлээҕи бултааһыҥҥа IV квартал 245,5 былаанын аһары толорон оройуон Бочуотун Дуоскатыгар 1946 с. тохсунньу 22 күнүгэр тахсар.
1945 сыллаахха оройуон ыччаттарыттан аан бастакынан сэрии сылларыгар «Үлэҕэ килбиэнин иһин » Сталин мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Кини олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.
Алексеев Иван Степанович.
Бүлүү улууһуттан төрүттээх, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн улахан оҕото. Аймах-билэ дьонноро Бүлүү Илбэҥэтинэн, Лөкөчөөнүнэн тарҕанан олороллор. Эдэр сааһыгар Кэбээйигэ кэлэн олохсуйан Куокуй нэһилиэгиттэн төрүттээх Яковлева Мария Спиридоновнаны кэргэн ылан ыал буолар. Холкуос араас үлэтигэр үлэлиир. Кэлин кадровай булчут быһыытынан ананан государствоҕа күндү түүлээҕи бултааһыҥҥа уһулуччу көрдөрүүтүн иһин оройуон, республика Бочуотун Дуоскатыгар тахсар. Хас да төгүл социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕын аатын ылбыта. Обком, совнарком Үрдүкү Сэбиэтин Бочуотунай грамотатынан наҕараадаланар. Сыралаах үлэтэ сыаналанан ССРС «Үлэ Албан аат» 3 степеннээх орденынан бэлиэтэммитэ. Кини олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.
Павлов Николай Егорович сэрии сылларыгар Карл Маркс аатынан холкуоска кырдьаҕаһы, оҕону-дьахтары кытта хаалан, балыктааһыны тэрийэн дьону-сэргэни хоргуйууттан быыһаабыт улахан үтүөлээх киһинэн буолар. 1944 с. балык бултааһынын былаанын биригээдэ (биригэдьиир Н.Е. Павлов) 156,4% толорон, оройуон, республика социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕынан тахсан Саха АСС Р Совнаркомун уонна БСК(б)П обкомун көһө сылдьар Кыһыл Знамяны ылары ситиспитэ. Кыайыы буолбутун бэлиэтээн Дьакыамаҕа соҕотох оҕустааҕын өлөрөн улахан ыһыах тэрийэн дьонун-сэргэтин үөрдэр, ол үтүө санаа ыһыаҕа күн бүгүн кэрэ кэпсээн буолан кэпсэнэр. Биригэдьиир уһулуччу ситиһиитин иһин Саха АССР үрдүкү Сэбиэтин Бочуотунай Грамотатынан наҕараадаланар,
Сэрии кэмигэр «Килбиэннээх үлэтин иһин» Сталин мэтээлинэн бэлиэтэммитэ. Кини олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.
Игнатьев Семен Петрович.
Куокуй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Эдэр сааһыттан салайар үлэҕэ сыһыаннааҕа, дьоҕурдааҕа. Оҕо сааһа сэрии ыар сылларыгар ааспыта. Дьокуускайдааҕы культурнай-сырдатар оскуоланы бүтэрэн кэлэн, дойдутугар сэбиэт председателинэн, Сииттэҕэ, Куокуйга отделение управляющайынан айымньылаахтык үлэлээбитэ. Партия райкома эдэр кэскиллээх салайааччыны 1970 с. Хабаровскайдааҕы үрдукү партийнай оскуолаҕа үөрэххэ ыыппыта. Үөрэҕин бүтэрэн кэлэн райком пропагандаҕа отделыгар инструкторынан, «Кэбээйи» совхоз парткомун секретарынан 1974-1985 сс. үлэлиир. Кини үлэлээбит кэмигэр «Кэбээйи» совхоз РСФСР көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамяны ылары ситиспитэ.
Наҕараадалара:
— В.И. Ленин юбилейнай мэтээл
— «Гражданская доблесть» бэлиэ
— Улуус бочуоттаах олохтооҕо.
— Обком, совнарком Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Бочуотунай Грамотатынан наҕараадаламмыта. Кини олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.
Захаров Гаврил Иванович.
1920 сыллаахха Куокуй нэһилиэгэр элбэх оҕолоох ыалга төрөөбутэ. Кыра эрдэҕиттэн колхуос араас үлэтигэр үлэлээбитэ. Сэрии иннинэ 1939 сыллаахха учуотчутунан, биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Аҕа Дойду Улуу сэриитигэр от ыйын 9 кунугэр 1942 сыллаахха ыҥырыллан Западнай Белоруссияҕа, Польшанан уоттаах сэриини төлө көтөн Кыайыыны Берлиҥҥэ түмүктээбитэ. «Хорсунун иһин» мэтээллээх дойдутугар кэлэн эйэлээх олоҕу уһансыбыта.
«Кэбээйи» совхозка өр кэмнэргэ ньирэй көрөөччүнэн үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээн «За трудовое отличие»ССРС мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Кини олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.
Гуляев Михаил Николаевич.
1932 сыллаахха Куокуйга Күбээдэккэ төрөөбүтэ. Аҕата эрдэ өлөн ийэлэрэ Аксинья Васильевна оҕолорун бэйэтэ атахтарыгар туруорар. Михаил 4 кылааһы бүтэрэн баран, дьиэҕэ соҕотох эр киһи буолан улахан дьону кытта бултаһан, балыктаһан «Кальвица» артыал балыксыта буолар. Балыксыт үлэтин уустук ньыматын баһылыыр.
Сыл аайы көмүс хатырыктааҕы өлгөмнүк ылан былааны куруук аһары толорон 1957 сыллааха ыам ыйын 18 күнүнээҕи ыйааҕынан Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай Грамотатынан наҕараадаланар. Тобольскай куоракка делегацияҕа киирэн балык булдун опытын атастаһа баран кэлэр чиэскэ тиксибитэ.
Кини олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.
Федотов Данил Афанасьевич.
1941 сыллаахха Куокуй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кэбээйигэ 9 кылааһы бүтэрэн баран Кэбээйи совхозка үлэлиир. Ньурбаҕа 1962-1963 сылларга Мархатааҕы профтех училищеҕа тракторист – механик үөрэҕэр үөрэнэр. Үөрэҕин бүтэрэн баран Кэбээйи совхозка трактористыыр. 1964 сыллаахха дойдутугар Куокуйгэ кэлэн тракториһынан үлэлээн соци алистическай куоталаһыы хас да төгүллээх кыайыылааҕа, оройуон чемпион тракториһын аатын ылар чиэскэ тиксибитэ. 1991 сылтан кадровай булчутунан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Обком, Саха АССР үрдүкү сэбиэтин бочуотунай грамотатынан, «Үлэҕэ килбиэнин иһин» ССРС мэтээлинэн үлэтэ үрдүктүк сыаналаммыта. Улуус бочуоттаах олохтооҕо.
Кини олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ ,хос сиэннэрэ салгыыллар.
Ноговицын Семен Сидорович – Сэмэн Сельскэй 1929 с. От ыйын 24 күнүгэр Ньидьили нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ити саҕана Ньидьили Горнай оройуонугар киирэрэ. 1943 сыллаахха Чагда начальнай оскуолатын бүтэрэн баран салгыы кыайан үөрэммэтэҕэ. “Ыччат күүһэ» диэн балыксыттар артыалларыгар балыктаспыта. Кини оҕо саас диэни билбэккэ улааппыттартан биирдэстэрэ этэ. 1950 сыллаахха Ленин аатынан колхозка суоччутунан, үүт ферматын сэбиэдиссэйинэн үлэлээн баран 1956-1957 сс. орто үөрэх курстарын бүтэрэн ветеринарнай учаастакка үлэлии сылдьан салгыы Нарьян Маар куоракка кыыл иитээччилэр оскуолаларын бүтэрбитэ. 1966 сылтан Куокуй отделениетыгар 39 сыл саьыл ферматын сэбиэдиссэйинэн таьаарыылаахтык улэлээбитэ. Кини салайбыт коллектива сыл аайы оройуоҥҥа, республика5а бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьыбыта. Оройуон, республика Бочуотун дуоскатыгар хас да төгүл тахсыбыта. Государствоҕа күндү түүлээҕи туттарыы былаанын аһары толороро. Хас да төгүл Обком, Совнарком Үрдүкү сэбиэтин бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта. Саһыл ферматын коллектива үлэҕэ үрдүк ситиһиитин иьин ВДНХ быыстапкатыгар кыттар чиэскэ тиксибитэ. С.С. Ноговицын РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, ССРС “Үлэ Албан аат” 3 стиэпэннээх орденынан наҕараадаламмыта, үлэ, тыыл ветерана. Кини айылҕаттан бэриллибит суруйар дьарыктааҕа, 20-тэн тахса сыл оройуон, республика хаһыаттарыгар элбэх хоһоонноро, кэпсээннэрэ, фельетоннара бэчээттэммиттэрэ, киэҥ сэҥээриини ылбыттара. «Мин олорон ааспыт олоҕум суолунан киэн туттабын, көннөрү киһиэхэ балачча үчүгэй, көнө ыраас олоҕу олорон, дьоммун – сэргэбин кытта үлэлээн-хамсаан, үөрэн-көтөн аһардым”, — диэн эппиттээҕэ, чахчыта да оннук…
Кини олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.
Үлэһит, үтүө дьон аата үйэлэргэ умнуллубат!
Нина Олесова, проект ааптара.