Куокуй нэһилиэгэр иистэнньэҥнэр түмсүүлэрэ тэрилиннэ

Куокуй нэһилиэгэр аҕыйах хонуктааҕыта саҥа түмсүү тэрилиннэ.

Салайааччынан Т.У. Еремеева буолла. «Угуйаан» культура дьиэтэ (дир. Илларионова Н.В.) икки хоһу көҥүллээн, Полятинская С.Д. проекка ылбыт икки, кулууп биир иистэнэр массыыналарын уларсаннар, куоракка олорор биир дойдулаахпыт Еремеев Д.У. оверлочнай массыынаны спонсордаан, түмсүү тэриллэригэр бастакы олугу уурдулар.

Анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга «Илии сылааһа» (сал. Саввина И.Е.) тэрийэр III Республиканскай конкурус муниципальнай этабытар «Эрэл» («Надежда») түмсүүбүт хамаанда туруоран, биэс иистэнньэҥ түөрт күн устата кытынна:  Яковлева А.И. (оскуола соцпедагога), Семенова Т.Г. (пенсионер), Игнатьева Р.П. (детсад баспытаатала), Павлова А.П. (пенсионер).

Иистэнээччилэри куонкурус күннэригэр баҕа санаалаахтар аһынан-үөлүнэн хааччыйдылар уонна итии аһы күөстээн аһаттылар.

Кэбээйи нэһилиэгин «Надежный тыл» иистэнэр сыах (салайааччы Терехова К.А.) сүбэлээн-амалаан истилэр.

Куонкурус аһыллыытыгар, сабыллыытыгар ситим нөҥүө сибээскэ тахсыыга Илларионова Н.В. уонна Полятинская С.Д. көмөлөстүлэр.

Баҕа өттүнэн киирэн кыттыбыт-кыттыспыт, көмөлөспүт биир санаалаахтарбытыгар махталбытын биллэрэбит.

Ираида Софронеева, Куокуй.