Куокуй нэһилиэгэр анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга көмө буолар сыаллаах «Надежда» түмсүү иис сыаҕын тэрийэн үлэлэтэр-хамсатар. Көхтөөх волонтердар тигэр таҥастарын арааһа элбэх. Улууспут, өрөспүүбүлүкэ иис сыахтарын кытта бииргэ үлэлэһэн, сүбэ-ама ылан опыттара элбээн иһэр. Хас биирдии волонтер бэйэтэ сыаллаах-соруктаах, эбээһинэстээх.
«Соторутааҕыта биһиги иистэнньэҥнэрбит аҕыйах миэтирэ таҥас ордугун туппуттара. Хас тахсарынан түргэнник тигэргит бэрт буолуо этэ диэн «Илии сылааһа» иис сыаҕын салайааччыта көрдөспүтэ. Кылгас кэм иһигэр түөрт тактическай рубашка, сэттэ футболка тигэн ыыттылар. Тигии хаачыстыбатын бэрэбиэркэлээн тутар Татьяна хайгаата, махталларын тиэртилэр», — диэн кэпсиир Ираида Софронеева.
Сүрүн хаартыскаҕа: Раиса Игнатьева, Татьяна Еремеева. Хаартыскалары Ираида Софронеева тиксэрдэ.