Көмүс күһүн мааны күннэрэ

Сииттэ нэһилиэгэр «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн…» диэн ааттаах олус бэртээхэй ас дьаарбаҥката тэрилиннэ. Манна бэйэ оҥорон таһаарар элбэх бородууксуйата атыыга таҕыста. Бу сэргэх тэрээһиҥҥэ Людмила, Николай Александровтар буотарахтан саҕалаан эт тиэптэлигэр тиийэ, минньигэс халадьыас, ону кытта үрүҥ ас арааһын атыылаан, эбии дохуот аахсан үөрүүлэрэ, махталлара үгүс. Нэһилиэкпит асчыт далбар хотуттара бэйэ оҥорбут кыраһыабай тортарын, сып — сылаас минньигэс бурдук ас арааһын астаан атыылаатылар. Эбэбит барахсан күндүлээбит, эмис хамсыы сылдьар соболоро, борохойдоро, өрүс балыктара, эмис кустара хамаҕатык атыыга бардылар.

 

 

Дьаарбаҕкаҕа кэлбит дьону — сэргэни сэргэхситээри «Көмүс күһүн барахсан.. » диэн ааттаах күрэх буолан ааста. Бу күрэххэ эдэр ийэлэр кыттыыны ылан кэлбит көрөөччүлэри сиэдэрэй астаабыт бүлүүдэлэринэн күндүлээтилэр, «Күһүҥҥү киэһэ иккиэбит…» диэн темаҕа чүмэчилээх остуол сервировкатын тартылар, ону кытта лирическай хоһоон ааҕыытын бар дьонноругар бэлэх ууннулар.

Бу киэһэ көрү көҕүлүттэн туттубут, үҥкүүлээтибит, оонньоотубут, астына сынньанныбыт. Күрэх, дьаарбанка кыттааччыларыгар барҕа махтал тылларын тиэрдэбит.

Марианна Сивцева