Көмөттөн илиитин араарбат

Биир дойдулаахпыт Филипп Иванович Бондарев суһал анал дьайыы саҕаланыаҕыттан дойдуну көмүскүү сылдьар байыастарга көмө оҥорортон илиитин араарбакка олорор. Ол курдук, аптечкалары эмтэринэн толортоон, боростуой сотовай телефоннары атыылаһан уонна да атын элбэх олус наадалаах, туһалаах көмөтүн өрүү ыыта олорор. Маны сэргэ дьону-сэргэни бу суһал дьайыыга сылдьар уолаттарга болҕомтолоох, үтүө санаалаах буоларга көҕүлүүрүн тохтоппот.

Филипп Иванович бу күннэргэ бэйэтин көмөтүн «Якутия с тобой» ресурснай кииҥҥэ илдьэн туттарда. Бу сырыыга кини анал дьайыы байыастарыгар анаан олус туһалаах уонна наадалаах саҥа атыылаһыллыбыт кнопочнай боростуой телефоннары, 300 устуука харысхаллары туттарда.

«Ааспыт сырыыга 2500 устуука харысхаллары оҥорон туттарбытым. Сакаас киирэ турар. Өссө да руно суруктаах харысхалы оҥорорго сакаас ыллым. Биллэн туран босхо үлэлэһэбин. Бэйэм көмөбүн оҥорортон саллыбаппын», — диир Арассыыйа казактарын сойууһун полкатын атамаана Филипп Иванович.

Санатан эттэххэ, анал дьайыыга сылдьар байыастарга смартфоннары туттары олоччу бобор дьаһал тахсыбыта. Смартфоннар байыастар ханна сылдьар точкаларын биллэрэн дроннар эндэппэккэ булан урусхаллыыллара элбээбит.

Онон анал дьайыыга Филипп Иванович ыытар кнопочнай телефоннара олус наадалааҕа чуолкай.

Татьяна Максимова-Лазарева