Кэбээйигэ үҥкүү түһүлгэтэ

Тыйыс тымныылаах кыһын кэнниттэн саас кэлиитэ саамай кэрэ күүтүүлээх түгэн буолар. Айылҕа уһуктан, дьон-сэргэ сэргэхсийэн кэрэни кэрэхсиир, үөрүүлээх  күннэрэ үүннүлэр. Ураты хамсаныылардаах үҥкүү искусствотын пропагандалыырга уонна сайыннарарга анаан, Наталья Полятинская салайааччылаах Кэбээйитээҕи “Сайдам” норуот айымньытын киинигэр үҥкүү күнүгэр анаан, “Үҥкүү түһүлгэтэ” диэн улахан кэнсиэр үрдүк таһымҥа ыытылынна.

Салама, чороон тутаннар, оһуор-ойуу таһааран, нөрүөн-нөргүй биэрэннэр сахалыы тыыннаах үҥкүүттэн саҕалаан, дойду араас омуктарын үҥкүүлэрэ бу дьоро киэһэ сүрэхтэннэ.  Ол курдук, 1 “б” кылаас үөрэнээччилэрэ – нуучча норуотун үҥкүүлэрэ, 2“б” кылаас төрөппүттэрэ кыттыылаах “Узбекскай” үҥкүүлэрэ, 3 “а” кылаастар төрөппүттэрэ оҕолорун кытта “Чукотскай”, 6 кылаастар аныгылыы хамсаныылаах үҥкүүлэрэ ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.

Маны сэргэ, “Сайдам” норуот айымньытын киинин иһинэн үлэлиир “Сардаҥа” үҥкүү бөлөҕө, “Күбэйэ” эбээлэр түмсүүлэрэ – урукку “Тустеп”, “Краковяк” үҥкүүлэри толорон, көрөөччүлэр сүргэлэрин көтөхтүлэр, дьиктилээх иэйиигэ куустаран баай, дириҥ ис хоһоонноох үҥкүүтүн искусствотын мустубут дьон сэргии, сэҥээрэ көрдүлэр, үҥкүү түһүлгэтин кыттыылаахтарыгар ытыс тыаһын бэлэх ууннулар.

“Сайдам” норуот айымньытын киинэ.