П.Д. Степанов аатынан кыраайы үөрэтэр музейбытыгар Нам Түбэтиттэн собоҕо аналлаах түмэл тэрийээччилэрэ ыалдьыттаатылар. Музейбыт төрүт дьарыкпытыгар – балыктааһыҥҥа анаммыт саалатыгар толору муҥха модела уонна араас собо экспонаттара туруоруллубуттар. Марита Афанасьевна Сивцева көрсүһүү саҕаланыытыгар кэлбит оҕолору балыктатан оонньотто – мастан оҥоһуллубут соболору күөгү курдук күрүчүөгүнэн «балыктаан» хас да оҕо бириискэ тигистэ.
Салгыы Марита Афанасьевна собоҕо аналлаах түмэлин туһунан билиһиннэрдэ: “Биһиги Түбэ нэһилиэкпит аатырар Үрүҥ Күөл эбэ аттыгар турар. Тоҕо маннык ааттаммытын туһунан биир үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн Болтоҥо Боотур ааттаабыт. Маҕан миинэр табалаах кэлбитин туос тыынан туоратаннар собо миининэн күндүлээбиттэр. Онуоха «мин табам курдук үрүҥ мииннээх соболоох Үрүҥ Күөл эбит”, – диэн буолбут. Эбэбит күндү минньигэс соботунан аатырар, собо – биһиги саамай күндү баайбыт. 1942 с. Үрүҥ Күөлбүтүгэр балык артыала тэриллибитэ. Саха сирин араас оройуоннарыттан биригээдэлэртэриллэн кэлэн 15 муҥханан тардан биир түһүүгэ 120 туонна собону ылан тураллар. Ити артыал 1947 с. диэри үлэлээбиттэрэ. Артыал тэриллибитэ 80 сылыгар анаан бырайыак толкуйдаан үлэлээбиппит. Маҥнай оҕолор-улахаттар чинчийэр үлэлэрин тэрийбиппит. Онтон дьоммутун хайдах үйэтитэбит диэн үлэ саҕаламмыта. Улахан муҥхаҕа 21 балыксыт кыттара. Онон ити кэмҥэ Түбэбит муҥхаҕа кыттыбыт дьонун мөссүөннэрин оҥорорго быһаарыммыппыт. Дьон сирэйдэрин былыргы хаартыскаларынан оскуолабыт дириэктэрэ уруһуйдаабыта. Ол уруһуйдарынан Арбын оскуолатын технологияҕа учуутала дьоннор сирэйдэрин оҥорбута.Онон бу көрөр муҥха туонатыгар олорон ааспты дьоннорбут тураллар. Таҥастарын саптарын аймахтара тигэн биэрбиттэрэ. Ол саҕана туонаһыт – биир дойдулаахпыт Баай Өлөксөй Бэстирэкиэп сиэнэ Бөҕүл Ылдьаа. Кини сахалартан бастакынан 1947 с. «ССРС балыгын промышленноһын туйгуна» диэн бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Урукку өттүгэр муҥха соботун Эбэҕэ буолбакка үүтээҥҥэ аҕалан үллэстэллэр эбит. Ол иһин үүтээн уонна собону таспыт Мордьоохо оҕус бу тураллар”.
Ити курдук Марита Афанасьевна муҥха моделын уонна собо туһунан коллекциятын көрдөрөн билиһиннэрдэ. Манна бааллар араас собо – баайыы, тимиртэн, туойтан, фарфортан, эриэхэттэн, таҥастан, оҕуруоттан о.д.а. араас собо. Салгыы Егор Авксентьевич Павлов Кэбээйибит муҥхатын уонна муҥхаһыттарын, нэһилиэкпит баһылыга Илья Левин Кэбээйи уонна Нам ситимнэрин, «Нуклеус» оҕо түмсүүтүн оҕолоро чинчийэр үлэлэрин билиһиннэрдилэр.
«Элбэх күөллээх алаастаах, эмис собо балыктаах” Кэбээйибит сиригэр ыаллыы Нам ытык сириттэн саамай күндү туһалаах аһылыкпыт – собо туһунан олус интэриэһинэй түмэл үлэтин билистибит.
Лина Терехова (10 кылаас), Рита Терехова (11 кылаас), “Нуклеус” түмсүү, Кэбээйи оскуолата
Хаартыскаҕа – көрсүһүү түгэннэрэ