Кэбээйи улууһугар саҥа туристическай база ыалдьыттарын күүтэр

Соторутааҕыта Өлүөнэ өрүс үрдүгэр сабыс саҥа туристическай база тутуллан үлэҕэ киирдэ. База дириэктэрэ Василий Винокуровы көрсөн, туох сыаллаах-соруктаах тэриллибиттэрин ыйыталастым.

— Бу туристическай базаны тутууну 2021 сылтан саҕалаабыппыт, «Якутлесресурс» ГАУ тэрилтэ нөҥүө куонкурска кыттан, 2022 сылга ылбыппыт. Тутуутун быйыл саҕалаатыбыт. Билиҥҥи туругунан 6х6-лаах биир гостевой дьиэни уонна 5х5-тээх баанньыгы тутан бүтэрдибит.

Базабыт трофейнай балыктааһыҥҥа анаан тутулунна, Бүлүү өрүс түһэр сиригэр баарбыт. Билигин куорат таһыгар, Эҥсиэли хочотун тардыытыгар манна баар курдук улахан балыктар суохтар, ол иһин куорат олохтоохторугар уонна тас эрэгийиэн дьонугар анаан тэрийдибит. Тоҕо диэтэххэ, мантан хайа үрэхтэрэ Лямпушка уонна Дянышка чугастар. Холобур, Лямпушка 25 км тэйиччи сиргэ баар. Чугас любительскай хатыыһы туттарарга аналлаах учаастак баар, онно эмиэ туристары балыктатыахпыт.

— Хаһааҥҥыттан тигинэччи үлэлээн барар былааннааххыт?

— Эһиил от ыйыттан туристары аҕалардыы оҥосто сылдьабыт. ООО «Алгыс-тур» диэни тэрийдибит. Дириэктэр Михайлов Алексей Владимирович, мин солбуйааччыбын. Тэрилтэбит туристическай оператор лицензиялаах.

-Туристары кытта үлэлии үөрүйэх буоллаххыт?

— Бэйэм өссө биир туристическай базалаахпын «Лазурнай биэрэк» диэн, онно дириэктэрдиибин. Ол базабыт 8 сыл үлэлээтэ. Бу иннинэ Дянышкаҕа тас эрэгийиэннэртэн кэлбит дьону таһа сылдьыбыппыт. Онон туристары кытта үлэлэһэргэ уопуттаахпыт.

— Техниканан хааччыллыгыт хайдаҕый, дьоҥҥутун тугунан таһаҕыт? Хайдах сынньатаҕыт?

— Билигин икки водометтаахпыт, икки катер үлэлиэҕэ, Дьону Түбэттэн таһыахпыт. Сир ортотугар Тайменнай диэн турбаза баар, ону билэр уолбут Евгений Медведев үлэлэтэр. Онно дьоммутун хоннорон баран, сарсыныгар сынньалаҥ соҕустук кэлиэхтээхпит. Турбазалар элбии тураллара дьоҥҥо-сэргэҕэ наадалаах. Холобур, Эдьигээнтэн кэлэн иһэр айанньыттар биһиэхэ тохтоон, оҥостон, хонон-өрөөн ааһаллар.

— Кэбээйи улууһугар бу маннык турбаза аһыллыыта туох туһаны аҕалыай?

— Биһиги үлэһиттэри көрдүүбүт. Кинилэргэ диэн 5х7-лээх сип-панелынан биир туспа дьиэ тутулунна. Туристическай базаҕа ылбычча киһи үлэлээбэт, холобур, биһиэхэ таас үрэххэ водомету сатаан ыытар, сылдьар киһи наада. Оннук киһини булар уустук, ол иһин чугас нэһилиэктэртэн үөрүйэх дьону көрдүүбүт.
Маны таһынан путевка ылан, олохтоохтор төһө баҕарар кэлэн сынньаныахтарын сөп. Сангаартан 80 км., Куокуйтан эмиэ чугас сиргэ баарбыт. Хайа тэллэҕэр турар буолан, ураты, олус кэрэ айылҕалаах. Турбазаны сахалыы сиэри-туому тутуһан алҕаан арыйбыппыт, улуус дьаһалтата өйүүр, баһылык И.И. Левины кытта иккитэ көрсөн кэпсэтэ сырыттыбыт. Кэбээйи улууһугар бу төрдүс турбаза буолар, биир Батамайга баар, биир Сиэгэн Күөлгэ, Петр Соловьев. Нам улууһугар, холобура, 17 турбаза баар.

— Сылы эргиччи үлэлэтэҕит дуу?

— Былааҥҥа баар, оччоҕо эрэ барыска тахсаҕын. Муус аннынан балыктааһыны эмиэ тэрийиэхтээхпит, ол эрээри онно трекел курдук анал техника наада, олор сыаналара наһаа ыараан хаалла. Тас эрэгийиэнтэн трофейнай улахан сордоҥу туттарыан баҕалаах дьон элбэхтэр. Олорго тахсыахха наада.

Базабыт, дьиҥэр куораттан ырааҕа суох, билигин техника сайдан, дьону таһарга чэпчэки буолла. Ол эрээри саппаас чаас ыарааһына кэккэ ыарахаттары үөскэтэр. Дьоҕус авиация сайдыан наада, оччоҕо дьон кэлэригэр-барарыгар табыгастаах буолуо этэ.

Саха сиригэр туристическай салаа сайдарыгар Кэбээйи улууһун кыаҕа улахан, ону туһаныахха наада. Суолун-ииһин логистиката өрүс сүнньүгэр сытар буолан атын улуустартан быдан табыгастаах.

— Дьэ кытаатыҥ, туризмҥа ситиһиилэри баҕарабын.

Виктор Эверстов