Лүксүгүн нэһилиэгэр биир улахан үөрүүлээх күн буолан ааста. Ол курдук, ППМИ чэрчитинэн, нэһилиэнньэ кыттыгастаах элбэх функциялаах оҕо оонньуур уонна улахан дьон дьарыктанар площадкатын үөрүүлээхтик арыйыы буолла. Бөһүөлэкпитигэр ППМИ программанан төрдүс улахан объект буолан бөһүөлэккэ саҥа тутуулар баралларыгар төһүү күүс буолара саарбаҕа суоҕун өссө төгүл дакаастаата.
Олохтоох дьаһалта аатыттан специалист Светлана Николаевна Аржакова эҕэрдэ тыл этэн, долгутуулаах, күүтүүлээх лентаны быһарга чиэс «Ньургуһун» эбээлэр түмсүүлэриттэн элбэх сиэн, хос сиэн эбээтигэр Ирина Васильевна Дьяконоваҕа уонна оскуола директорыгар Алена Яновна Дьяконоваҕа биэрдэ.
Ити кэннэ бөһүөлэк оҕолоругар Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылынан оҕолорбутугар анаан урбаанньыт Ю.В. Федоров бэлэх ууммут минньигэстэрин, утахтарын туттартаан оҕолор үөрүүлэрэ үксээтэ. Маны таһынан подрядчикпыт, урбаанньыт В.Л. Кривогорницына Оҕо сылын бэлиэтээн уһуйааммытыгар сухой бассейн бэлэх ууммута долгутуулаах буолла.
Бырааһынньыкпытын киэргэтэн Мария Дмитриевна Шадрина салайааччылаах, оскуолабыт киэн туттар «Сыдьаайа» уонна «Мичийэ» оҕо ырыа ансаамбыллара эҕэрдэ ырыаларын бэлэхтээтилэр.
Программабыт иккис чааһынан «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» диэн үгэс буолбут дьаарбаҥкабытын арыйдыбыт.
Улахан дьон, оскуола оҕолоро кылааһынан күрэхтэстилэр.
«Дьикти көрүҥнээх оҕуруот аһа» анал ааты — И.В. Дьяконова ылла.
«Айылҕа кэрэтэ — мин таҥаһым» — айылҕа материалыттан тигиллибит таҥас күрэҕэр кырачаан кыттааччыбыт Мия Винокурова уонна 8 кылаас үөрэнээччитэ Настя Петрова кыайыылаах буоллулар
«Күһүҥҥү фантазия — бүлүүдэ» күрэххэ А.И. Варламова уонна 9 кылаас үөрэнээччилэрэ бастыҥнар ааттарын ыллылар.
«Саамай-саамай — сибэкки композицията» — Аржакова С.Н. кыайыылаах буолла.
Атыы-тутуу дьаарбаҥкатыгар нэһилиэк олохтоохторо көхтөөхтүк кытыннылар.
Аукцион тэриллэн биирдиилээн дьон бүлүүдэлэрэ, хамаҕатык сыана бысыһан, үөрэ-көтө атыыланнылар.
Дьэ, ити курдук, үөрүүлээх тэрээһиммит, төһө да халлаан тымныы буоллар, оҕо-аймах, дьоммут-сэргэбит кэлэн дуоһуйа сынньанан, үөрэн-көтөн тарҕастыбыт.
Светлана Аржакова.