Кэбээйи оскуолатыгар бизнес-бырайыактар сайдаллар

Кэбээйи орто оскуолатыгар бизнес-бырайыактар куонкурустара ыытылынна.

Бастакынан клубниканы үүннэриинэн дьарыктанар 8-с кылаас үөрэнээччитэ Каролина Дьяконова бэйэтин үлэтин билиһиннэрэн кэпсээтэ. Бу бырайыак республикатааҕы грантовай куонкурус кыайыылааҕа. Салгыы дьиэ кэргэнинэн, кылааһынан, бөлөҕүнэн бэлэмнэммит араас бырайыактары билистибит.

Ол курдук, учуутал Күннэй Иванова уолунаан гиипсэттэн оҥорбут иһиттэрин уонна дьөлүһүөнү кытта араас оту холбоон бэлэмнээбит чэйдэрин (2 «А», кыл. сал. Шапошникова М.Г.), Кэбээйи эмтээх отторун билиһиннэрбит Айсиэн Кривошапкины (3 «А», кыл. сал. Терехова А.С.), компьютерынан үлэ көрүҥнэрин толорор “Media creator диэн Валя Гуляева, Айна Аргунова (9 «А», кыл.сал. Павлова М.Е.), эмиэ бу кылаас уолаттара ”Мохсоҕоллор” диэн нэһилиэнньэ сакааһынан араас үлэни толорор бырайыактарын интэриэһиргээтим.

 

Саамай Марианна Михайловна Строева салайар 4″А» кылаас бырайыагын сөбүлээтим. Кылаас төрөппүттэрэ оҕолорун кытта эмтээх от арааһын чэйдэригэр анаан хомуйбуттар, сороҕун сэбирдэҕин сүмэтин таһааран ферментациялаабыттар, сир аһын хатарбыттар, анал коробка сакаастаан алта араас набор бэлэмнээбиттэр.  

Мин «Научное лето» республикатааҕы бырайыагынан үс сыл дойдум эмтээх үүнээйилэрин үөрэттим. Барыта 100-н тахса үүнээйини гербарийга хомуйдум. Дьон-сэргэ эмтээх оту балачча туһанар буолбутун анкета көмөтүнэн быһаардым. Ол эрэн барытын хомуйан ыллахпытына бу күндү баайбыт аччыан, эмсэҕэлиэн сөп. Онон наадыйар, туттар үүнээйини дьиэ таһыгар олордон туһанар наадалааҕын көрдөрөөрү мээтэ оту (мята полевая) дьиэ таһыгар олордууну саҕалаатым. Эмтээх оттортон саше (оттон сыттаах мөһөөччүк) оҥорон, үөрэ оттоох уонна мээтэлээх астары уонна утахтары астаан бу куонкуруска кытынным.

Оскуолабытыгар бизнес сайдан эрэр диэн көрдүм, кыттааччыларга сайдыыны уонна үрдүк ситиһиилэри баҕарабын.

Кристина Оконешникова, 11 кылаас, «Нуклеус» пост, Кэбээйи оскуолата

Хаартыскаларгакуонкурус түгэннэрэ