Кэбээйи улууһун Кэбээйи нэһилиэгэр тохсунньу 30 күнүттэн саҕалаан олунньу 2 күнүгэр дылы «Илии сылааһа» хамсааһын (салайааччы Ирина Егоровна Саввина) сыаҕын көҕүлээһининэн үһүс төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх ыытылынна. Күрэх сыала-соруга анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар таҥас-сап өттүнэн хааччыйыы. Күрэххэ уопсайа 13 улуустан 37 хамаанда кыттыыны ылла.
Биһиги нэһилиэкпититтэн «Надежный тыл» (сал. Терехова К.А.) иис сыаҕа маннык күрэххэ иккис төгүлүн кытынна. Сыах иистэнньэҥнэрэ бары биир санааннан, ис дууһаларыттан кыһаллан байыастарбытыгар күүс— көмө буолар туһуттан илиилэрин араарбакка иистэнэн кэллилэр. Бу күрэххэ хамаандаҕа киирэн иистэннилэр Левина Екатерина Филипповна, Дьячковская Туяра Олеговна, Лугинова Зинаида Ильинична, Лугинова Венера Егоровна уонна салайааччы Терехова Кландра Андреевна. Хамаанда түөрт күн иһигэр үс «Эр хоһуун» кэмпилиэги тиктилэр. Ыытыллыбыт матырыйаалынан бэйэлэрэ быһан, биир кэмпилиэккэ ис таҥаһыттан халыҥ сонугар тиийэ 11 суол таҥас арааһын тиктилэр. Түөрт күн устата тикпит таҥастарын ВКС (видеоконференцсвязь) нөҥүө таҥастарын көрдөрөн, дьааһыкка уган бэчээттээн, куоракка ыытарга бэлэмнээтилэр.
«Тус бириэмэлэрин анаан туран бу үтүө дьыалаҕа кыттыыны ылбыт иистэнньэҥнэрбитигэр, сүбэ—ама биэрэн көмөлөспүт биир санаалаахтарбытыгар Докторова Саргылана Ивановнаҕа, Максимова Февронья Васильевнаҕа, Павлова Саргылана Васильевнаҕа, итии минньигэс аһынан күндүлээбит, өйөөбүт Екатерина Ивановна Захароваҕа, Валентина Афанасьевна Кушнареваҕа махталбыт сүҥкэн. «Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ» диэн мээнэҕэ эппэттэр, бу күрэх үтүө түмүктээх буоллун. Хамаанда тикпит сылаас таҥастара саллааттарбыт сүргэлэрин көтөхтүн, санааларын бөҕөргөттүн, уолаттарбыт этэҥҥэ кыайыы көтөллөөх эргиллэн кэллиннэр диэн истиҥ баҕа санаабытын тиэрдэбит», — диир Кландра Андреевна.
Татьяна Максимова-Лазарева