Кальвицаҕа Үрүҥ тунах ыһыах

Самаан сайын чэчирии салаллан кэлиитин, саха дьоно барахсаттар аам-даам аҕыс ыйдаах кыһыны мүччү түһэн күөххэ үктэммит үөрүүлэрин үксэтэр үтүө күннэрэ, Үрүҥ тунах ыһыахтар саҕаланар кэмнэрэ буоллаҕа.
Ыһыах киһи эрэ дууһатын уһугуннарар, барыбытын сомоҕолуур, түмэр биир дьоһун күүтүүлээх саха бырааһынньыга буолар. Быйыл Кальвица сэлиэнньэтэ бэс ыйын 15 күнүгэр бука бары иччилэрбититтэн, айыыларбытыттан, айылҕабытыттан саҥа сирбититтэн көҥүл ылан айах тутан аһатан ыһыахтыыр сирбитин киэргэтэн, сэлэ чэчир анньан ураһа туруорунан, көлүөнэннэн иккис сылбытын ыһыахтаатыбыт. Аныгы киэҥ куйаар ситиминэн богуодабытын көрөн ардахтаах күн буолсу -диэн хомойо санаабыппыт, биһиги үөрүөхпүт быатыгар күммүт сарсыардаттан чэмэлийэ тыган, сөрүүн сылаас тыалынан илгийэн, сайа охсон бэртээхэй күн туран биэрдэ, үөн-көйүүр да суоҕа үөрүүбүтүн үксэттэ.

Ытыктанар ытык кырдьаҕастарбытын, убаастанар ыалдьыттары, оҕону, аймах дьону «Далбар» эбээлэр түмсүүлэрэ Аан аартыкка айах тутан арчылаан айхаллаан көрүстүлэр, ыһыаҕынан уйгу быйаҥынан самаан сайын сатыылаан кэлбитинэн эҕэрдэлээтилэр.

Ыһыахпыт Алгыс түһэриитинэн саҕаланна, тоҕус түптэни унаарытан икки өттүнэн кынаттаан битийэн киирдилэр, уохтаах кытыт биэ кымыһынан, айахтаах амсайбатах араҕас алаадьынан, саха мааны аһынан сыаннан арыынан чаалыйбыт саламаатынан, үрүҥ сылгы сиэлинэн күөмэй тутан Үрдүк Айыылартан, Аал уот иччититтэн Хатан Тэмиэрийэттэн көрдөһөн алгыс анаата СӨ культуратын туйгуна, СӨ норуотун айымньытын тарҕатар бэлиэ хаһаайына, олохтоох бибилэтиэкэ үлэһитэ Екатерина Гуляева. Ыһыах чэрчитинэн Кальвицалар былыргыттан уутуйан үөскээбит удьуор балыксыттарын көрдөрөр былыргы өбүгэлэрбит барахсаттар балыгынан үссэнэн -иитиллэн кэлбит дьон буолалларын «Бөргө үрэх»-диэн балыксыт олоҕун көрдөрөр анал композиция тэрээһининэн саҕалаатыбыт. «Алгыс» сынньалаҥ киин саҥа эдэр салайааччыта А.И. Охлопкова, уус-уран салайааччы А.Е Алексеева көҕүлээһиннэринэн туруорулунна, дьон-сэргэ сонурҕуу көрдүлэр-иһиттилэр. 2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан биллэриллэн «Дьиэ кэргэним — көмүс биһигим» күрэх буолла. Бу күрэххэ Герой ийэ М.Н. Архипова оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэриниин, В.Н. Архипова Кэбээйи улууһун Сангаар бөһүөлэгин Т.Е. Сметанин аатынан бибилэтиэкэ үлэһитэ, оҕолорун сиэннэрин кытта, Гуляевтар дьиэ кэргэн А.Н. Павлова, Кальвица сүрүн оскуолатын алын сүһүөх кылаас учуутала, СӨ үөрэҕин туйгуна, уонна былырыын Кальвицаҕа олохсуйа кэлбит эдэр ыал Саханефтегаз үлэһитэ Л.А. Егоров дьиэ кэргэнэ кыттан «Кэскиллээх дьиэ кэргэн» анал ааты ылла. «Билии биһигэ» дьиэ кэргэн анал аат В.Н. Архиповтар, «Айар куттаах » дьиэ кэргэн М.Н. Архипова ылыан ылла, билигин да сценаҕа кэрэ чуор куолаһынан ыллаан, кэлэр кэнчээри ыччакка холобур буолар, тэрэһиҥҥэ кыттан үөрүүтэ үксээтэ. Күрэх кыайыылааҕынан «Дьиэ кэргэним — көмүс биһигим» анал аат тигистэ Гуляевтарга, А.Н. Павлова.

Киһи барыта сэргиир спорт оонньуутун күрэҕэр биирдиилээн абсолютнай өбүгэ оонньуулара буоллулар. Хапсаҕайга бастакы миэстэни ылары ситистэ Мирослав Петров уонна Герой ийэ М.Н. Архипова харчынан бирииһин хаһаайына буолла. Тутум эргииргэ Е.В. Гуляева туруорбут бирииһин ылла Антон Петухов, быйыл П.П. уонна Ф.Г. Петуховтар оҕолоро, сиэннэрэ төрөппүттэригэр анаан «Күндү дьоммутун үйэтитэн» диэн кинигэ таһаардылар уонна ыһыахха анаан бэйэлэрин анал бириистэрин Саха быһаҕын ыстаҥаҕа туруоран, Денис Азаров анал бириис хаһаайына буолан кыайыы өрөгөйүн ылан үөрдэ-көттө, мас тардыһыыга — Александр Павлов иннин биэрбэккэ абсолютнай кыайыылаах аатын сүктэ, анал бирииһи «Алгыс» сынньалаҥ киин туруорбут «Учур» маҕаһыын сертификатынан наҕараадаланна, хары баттаһыытын абсолютнай кыайыылааҕа — Андрей Петров, эрийсиилээх быыппастар хары былччыҥын оонньотон кыайыы өрөгөйүн биллэ, күрэхпит бүтэһик түһүмэҕэр — кыыһы эккирэтиигэ бары кыттаачылар биэтэккэ тиийэн Вилена Петрованы ситэргэ бэлэмнэнэн турунан кэбистилэр, «Чэ!» — хаһыы бэриллээтин кытта кыыспыт ыстанан кэбисттэ да, иннин биэрбэккэ биэтэккэ сүүрбүтүн кубулуппакка холкутук киирдэ, бастакынан сүүрүү биэтэгэр Антон Петухов эрэллээхтик бастаан «Учур»маҕаһыын сертификатын ылан кыайыы өрөгөйүн, дьон махталын ылан өссө кынаттаммыт курдук буолла. Түһүлгэҕэ төбүрүөннээн олорон баай-талым астаах сандалы көлүөнэннэн тардылынна, манна аҕа саастаах көлүөнэ бастаан уон тыһынча харчыннан бэлиэтэннэ, иккис миэстэни — эдэр ыччат, үсүһү орто көлүөнэ үллэһиннэ. Ыытыллыбыт тэрээһиммит, ыһыахпыт санаа хоту табыллан дьоммут бары астынан ийэ айылҕабытыгар махтанан сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн-хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйан өрүү маннык үүт тураан күннэр, дьыллар турдуннар диэн махтал маанытын анаатыбыт.

Эдэр ыччат дьоммутугар, кэскиллэрбитигэр өссө да ситиһиилэр кэлэ турдуннар. Спортивнай оонньууну тэрийбит СӨ мас тардыһыыга мастарыгар В.И. Гуляевка, «Алгыс» сынньалаҥ киин үлэһиттэригэр барҕа махталбытын аныыбыт, инникитин даҕаны биир сомоҕо түмсүүлээх буолуоҕун. Барыгытын Үрүҥ тунах ыһыахтарынан Кэбээйибит улууһун дьонун эҕэрдэлиибит!

Кальвица бибилэтиэкэрэ Екатерина Гуляева