Сииттэбит сиригэр сааскы күннэр чаҕылыччы тыган, дьон — сэргэ күннээҕи настырыанньалара көтөҕүллэн, олох кэрэ көстүүтүн туоһулаан, күннээҕи тыа ыалын олоҕо салҕанан, айар — тутар күүстэрэ өссө күүһүрэр курдук.
Бу күннэргэ буоларын курдук сүрэхтээх — бэлэстээх тыа киһитэ өлөн — охтон биэрбэт дииллэринии, муус аннынан илимнээн, көмүс хатырыктааҕы ботуччу туттаран астынан — дуоһуйан туран бар дьонноругар үөрдэ — көтүтэ түҥэтэллэрэ дьол.
Ол курдук, нэһилиэкпит бас — көс ыаллара, Агафья, Николай Захаровтар күөх бөллөх оҕонньор тото — хана бэрсибит сибиэһэй соботунан быстах эпэрээссийэҕэ сылдьар оҕолордоох дьиэ кэргэттэргэ маай бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээн туран түҥэттилэр. Дойдубут барахсан бэрсибит, ахтылҕаннаах сибиэһэй соботун тутан, тустаах дьоммут олус үөрдулэр уонна дириҥ махталларын, баҕа санаа бастыҥын үтүө санаалаах Захаровтар дьиэ кэргэттэригэр тиэртилэр.
Ити курдук, сииттэлэр бар дьоммутугар, кырдьаҕастарбытыгар, кыамматтарбытыгар өрүү кыахпыт баарынан күүс — көмө, өйөбүл, тирэх буоларбыт хайҕаллаах суол. Өссө төгүл Кэбээйибит улууһун олохтоохторун сааскы сайаҕас күннэр турбуттарынан, үтүө мааны бырааһынньыктарынан итиитик — истиҥник эҕэрдэлиибит!
Марианна Сивцева