Куокуй нэһилиэгэр «Надежда» иис түмсүү иистэнньэҥнэрэ күннээҕи олохтон быыс булан, анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарыгар күүс-көмө буоланнар үлэ үөһүгэр сылдьаллар.
Ол курдук, нэһилиэк баһылыга Лев Павлов куораттааҕы «Илии сылааһыттан» (сал. Саввина И.Е.) футболка уонна тактическай ырбаахы матырыйаалларын ылан аҕалбыта. Онон саҥа сыал-сорук туруорунаннар иистэнии сэтинньи 4 күнүттэн саҕаламмыта. Буоларын курдук, ким хайдах табылларынан, быыс буллулар да киирэн иистэннилэр, сорохтор дьиэлэригэр ылан тиктилэр.
Ити курдук дьаныһан, 20 футболканы, 15 тактическай ырбаахыны бэлэмнээтилэр. Итини таһынан инники сырыыларга ордубут матырыйааллартан төһө тахсарынан бэргэһэ, куллуку, снуд, балаклава, ыстаан тиктилэр. Үлэ сэтинньи 11 күнүгэр түмүктэннэ.
Ираида Софронеева, Куокуй.