Ийэҕэ ананнын барыбыт махтала…

Сииттэ сиэдэрэй сиригэр Ийэ күннэрин декадатын түмүктүүр истиҥ иэйии ырыалардаах, хомоҕой тыллаах хоһооннордоох, аныгылыы тэтимнээх имигэс үҥкүүлэрдээх, быара суох сытыарар көрдөөх сыаҥкалардаах, аныгы үйэ ииһин, муодатын дьон дьүүлугэр таһааран, көрөөччүлэри сэргэхситэр, бэртээхэй тэрээһин буолан ааста.

Күндү ыалдьыт буолан кэнсиэрпитигэр кэлбит күҥҥэ тэҥнээх ийэлэрбитин, эбэлэрбитин олохтоох дьаһалта баһылыга Семен Тимофеев алгыс тыллаах эҕэрдэтинэн, бырааһынньыктааҕы үөрүүлээх кэнсиэрпитин арыйда. Бу киэһэ быстах операцияҕа сылдьар уолаттардаах дьиэ кэргэттэрбитин, ийэлэрбитин умнубатыбыт. Кинилэргэ анаан бэйэ бородууксуйатын, сибиэһэй ас арааһын бэлэх оҥорон туттардыбыт. Хас биирдии киһиэхэ кыра да болҕомто ууруллара олус наадалаах.

Ийэлэрбит барахсаттарга, санньыарбыт санааларын сайҕыыр, чугас өйүүр дьонноохпут диэн эрэли үөскэтэрэ саарбаҕа суох. Оҕолорбут этэҥҥэ сылдьан, эргиллэн хайаан да кэлиэхтэрэ диэн алгыс тыл маанытын тиэртибит. Ийэ барахсан кыраттан үөрэрин — көтөрүн өссө төгүл сүрэхтэрин сылаанньытаары, минньигэс сакалааттаах, уот кыһыл сүрэхтэри, махталларын, тапталларын толору билинэн, оҕолорбут барахсаттар, ийэлэргэ бэлэх ууммуттара соһуччу олус долгутуулаах түгэн буолан, кэлбит ийэлэрбит оҕолору алҕаан туран сыллаан ыллылар. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ оҕолорбут, ыччаттарбыт, эдэркээн ийэлэрбит дууһаларын ууран туран, ис сүрэхтэн чэпчэкитик кыттыбыттара көрөөччүлэри сэргэхситтэ, уйадытта, олус үөртэ. Бырааһынньыктааҕы кэнсиэрпитин иилээн, салайан ыытта Сииттэ орто оскуолатын эдэр кэскиллээх ыччата, үлэһитэ, Сиэгэн — Күөлтэн төрүттээх Захар Кривошапкин. «Чуораанчык» детсад (сэб. Ольга Александрова) бары үлэһиттэрэ биир киһи курдук тахсан, ийэ туһунан истиҥ ырыаны бэлэх ууннулар. «Иэйии» эдэр ийэлэр (сал. Марианна Захарова) көрү-нары бу киэһэ көҕүлүттэн туттулар, үөрүүнү — көтүүнү бар дьонноругар бэлэх ууннулар. Сииттэ орто оскуолатын (дир. Андрей Новгородов) музыка учуутала Людмила Попова үһүс уонна ахсыс кылаас оҕолоругар тэрийбит ансабылынан тахсан эҕэрдэ ырыа бастыҥын анаатылар. Сииттэбит нэһилиэгэр убаастанар, өр сылларга доруобуйа харыстабылыгар үтүө суобастаахтык үлэлээбит, олоҕун барытын анаабыт, РФ, Саха Республикатын доруобуйаҕа харыстабылын бэлиэ хаһаайката, нэһилиэкпит бастыҥ спонсора Мария Иванова, бу да киэһэ дьонун — сэргэтин, киһи дууһатыгар таарыйар тыллаах, үчүгэйкээн хоһоону ийэлэргэ анаата. Ыччат оҕолорбут дьолу түстүүр вальстара, тэтимнээх үҥкүүлэрэ, ыллаан доллоһутар истиҥ ырыалара, бу киэһэ хас биирдии ийэни, көрөөччүнү долгуппута, үөрпүтэ биллэр.

Ити курдук бары түмсүүлээх буолан, бу киэһэ киирбит үппүтүн Тыайа олохтоохторугар Гуляевтар дьиэ кэргэттэригэр, кырачаан Эрсан этэҥҥэ буоларын туһугар бары үтүө алгыһы анаан туран туттарарга быһаарынныбыт.

Марианна Сивцева.